Кылааһынан үлэлээтибит

Биһиги,  Сунтаар 1 №-дээх 7-с “в” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Елена Кокарева), Сунтаарбыт нэһилиэгэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр анаммыт бырайыакка көхтөөхтүк кытынныбыт.

Ол курдук, бииргэ үөрэнэр доҕорбут  Дуолан ийэтэ Светлана Егорова «Бүлүү өрүс биэрэгин көҕөрдүү» диэн бырайыагынан өрүспүт кытылыгар кырааска үлэтин ыыттыбыт.  Светлана Викторовна ыйыытынан, көрдөрүүтүнэн, кытылга үүнэн турар мастары харыстыыр сыалтан оҥоһуллубут саҥа күрүөлэри кырааскалаатыбыт.

Өрүспүт биэрэгэ ыраас уонна кыраһыабай көстүүлэнэрэ наһаа үчүгэй.  Нэһилиэкпит тупсарыгар туһуламмыт бырайыакка кыттан, бэйэбит кылааппытын киллэрбиппититтэн олус үөрэбит.

Сунтаарбыт мэлдьи тупса-сайда турдун!

Кирилл ИВАНОВ, 7-с «в» кылаас үөрэнээччитэ

Читайте дальше