«Паралимпиадаҕа хайаан да кыттыаҕым…», – диэн бигэ санааны ылынан күн аайы дзюдоҕа, успуорт араас кɵрүҥэр дьарыктанар…
«Туску сонуннара» суруйууларым, олоххо сырдык көрүүлээх иһитиннэриилэрим дьон сэҥээриитин ылан Саха сирин араас муннугар тиийэ кэрэхсэнэллэриттэн сэмээр үөрэбин. Арай биир күн куйаар ситиминэн сурутааччым “мин эйиэхэ биир уолу билиһиннэриэхпин баҕарабын, эн кини туһунан сырдатарыҥ буоллар” диэн таҕыста. «Ол кимий?», «Ханна?», «Туох?» диэн ыйытыкпар видеолары ыыталаата.
Тэттик киинэни арыйа баттаабытым аҥаар атаҕа суох эдэркээн уол тустан кулахачыйарын көрөн олуһун сɵхтүм. Эр бэрдэ кыаҕын көрөн хайҕаатым… Ол кэннэ ийэтин нүөмэрин ыйыталаһан бу уол туһунан билсэргэ сананным. Надежда Степановна – Тойбохойтон тɵрүттээх түɵрт уол оҕо күн күбэй ийэтэ. Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар бастаан соһуйда, онтон уолтан кɵҥүл ылан ватсап нɵҥүɵ саҥарар илдьиттэри ыыталаан барда. Уолаттарын туһунан ийэ барахсан харах уутун таһааран, ханнык эрэ кэмҥэ чуумпуран, сүрүн үксүн киэн тутта кэпсээн кɵхсɵ кэҥээн да ылла.
Айтал ыал кыра оҕото, атырдьах ыйыгар 23 сааһын туолар. Сунтаарга успуорт оскуолатын бүтэрэн, Мииринэйгэ, Чурапчыга эмиэ успуорт кыһаларыгар үөрэнэн, аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта. Сулууспалыы сылдьан Кыайыы күнүгэр улахан параакка кыттыыны ылбытыгар биир дойдулаахтара бары да үɵрэ-кɵтɵ ɵрɵгɵйдɵɵбүппүт. Аармыйа кэннэ «Горный проходчик» идэни баһылаан, Нерюнгрига шахтаҕа үлэлээбит. 2023 сыл балаҕан ыйыгар сөбүлэҥинэн анал байыаннай дьайыыга тылланан барбыт, ол кэмҥэ бииргэ тɵрөɵбүт улахан убайа эмиэ сэрии толоонугар сылдьара. Сэтинньигэ кыл түгэн убайынаан кɵрсɵн икки аҥыы бараллар. Дмитрий сэрии толоонуттан икки бааһырыылаах, «Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ» диэн ааттаах дойдутугар эргиллэр. Оттон Айтал хаалан, дойдутун туһугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан атаҕар улахан бааһырыыны ылан балыыһаҕа киирэр. Ийэтин хомотумаары атаҕа суох хаалбытын ɵр кистээбит. Уолчаан бу күн сиригэр баар саамай күндү киһитин харыстыыр, долгуппат туһуттан оннук сананнаҕа… Саатар, барыта биир кэмҥэ түбэһэн, Сидоровтар дьиэ кэргэннэригэр ыарахан күннэр этэ, эбэлэрэ ыалдьар, ыал орто уола суорума суолланар…
