“Күнтэн күүһү иҥэринэн”алтан сэргэҕэ сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна

Быйылгы ыһыахха бастакытын “Күнтэн күүһү иҥэринэн”алтан сэргэҕэ сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна.  Ыһыах түһүлгэтигэр киирэн истэххэ “Аар куйаар мөҥүөнэ Алтан сэргэ” диэн аан дойдуну, куйаары анаарар айылҕа халандаара баарын элбэх дьон сэргии көрөр. Бу ытык сэргэни 2017 сыллаахха Вильям Федоров бырайыагынан Сунтаар уран уустара чочуйан туруорбуттара. Түһүлгэ томторугар 365 таас ууруллубут саха халандаара баар.  Онтон булгунньах ортотугар алтан сэргэ турар. Сиэр- туом кэмигэр алтан сэргэ анныгар кэлэр көлүөнэҕэ анаан кэс тыллар суруллан ууруллубуттарын биллибит. Бу сэргэ  Айыы күүһүн тардар буолан, күн бастакы сардаҥалара түһэн тулалыыр эйгэни арчылыыр уонна киһиэхэ бигэ күүһү биэрэр аналлаах. Ыһыахха кэлбит дьон бу сэргэни таарыйан, имэрийэн күүс-уох, сэниэ ыллылар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше