Чэппиэр күн нэһилиэкпит хас биирдии төрөппүтүгэр бэрт сэргэхтик, уратытык ааста. Ол курдук, Аллыҥа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ ааспыт Ийэ уонна Аҕа күнүнэн эҕэрдэлээн тураннар, үтүө тэрээһини ыыттылар. Хас биирдии оҕо төрөппүттэригэр анаан улаханнык кыһаллан туран бэлэмнээбит эҕэрдэ нүөмэрдэрдээх кылгас кэнсиэринэн тэрээһиннэрин саҕалаатылар. Бу манна төрөппүт киһиэхэ аҥаардас «оҕом миигин үөрдээри кыһаллан аҕай турар» диэн саныыра, оҕотун сыанаҕа көрөрө номнуо күндү бэлэх. Салгыы кэнсиэр кэннэ аны оскуола үлэһиттэрэ сорох төрөппүтү кытта бэлэмнээбит станцияларынан маастар кылаастарга, трениннэринэн тарҕаһан сырыттыбыт. Оҕону иитиигэ психологическай тренинг, дьиэҕэ сыт таһаарар диффузоры оҥоруу, нумерология, оҕолор тэрийбит оонньуулара уонна билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах, бары ыл да сатаабат оҕолорбут электроннай дневниктэрин «Сетевой куорат» диэн сыһыарыытын быһааран үөрэтэн биэриилэрэ буолла. Бу күн үлэттэн, дьиэттэн сынньана олус истиҥ, туһалаах киэһэҕэ бука бары кэлбит ийэлэр, аҕалар күлэн, оонньоон тарҕастыбыт. Бүтэһигэр 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ , кылаас салайааччыта Наталья Антонова оҕолор бэйэлэрэ астаан аҕалбыт астарынан ийэлэрин күндүлэээтилэр. Манна ким сатыырынан сорох сымыыт, хортуоска, бэл диэтэр, торт астаан аҕалан, ийэлэрин үөрдэн остуол тэрийэн күндүлээтилэр. Бүтэһигэр ыалдьыттаабыт төрөппүт бары тэрийээччилэргэ, оҕолорго махтал, үтүө тыллаах астына дуоһуйа, оҕолорбут иккис дьиэлэриттэн — оскуолаттан — мичээр, дуоһуйуу аргыстаах тарҕастыбыт.
Надежда ИВАНОВА.