Надежда бу туһунан, бэйэтиттэн да буолбатах, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ийэлэр түмсүүлэрин бɵлɵҕɵр «Санкт-Петербург куоракка балыыһаҕа 22 саастаах эдэркээн оҕо атаҕа суох сытар, кимэ да суох», – диэн суруйууну кɵрɵн, ийэ киһи сүрэҕэ кыланан тутатына билэр-билбэт дьонуттан токкоолоһон барбыта. Ол кэмҥэ барытын билэ-истэ сылдьыбыт дьон уолга эрийэн “ийэҕэр бэйэҥ этэрин ордук этэ” диэн сүбэлээбиттэр. Арай, киэһэ… Айтал видеонан эрийбитигэр, ийэтэ барахсан дьиэлээхтэри барыларын муспут. Арай кɵрдɵҕүнэ мап-маҥан истиэнэ: «Хайа тукаам, бу ханна бааргыный?», – диэбитигэр уола: «Санаторийга сытабын», – диэн баран атаҕын кɵрдɵрбүтэ, хаҥас атаҕа суоҕа… Ийэ ону кɵрɵɵт, билиэт ыла охсон Питергэ, киниэхэ тиийэр. Онно эрэ билбит кырачаан уолчаана хайыы сах уонча эпэрээссийэни ааспытын, үчүгэй быраастар түбэһэннэр этэҥҥэ тыыннааҕын… Таисия Егоровна Тарасова диэн волонтер дьахтар кини оҕотун ийэлии кɵрбүтүн-харайбытын. Сидоровтар Таисияҕа махталлара муҥура суох. Аны этэҥҥэ буолан атаҕар протез кэтээри улахан эрэйи көрсүбүт. Ол онно рентгеҥҥэ түһэрэн уҥуох үүммүтүн билбиттэрэ… эмиэ эпэрээссийэ. Бу курдук, Айтал тоҕус ый устата балыыһаҕа сытан чэбдигирэн, билигин этэҥҥэ. Успуордунан күүскэ дьарыгырар, сүрүннээн дзюдонан. Уол оҕо ырата – аны түɵрт сылынан паралимпиадаҕа кыттыы. Айтал – Дойдубут Бэрэсидьиэниттэн «Хорсунун иһин» диэн иккис истиэпэннээх үрдүк наҕараадалаах. Балыыһаҕа сытан С.М. Киров аатынан байыаннай-медицинскэй академияҕа үɵрэнэн «младший лейтенант» диэн офицер званиеланан, салгыы байыаннай буолар баҕалаах. Билигин Новосибирскайга сɵбүлэҥ түһэрсэн военнай комиссариакка «Старший специалист-эксперт» үлэтин саҕалыахтаах. Толору киһи курдук сананарыгар атаҕар икки протез ирдэнэр эбит. Биирэ күннээҕи олоҕор, иккиһэ успуордунан идэтийэн дьарыгырарыгар. Айтал бу күннэргэ уоппускатыгар ийэтигэр, дьиэ кэргэнигэр, уолугар Айхаҥҥа кэлиэхтээх.
Биир үɵрүүлээҕэ – Айтал балыыһаҕа сытан олоххо аналын, сүрэҕин аҥаарын кɵрсɵн балаҕан ыйыгар уруу тэрийээри бэлэмнэнэллэр.
Манна диэн эттэххэ, эдэркээн уол бастаан олох улахан охсуутуттан соһуйан, ɵмүрэн санаа түһүүтүгэр ылларбыта, салгыы хайдах олоробун диэн ыарахан толкуйдар ыччат киһиэхэ син биир бааллара биллэр. Онтон эр бэрдэ өйүн-төйүн сааһыланан, эр санааны ылынан, Дьылҕа Хаан кини күүстээҕин, барыны бары кыайарын билэн маннык тургутууну тоһуйарын ɵйдɵɵн, Айтал олоҕун уратытык уонна инникигэ ыралаахтык салгыыр. Билигин эдэр киһиэхэ успуордунан умсугуйан дьарыктанарыгар, паралимпиадаҕа тиийэн дойдутун чиэһин кɵмүскүүрүгэр атаҕар электроннай протеһы ыларыгар кɵмɵ буолбут киһи… харахпар, кини ол атаҕа Айталы кынаттаан толору киһи оҥоруоҕа, успуорт чыпчаалыгар дабатыаҕа!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА