Кырачааннар остуоруйа туруоран холоноллор

Тохсунньу 15 күнүгэр Сунтаардааҕы 5-с нүөмэрдээх «Ньургуһун»оҕо сайдар киинин бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун толорууларыгар, эргэ саҥа дьылы көрсө «Килук уонна Лопчуо» хоту дойду остуоруйатын көрдөрдүлэр.


Оҕо кыра сааһыттан кэрэни кэрэхсии үөрэнэригэр уһуйар, такайар иитээччилэрэ Алена Николаева уонна Дария Саввинова түбүктээх үлэлэрин түмүгэ киэҥ эйгэҕэ көстөн дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Иитээччилэр, үлэһиттэр оҕолордуун тэбис тэҥҥэ оонньоотулар. Ону тэҥэ хас биирдии төрөппүт көмөтө, сырата улахан оруоллаах. Ол курдук кырачаан артыыстар сценическэй көстүүмнэрин тигэн, бэрийэн оҕолор оруолларын уобараһын толору арыйалларыгар улахан төһүү буолла.


Остуоруйа биир тыынынан ааста. Көрөөччү долгуйда, хайҕаата, кырачаан оҕолор сыанаҕа тутта-хапта сылдьалларын хас биирдии дьоруой итэҕэтиилээхтик толорбутун биһирээтэ.

Мария ВЛАДИМИРОВА,
сэбиэдиссэйи иитэр үлэҕэ солбуйааччы

Читайте дальше