Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Күндэйэ нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылынан, 11 кылаас төрөппүттэрэ уонна үөрэнээччилэрэ, үгэскэ кубулуйбут «Бэйэҥ маскын олорт» выпускниктар аахсыйаларыгар кыттыста.
Күндэйэ оскуолатыгар өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбит Виссарион Петрович Попов, кыыһа Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Лариса Виссарионовна Илларионова олордубут сирень талаҕын үнүгэстэрин аҕалан олордон, оскуолаларыгар бэлэх оҥордулар. Быйылгы үөрэх дьылын Б. Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын 10 выпускник бүтэрэр. Кинилэр быйыл оскуолаҕа саҥа киирбит маҥнайгы кылаас 4 үөрэнээччитигэр, 11 сыл тухары көрөн-харайан үүннэрэллэрин курдук кэс тылларын этэн туран бииргэ олортулар.
Биһиги оскуолабыт тиэргэнигэр араас кэмҥэ бүтэрбит выпускниктарын олордубут араас мастара, талахтара силигилии үүнэн тураллар. Ол курдук рябиналар, акациялар, яблонялар о.д.а. Аны билигин сирень талах маспыт сибэккиитин дыргыл сытынан силигилии үүнүө диэн үөрэбит.
Виссарион Петрович Күндэйэҕэ үлэлиир сылларыгар нэһилиэк экологията тупсарыгар үлэлээбитин билэбит. Кини кэргэнинээн, Раиса Елиферьевналыын, олордубут тополь мастара билигин нэһилиэккэ чэчирии үүнэн тураллар. Түгэнинэн туһанан, төрөппүт кэмитиэтин уонна оҕолор ааттарыттан Лариса Виссарионовнаҕа, 11-с кылаас төрөппүтүгэр Туйаара Ивановнаҕа махталбытын тириэрдэбит. Выпускниктарбытыгар, үгэс ситимин быспакка салҕаан иһэллэринэн, оскуола кэлэктиибин аатыттан махталбытын биллэрэбит.
Медиакиин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ.