Кырачааннар улуус дьаһалтатыгар ыалдьыттаатылар

Бүгүн уһуйаан иитиллээччилэрэ Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай уонна имидживай бэлиитикэҕэ солбуйааччытын Гаврил Еремеевы уонна Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салалтатын салайааччытын Альберт Ивановы кытта көрүстүлэр. Маннык көрсүһүүгэ дойду, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэстэр кырачаан кыайыылаахтара ыалдьыттыыллара үтүө үгэскэ кубулуйда.

Оҕолор дьоһуннаахтык туттан олорон Гаврил Еремеевтан, Альберт Ивановтан арааһы ыйыттылар: суол өрөмүөнүн, салайааччылар оҕо сылдьан тугунан сөбүлээн  дьарыктаналларын, ону тэҥэ уһуйааннарыгар саҥа робот-конструктор туруорустулар. Ыйытыктарыгар наадалаах хоруйдарын ылан оҕолор астыннылар, ону тэҥэ бэлэх тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Дойду таһымнаах «Деталька» күрэс кыайыылаахтара Санкт-Петербург куораттан аҕалбыт кэһиилэрин туттардылар. Гаврил Еремеев: «Бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх оҕо сахалыы ааттааҕын астына, бэлиэтии көрдүм. Өссө утумнаахтык, ситиһиилээхтик дьарыктанын. Оҕолор ситиһиилэригэр төрөппүттэр, иитээччилэр улахан тирэх буолаҕыт» диэн бэлиэтээн эттэ. Түмүккэ, оҕолор улааттахтарына ким-туох буолуохтарын баҕаралларын кэпсээтилэр. Ол курдук, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кэлэр кэм дойду бэрэсидьиэннэрэ, ветеринардара, кондитердара, полиция үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар. Бүгүҥҥү көрсүһүү оҕолорго өссө биир чаҕылхай, умнуллубат кэми бэлэхтээтэ.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше