Сэтинньи ый — Байанай ыйа. Ый саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ араас муннугар муҥхалааһын үгэс курдук ыытылынна. Күөх Боллох Тойон сороҕу мэлиттэ, сороҕу күндүлээтэ. Булт аата булт буоллаҕа. Этэргэ дылы, хас биирдии балыксыт муҥха көҕүн, ымпыгын-чымпыгын сүрэхтиин сөбүлээн, этинэн-хаанынан билэрэ эрэ наада.
Муҥхалааһынтан үстээх эрэ кырачаан дьон даҕаны маппата. Ол курдук, Аллыҥатааҕы «Үрүйэчээн» уһуйаан «Күнчээн» кыра бөлөх иитиллээччилэрэ бүгүн, чэппиэр күнү баттаһа, иитээччи көмөлөһөөччүтэ Надежда Иванова «Бастакы МУҤХАБЫТ» бырайыагынан,  Байанай ыйын чэрчитинэн муҥхалаатылар. Эрдэттэн төрөппүттэргэ ыҥырыы сурук ыыталаан, сарсыардаттан «Үрүйэчээн» күөлүгэр кырачаан «муҥхаһыттар» аһыыр иһиттээх, мөһөөччүктээх  оҥостон аҕай кэллилэр. Бастаан, булчут үгэһин кэспэккэ, Баай Байанайбыт оҕонньору алаадьынан күндүлээтилэр, «оҕолоргор балыкта күндүлээр» диэн сэмээр сипсийэн «күөллэригэр» киирэн, муҥхаларын состулар. Күөх Боллох Тойон оҕолорун матарбата, хас биирдиилэригэр бөдөҥ собону күндүлээтэ. Маны аны хас биирдии саха оҕото сатыахтаах диэн оҕолорго дьиҥнээх собону көрдөрөн ыраастаатылар, балыгы үөһүн ыллылар. Уонна дьэ, ыраастаабыт балыктарын поварга туттаран, эбиэккэ илдьэ кэлбит иһиттэригэр аргыый үөрүүлэрин үллэстэн балыктарын миинин сыпсырыйа истилэр. Утуйан тураат, бултаабыт балыктарыттан аны бөрүөк амсайыахтара. Кырачааннар соччо ситэ-хото өйдөөбөтөх да буоллахтарына, кыра саастарыгар аан маҥнайгытын муҥха диэн тугун билистэхтэрэ, кинилэр эмиэ муҥхалаатахтара.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше