Орнитологтар этэллэр: биһиги тыйыс кыһыммытыгар кыстыыр көтөрдөртөн 60%-70%-на аччыктаан, тоҥон өлөр. Хайдах гынан кинилэргэ көмөлөһүөххэ?
Былырыын мин Наталья Самойлова уонна ийэм Любовь Кузьмина сүбэлэринэн “экокормушка” оҥорон саҕалаабытым. Быйыл бу үлэбэр бииргэ үөрэнэр дьүөгэм Сайаана Иванова кыттыспыта, онон Наталия Самойлова салайааччылаах, педагог Августина Попова көмөлөһөн, “Экокормушка” диэн бырайыагы балаҕан ыйыттан тэрийбиппит. Бастаан пааркаҕа киирэн, “кормушкалар” хайдах туруктаахтарын көрбүппүт. Барыта 50-тан тахса баара, онтон үксэ эргэрбит, алдьаммыт этилэр, пластиктан, пластиковай бытыылкалартан оҥоһуллубуттар экологическай өттүнэн кутталлаахтара. Бэлэмнээбит экокормушкаларбытын ыйаан баран, кэтээбиппит: элбэх чыычаах аһаан ааспыта. Онтон маҥнайгы хаар түспүтүн кэннэ көрбүппүт: экокормушкаларбыт суохтар этэ – ол аата чыычаахтар сөбүлээн сиэбиттэр эбит.
Экокормушка диэн тугуй? Бу айылҕаҕа буортуну аҕалбат, аҕыйах кэминэн бэйэтэ суох буолар кормушка. Мин араас көрүҥнэрин оҥорбутум уонна чыычаахтар ханныгын ордороллор эбит диэн манаабытым. Ордук подсолнух сиэмэтин, араас отон эбиилээх эттээх, куруппалаах аһылыгы ордороллор эбит. Онтон маннык састааптаах аһылыгы желатиннаах ууга булкуйан, 2 чаас тоҥордоххо, көтөрдөргө минньигэс, туһалаах “бүлүүдэ” бэлэм. Кинини лабааҕа быалаан баран, ыйаан эрэ кэбиһэҕин. Билигин пааркаҕа чыычаахтар үөрэнэн, илиибититтэн аһыыллар, тииҥнэр да хаалсыбаттар.
Биһиги бу билиибитин оҕолорго тириэрдэбит: табаарыстарбытын экокормушка оҥорорго үөрэппиппит уонна бэлэм “бүлүүдэлэрбитинэн” чыычаахтары күндүлээбиппит. Алын сүһүөх оскуола 4-с «д» кылааһын үөрэнээччилэригэр кылаас чааһа ыыппыппыт. Саха сиригэр кыстыыр көтөрдөр тустарынан, хайдах экокормушка оҥоһулларын кэпсээбиппит. Оҕолор олус сэргээн истибиттэрэ, викторинаҕа кыттыбыттара. Түмүгэр бэйэбит оҥорбут эко-аккырыыккаларбытын бэлэхтээбиппит – бу биһиги бэйэбит толкуйдаан айбыт туһалаах оҥоһукпут. Аккырыыккабытыгар кыстыыр көтөрдөр ойуулара, кинилэр ааттара, экокормушканы хайдах оҥорор туһалаах сүбэлэр бааллар уонна бэлэм көтөр аһылыга сыһыарыллыбыт. Маны туһанан, оҕолор чыычаахтары аһаппыттара буолуо диэн эрэнэбит. Кылаас салайааччыта Сардаана Кривошапкина махталын биллэрбитэ.
Бу үлэбитин элбэх киһи сэргиир, көмөлөһөр. Салайааччыбыт Наталья Самойлова тэрээһиннэрбитигэр тэҥҥэ сылдьыһар, «Сахабулт» Сунтаардааҕы филиалын дириэктэрэ Максим Афанасьев туһалаах сүбэлэри биэрбитэ, “Кириэстээх” СХПК салайааччыта Владимир Егоров хас да мөһөөччүк сиэмэ араас көрүҥүн бэлэхтээбитэ. Гимназия үөрэнээччилэрэ экокормушка оҥорон, пааркаҕа ыйаабыттара. Элбэх сыл устатыгар Сунтаарга кыстыыр көтөрдөрү дьон аһатар эбит: Максим Афанасьев, Диана Прокопьева, Афанасий Самойлов. Кинилэр этэллэринэн: “Көтөрдөрү аһатарга быраабылалары тутуһар наадалаах: туустааҕы, аһыыны, ыһаарыламмыты, бичиэнньэни, килиэби көтөрдөргө бэриллибэт; подсолнух сиэмэтин бэйэтинэн бэриллэр, маҕаһыынтан ылыллыбыт буортуну эрэ аҕалар. Кыһыҥҥы тымныы күннэргэ тууһа суох сыаны бэйэтинэн биэрэр эмиэ туһалаах.»
Онон, кыһыҥҥы тыйыс кэмҥэ кыстыыр көтөрдөргө сүрэхпит сылааһын бэлэхтиэҕиҥ, чыычаахтары аһатыаҕыҥ.
Настя САВВИНОВА,
Сунтаардааҕы гимназия 6-с кылааһын үөрэнээччитэ.