Быйыл баһаартан кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан Сунтаар улууһун территориятыгар этиҥнээх ардахтар кэннэ кураан күннэр сатыылааннар, уот турарыгар тоҕоостоох күн-дьыл туран, уопсайа 20 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Бу баһаардартан бүгүҥҥү күн туругунан 16-та умуруорулунна. Билигин улуус сиригэр-уотугар 4 сиргэ ойуур баһаара баар. Халлаан тыалыран бу ойуур баһаардара тэнийэр, тарҕанар кутталлаахтар. Ол курдук, 13-с №-дээх ойуур баһаара Хоро территориятыгар, Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн 73 км тэйиччи сиргэ баар. Манна билиҥҥитэ уоту умруорууга 53 киһи үлэлиир ПХС -10 киһи, ППС – 22, ДПС – 4, ДПС (Приморскай) – 10, мобилизованнайдар — 2, ДБР – 1, ОГПС штаты таһынан бөлөҕө – 4 киһи).
17-с №-дээх ойуур баһаара Түбэй-Дьаархантан 52 км сиргэ баар. Бу ойуур баһаарын умуруорууга 28 киһи үлэлиир (ойуур охраната, ПХС, Приморскай ДПС, быыһыыр сулууспа, мобилизованнайдар).
20-c №-дээх баһаар Бүлүүчээн сиригэр-уотугар, нэһилиэктэн 87 км сиргэ баар. Баһаары умуруорууга десантнай-баһаарынай сулууспа Мииринэйдээҕи авиаотделениетыттан 11 киһи үлэлиир.
19-с №-дээх ойуур баһаара Куокуну территориятыгар киирэр сиргэ, Тэҥкэттэн 10 км тэйиччи сиргэ баар. Бэҕэһээҥҥи дааннайынан уот ылбыт сирин иэнэ 43,5 гаа ойуур. Манна ППС Сунтаардааҕы авиаотделениетыттан, “Якутлесресурс” ГАУ Сунтаардааҕы филиалыттан уонна мобилизованнайдар – уопсайа 16 киһи уоту умуруорууга үлэлииллэр. Билиҥҥитэ Сунтаар улууһугар баар ойуур баһаарын умуруорууга сыһыаннаах тэрилтэлэр 100 % хабыллан күүстээх үлэни ыыталлар.
Сунтаар улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Николай Александров атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи дьаһалынан Сунтаар улууһугар баар ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ.
Николай Александров, улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
– Билигин вездеход тиэхиньикэни тустаах сирдэргэ паромунан тириэрдии боппуруоһугар үлэлэһэ сылдьабыт. Танкетканы өрүс уҥуор туоратарга Кириэстээх паромун кытта кэпсэтии барар. Маны таһынан баһаары умуруорууга нэһилиэнньэттэн дьону мобилизациялааһыҥҥа үлэлиибит. 19-с №-дээх Тэҥкэ нэһилиэгэр 10 км чугаһаабыт ойуур баһаарыгар сүрүн күүһү уурарга кыһанабыт. Бу ойуур баһаара Тэҥкэттэн төһө да өрүс уҥуор баарын иһин, уоту умуруорууга сөптөөх миэрэ ылыллыбатаҕына, уот эбэни туораан нэһилиэккэ суоһуур кутталлаах.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи оперативнай штабы кытта манна “Бе-200” амфибия сөмөлүөтү аҕалар уонна матрезервэттэн хааччыйыы туһунан кэпсэтиини ыыттыбыт. Хомойуох иһин, халлаан туругуттан, көстүмтүө мөлтөҕүттэн сөмөлүөт көппөтө, матрезервэттэн ойуур баһаарын умуруорарга анал тэриллээх массыына Сунтаарга айаннаан иһэр.
Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн баһаары умуруорууга сүҥкэн көмө баарын бэлиэтээн этэр тоҕоостоох. Уоту утары үлэҕэ Ил Дархан өйөбүлүнэн атын регионнартан байыастар кэлэн үлэлии сылдьаллар. Биһиги Сунтаарбыт улууһун сиригэр ойуур уотун умуруорууга Приморскайтан 22 киһи кэлэн кытта сылдьар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат