Оҕо эрдэхпинэ күнү кытта тэҥҥэ турар, күннүүн утуйар, эппит кэмнэрин куруук тутуһар дьону аҕам «күн чаһылаах» киһи диэччи. Мин бүгүн күннүүн бииргэ сылдьар, күн курдук сылаас, сырдык санаалаах Розалия Степановна, Христофор Иванович Федоровтар тустарынан кэпсиэм. Бу 57 сыл эйэ дэмнээхтик бур-бур буруо таһааран олорор 80 саастарын лаппа ааспыт ытык кырдьаҕастар.
Розалия Степановна Кутана сельпотугар биэкэрдии сылдьан 1965 с. Сунтаарга бэкээринэҕэ бирикээһинэн көһөн кэлбитэ. Онно 2 сыл үлэлээбитин кэннэ Мария Ивановна остолобуойга ыҥыран араас үлэҕэ үлэлэтэн ырааһын, түргэн туттуулааҕын, үлэһитин бэлиэтии көрөн буобарга тиийэ үүннэрбитэ, үлэҕэ баҕалаах кыысчаан Чита куоракка баран кондитер үөрэҕэр үөрэнэн кэлбитэ. Остолобуойга, балыыһаҕа үлэлээбит сылларыгар барытыгар бастыҥ үлэлээх буолан элбэх Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, коммунистическай үлэ ударнига буола үрдээбитэ.
Христофор Иванович 1959 сылтан маһы таҥастыыр кэмбинээккэ үлэлии киирбит. Айылҕаттан кыанар, тэтиэнэх буолан, барыта илии үлэтигэр, ойуурга мас кэрдээччинэн, түрүлүөпсүгүнэн, куруусчутунан үлэлээбитэ. Дьоннор күҥҥэ 400-чэ маһы охторорун сөҕөн кэпсииллэр. Билиҥҥи курдук араас уурар, тиэйэр тыраахтырдар суох буоланнар бары үлэ эт илиинэн, саннынан көтөҕүү – сүгүү этэ.
Билигин эдэрдэр бэйэлэрэ билсиһэн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн уоттаах – уохтаах тапталынан өрө күүрэн холбоһоллор. Бу тапталлара бастакы ыал буолуу моһоллорун туораабакка уостар, арахсан икки аҥы барар түбэлтэлэрэ да баар суол. Онтон мин дьоруойдарым дьуруусканан холбоспуттар. Дьэ, ол хайдах эбитий? Христофор эдэр эрчим сааһыгар сулумах уол буолан эдьийигэр Маайаҕа, күтүөтүгэр Бааскаҕа оҕо курдук бэлэмҥэ олорбут. Буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн кыыс дьахтар диэкки көрөр буолан Ньурба иистэнньэҥ кыыһын сэргээн күөх Ньурбаҕа барсан баран кыыс убайдарын кытта тапсыбакка төннүбүт. Онтон өссө ыраатан Мэҥэ Хаҥаласка күтүөттүү баран баран начаас төннөн кэлэн, бу уол оннун булумаары гынна диэн эдьийэ ыксыыр буолан испит. Сылык, мындыр өйүнэн таба көрөн бырааппар бу кыыс барсыыһы ээ, туттаҕына кыайа тутууһу диэн Розаны сэргии көрбүт. Кыыһы наллаан дьиэтигэр ыҥырбыт уонна Маарыйа Уйбаанабына үгэһинэн туруору эппит буолуохтаах. Ону эдэрдэр эй да, эс да диэбэттэрин иһин хоско хаайталаан баран ааннарын таһыттан олуйан кэбиспит. Биһиги эбэбит морускуой. Итинник хаайыллан билсиһэн баран 2 күнүнэн быһаарсан уоллаах кыыс уопсай тылы булан ыал буолан эдьиийдэрэ куортамнаабыт дьиэтигэр көһөн бастыҥ ыал буолан күн бүгүҥҥэ диэри олороллор. Христофор төһө да хаҥыл буоллар дьахтарга, оҕоҕо сымнаҕаһын бары бэлиэтииллэр. Бу эр киһи бэйэтигэр эрэллээҕин, улахан ис култууралааҕын бэлиэтэ. Уруттаан эттэххэ, бу ыаллар кыыстара ыал буоларыгар эдьиэй Маайалара эмиэ олук уурсубута, сыалаах түһэхтээх дьуруускаһыт буолан билигин бу ыаллар күннэрин бииргэ таһааран, киллэрэн бэрт эйэлээхтик олороллор.
