Кыстыыр эппитин булунабыт

Хас биирдии саха ыалыгар кэтэһиилээх идэһэ кэмэ саҕаланна. Кыстыкка киирбиппитин бэлиэтээн сибиэһэй эт сиир дьоро киэһэлэрбит үүннүлэр. Сунтаар улууһугар эт атыылыыр биирдиилээн дьон, хаһаайыстыбалар ынах, убаһа этин хас сыанаҕа атыылаан эрэллэрин туоһуластыбыт.
“Сырдык аартык” кэпэрэтиип салайааччыта Алина Львова иһитиннэрбитинэн: “”Сырдык аартык”СХПОК билиҥҥи ирдэбилгэ толору эппиэттиир сүөһүнү астыыр анал сирдээхпит. Маннык толору хааччыллыылаах буойуна Кириэстээххэ уонна биһиги тэрилтэбитигэр баар. Анал сиргэ астаммыт сүөһү этэ ирдэнэр халыыпка толору эппиэттиир буолар. Ол иһин, оҕо тэрилтэлэрэ урукку сылларга кэлии эти атыылаһа олорбут буоллахтарына, билигин олохтоох этинэн хааччыллар кыахтаннылар. Буойуна 60 төбөнү астыыр былааннаах. Маны таһынан, өҥө быһыытынан биирдиилээн дьон сүөһүтүн эмиэ астаан биэрэбит. Быйыл ынах этин 750 солк. сыаналаатыбыт, иһин 12000 солк. батара турабыт. Астыыр-үөллүүр сыахпытыгар эт кэнсиэрбэтин оҥорон атыылыахпыт”.
Тыа хаһаайыстыбатын салалтата быйылгы идэһэ сыанатын үөрэтэ олорор. Ол курдук, былырыыҥҥы сыананы кытта тэҥнээн көрдөххө эт сыаната ортотунан 50 солк. үрдээбит. Маны сыана уопсай үрдээһининэн бэлиэтииллэр. Тыа хаһаайыстыбатын салалтатын менеджерэ Павел Титов: “Быйыл Сунтаар улууһугар чааһынай дьон, хаһаайыстыбалар  идэһэ сыанатын ынах холун 650 солк., буутун 750 солк., убаһа этин холун 600 солк., буутун 650 солк. батара тураллар. Онтон ынах, убаһа иһэ 12000 солк. иһинэн-таһынан буолар”.

Онон суоттаан көрбүппүтүнэн 3 оҕолоох ыал кыстыыр этин (убаһа+ынах этин) ортотунан 90000 солк. атыылаһар буолан таҕыста.

Мира АФАНАСЬЕВА

(Хаартыскаҕа «Сырдык аартык» буойунатын үлэһиттэрэ)

Читайте дальше