Күндү ытык-мааны аҕалар!

Оруобуна үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр, 1999 сыллааха, бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев муус устар ый бастакы өрөбүлүн хас сыл аайы өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнүнэн биллэрэргэ Ыйаах таһаарбыта.
Онтон ыла Сахабыт сиригэр сандал саас кэлиитин кытта тэҥҥэ бу бэртээхэй бырааһынньык баар буолбута.
Кырдьыга даҕаны, ханнык баҕарар кэмҥэ биһиэхэ аҕаларбыт суон дурда, халыҥ хахха буолаллар. Ол да иһин муударай салайааччыбыт бу күнү олохтоотоҕо.
Бу билиҥҥи кэрдиис уустук кэмҥэ аҕа оруола хаһааҥҥытааҕар да үрдээтэ. Дойдубут тутулуга суох буолуутун туһугар бара турар сэриигэ биһиги аҕаларбыт хорсун буолуу холобурун көрдөрөллөр. Ол курдук биһиги киэн туттабыт Арассыыйа Дьоруойдара аҕаларбытынан Филипп Евсеевинэн, Дмитрий Егоровынан, о.д.а. хорсун-хоодуот буойун аҕаларбытынан. Биһиги аҕаларбыт олох, үлэ-хамнас бары салаатыгар өрүү инники күөҥҥэ сылдьалларынан киэн туттабыт, холобур оҥостобут.
Улууспут бары аҕаларын бу сааскы биир бэлиэ бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Мэлдьи чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Анатолий ГРИГОРЬЕВ,

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон баһылыга,

Ульяна ПОПОВА,

Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ

 

Читайте дальше