Бу Федоровтар тиэргэннэрэ киирэн иһиэхтэн ып – ыраас, үктэллэригэр саараама биир иһэх хаар суох. Туох барыта анал миэстэлээх. «Маннык ыраас, чөкө буоларга Розам үөрэппитэ»-, диэн аҕа баһылык киэн тутта кэпсиир. Бастаан утаа: «Атаххын соттон киир!» – диэн хаһыылар иһиллэллэр эбит. Дьиэ ис бараанын Христофор тарбаҕар талааннаах буолан ойуулаан – оһуордаан оҥорбут. Ол ыскааптары аһан көрдөххүнээ – лааппы табаара диэн сымыйа. Таҥас барыта ып ыраастык сууллан, өтүүктэнэн, салаппааннанан дьаарыстанан турарыттан харах халтарыйар, тыытыаххын да куттанаҕын, кэтиллэр дуо бу диэх айылаах. Сорох сороҕор, ыксаан таҥас көрдөөн, үттү түрбэйэн баран элэс гынабын, онтон астахпына таҥаһым сирэйбэр да түһүөн сөп. Бу ыалга оннугу көрүөм диэн саараммаккын. Элгээйи түмэлиттэн саҕалаан араас кулууптар быыччык ис барааннарын оҥорбутум диэн үөрэ-көтө кэпсиир.
Дьэ, бу 80-нарын ааспыт дьоннор сир асчыттарыттан мин биир бэйэм отой саллабын. Христофор Иванович сир аһа ханна «тиэрэ үүнэ сытарын» отой чуо билэр буолан, баран «сирэйин ньылбы сотон ылабыт», бу таайбыт тыла. Сороҕор ол тиэрэ үүнүөхтээх сирбититтэн ыт атаҕын да тутан төнүннэрбит ким да кэриэлийбэт, син биир бэйэбит өлүүбүтүн булабыт. Мин Христофор Иванович ийэ айылҕатын олус таптыырын, сир-дойду уратытын билэрин олус сыаналыыбын. Розалия Степановна ханнык да отоҥҥо комбайн диэн тэрили туттубат. Кини отоно ураты бөдөҥ уонна ып ыраас буолар. Сорох иһитигэр куобах сааҕа кытта баар буолар, баара буоллар куобаҕы да угуох быһыылаахпын. Арай биирдэ сугуннуу сырыттыбыт. Сугун хомуйарга эрэйдээҕин, иһит туолан быстыбатын сугунньут эрэ барыта билэр буолуохтаах. Ол күнү быһа хомуйбут сугунун мин кыра уолум биэдэрэтигэр аҕалан саҥата-иҥэтэ суох кутан кэбиһэр, отону этэ да барбаккын. Оҕону наһаа таптыыр, кыһын элбэх барыанньаны, битэмиини сиэтин диэн ис сүрэҕиттэн кыһаллар. Улуус остолобуойугар кулинардаабыт буолан олус минньигэстик астыыр. Сиргэ тахсарыгар араас элбэх минньигэс ыһыктаах барар уонна ол минньигэһин мин оҕом иннигэр өрөһөлүүр. Маннык оҕотугар сылаас сыһыантан хайа ийэ үөрбэт буолуой?! Маннык сылдьыбытын оҕом оҕо сааһын кэрэ өйдөбүлэ гынан куруук махталынан ахтар, Саҥас диэн иһирэхтик ааттыыр.
Бу мааны ыаллар икки кыталык кыыстаахтар, күтүөттээхтэр, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. Улахан сиэннэрэ сир астыылларыгар диэн анаан УАЗ массыына бэлэхтээн эбэлээх эһэтин кэмэ суох үөрдүбүт. Кыыс оҕо аҕатын курдук киһини талар дииллэрэ оруннаах эбит. Кыра кыыстара эмиэ аҕатын курдук түргэн-тиэтэл туттуулаах, чаһы курдук чуоккай, туочунай, эмиэ олус ыраас булчут кэргэннээх. Кыыстаах, күтүөт дьоммут кыана-хотуна сылдьар буоланнар бэлэмҥэ олоробут, куруук сүбэ-ама, өйөбүл буолаллар диэн улахан махталынан ахтыбыттарын үөрэ иһиттим. Билигин даҕаны бэйэтэ да аҕыйах ахсааннаах саха дьонугар оҕо-уруу тэниппэккэ, туохтан эрэ сылтаан( табыллыбатах таптал, өлүү-сүтүү, арыгылыын аргыстаһыы, аһара килбик буолуу…) туос сулумах сылдьааччы элбэх. Ону саастаах дьон сыныйан таба көрөн, барсалларынан бааралаан ыал оҥортообут, саханы элбэппит киһи баар ини…
Бу курдук кусчут, балыксыт, уус, сир асчыт Христофор Иванович, улахан сир асчыт, асчыт, оҕуруотчут, ып ыраас туттуулаах, чөкө Розалия Степановна саха биир бастыҥ ыала буолан өссө да уһуннук сири симээҥ. Сокуонунан саахсаланан олорбуттара быйыл 50 сылын туолар эбит. Онон ытык ыаллар Бочуот кинигэтигэр киирэн үйэлэргэ ааккыт кыһыл көмүс буукубанан сурулуннун!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма,
суруйааччы.