Булка олоҕун анаабыт, булт абылаҥар ылларбыт, булчут араас мүччүргэннээх сырыыларын этинэн-хаанынан билбит булчут Прокопьев Валерий Алексеевич күһүҥҥү булт кэмигэр тайахтаабыттарын туһунан суруйан хаалларбытын бэчээттиибит. Валерий Алексеевич бу кэпсээнин кэргэнэ Сара Васильевна 2021 с. таһаартарбыт «Булчут Балыарый Борокуоппайап» диэн кинигэтиттэн ыллыбыт.
Түүлтэн түүл диэбиккэ дылы, биир күһүн тайахпытыгар чаҕылхайдык сырыттыбыт. Күн аайы кэриэтэ сэттэ баайтаһын тайаҕы бултаатыбыт, быс да сыа, бас да хоргун диэн дьэ онно этэ.
«Ээ, сөп буолуо» диэн дойдуга төннөөһүн буолла. Ол күһүн үс буолан тайахтаабыппыт, күтүөт уонна бииргэ төрөөбүт быраатым буолан. Дойдуга киирэн истэхпитинэ, Адархана үүтээнин диэки ыттар үрдүлэр, дьон баар быһыылаах, онно аараан, сонун истэн ааһыахха диэн буолла. Тиийбиппит өссө биир бииргэ төрөөбүт быраатым уонна табаарыһа Миисэ бааллар эбит. Уолаттар «дьыалабыай мас көрө таарыйа тайахха аҕыйах күн хаамтардыбыт даҕаны, ыттарбыт оҕолоро мурукуттан, тииҥтэн ураты булт баарын билбэттэр эбит» дэһэ-дэһэ күлсэллэр.
Бырааттар аһыы олорон миигин ынньаҕалатан бардылар, «тайахсыт ыттардаах киһи хаалан биһигини кытары аҕыйах күн сиэлсэн бар» дэһэллэр. Хайыамый, бырааттарбар хаалар буоллум. Күтүөм аах таһырдьа тахсан сыматтан эт быһа охсон хааллардылар уонна дойдуларын диэки түһэ турдулар.
Арай ол түүн түүл түһүүбүн… Ийэм эмээхсин кэлэн миигин мөҥүтүн да мөҥүтүн буолар, «сылдьарыҥ былаһын тухары бырааттаргыттан былдьаһан-тарыһан тахсаҕын. Сүгүн ааспаккаҕын, бырааттарыҥ иннилэрин быһа хаама сылдьаҕын» диир. Тугу былдьаһарбын ол саҕана өйдөөбөтөҕүм. Уонна уоскуйбут куолаһынан этэр: «Сарсын Адарханаттан Муҥ күөлүн диэки просеканан баран иһэн ыттаргыт үөрү тохтотон үрүөхтэрэ, онно үөмэн киирэн, Миисэни күүппэккэ, эрдэ ыттаххына бултуоххут, эбэтэр ыппакка куоттардаххына Муҥ күөлүнэн, Эрбэһиннээҕинэн курдары дойдулаан хаалаар, ыттарыҥ бырааттаргар тиийиэхтэрэ» уонна мин уһуктан кэлбитим.
Мин ону атыннык тойонноотум, бүгүн тайах бултуур эбиппит эрээри, мин киирэн урут ыттахпына быһыылаах диэн өйдөөбүтүм. Ээ, өссө интэриэһинэйэ диэн, ийэм эмээхсин ол тайахтаргар киирэргэр аттаргытын тииккэ баайбыт миэстэбитигэр бырааттарыҥ сарсын аттарын баайдыннар диэбитэ, ону эмиэ сатаан быһаарбатаҕым, баҕар сарсын эттэрин подвозкалыылларын эппитэ дуу дии санаабытым.
Түүл ырыта олоруохпут дуо, сарсыарда сып-сап аһаан сиргэ сиэлэ таҕыстыбыт, эмиэ үс буолан. Адархана просекатынан Муҥ күөлүн диэки хаамтаран иһэбит, ыттарбыт бары иннибитигэр эйэҥэлэһэ сылдьаллар. Үөһээ сис түһүүтүгэр кыра сиһиктээх сир кэллэ, аргыый сиһиги силэйэн баран истэхпитинэ, били иннибитигэр сылдьыбыт ыттарбыт дьэ буолан хаалан турдулар ээ, өрө-таҥнары ытыллаат, бары просека хаҥас өттүгэр сус гынан хааллылар. Биһиги аттартан түһэн ыттар үрэллэрин иһиллээһин буоллубут, син чочумча турбалаабыппыт кэннэ, биһигиттэн 2 км сиргэ ыттарбыт үрэр саҥалара өрө оргуйа түстэ. Ити иһиллээн турбут сирбититтэн чугаһынан өссө биир просека үрэхтэн дойдулуур суолу быһа ааһара, биһиги ол просекаҕа киирэн аттарбытын быһыта биэртэлээн кэбистибит.
Ол 1-2 км сири өр гыныахпыт дуо, начаас батыгыратан тиийдибит. Ыттарбыт просекаттан ырааҕа суох сиргэ үрэн ый-хай бөҕөтүн түһэрэ сылдьаллар. Просека кытыытыгар турар биир өкөгөр тииккэ аппын баайдым, Сэмэни аттарга хааллардыбыт уонна бэйэбит Миисэлиин ыта киирдибит. Мин инникилээн иһэбин, Миисэм миигиттэн уонча миэтэрэ хаалан, мастар кэннилэригэр сөрүөҥнүүр, киһибин ыксатан илиибинэн далбаатаан ыҥыра сатыыбын даҕаны киһим үөмэн иһэр скораһын эппэт курдук.
Ыттарым олох субу чугас бэрдьигэстэргэ үрэ сылдьаллар эрээри, тайахтарым көстүбэттэр, үөрү үрэ сылдьалларын билэн турабын. Саабын ытардыы бэлэм тутан олоробун, кэннибин хайыһан көрбүтүм Миисэм син чугаһаабыт. Ол олордохпуна, биир орто лөкөй бэрдьигэстэр быыстарыттан ойон таҕыста, ытан иһэн тыһыта ханна сылдьарын көрдөөччү буолуохпар диэри лөкөйүм төттөрү бэрдьигэстэр быыстарыгар киирэн хаалла. Ону кытары ыттарым саҥалара ньим гына түстэ. «Тоҕо бэрдэй, ыыттылар» дии санаан эрдэхпинэ, син тэйиччи аҕыйахта ньух-ньах диэн үрэн ыллылар уонна ыт саҥата хабырҕаны быспыт курдук сүппүтэ, бүттэхпит ол.
Миисэм аттыбар кэлэн кэтэҕин тарбана турар, хайыахпытый, Сэмэммитигэр төнүннүбүт. Ол баран иһэн ийэм эмээхсин тоҕо мөҕүттүбүтүн барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаардым, өйдөөтүм даҕаны. Уолаттарга тиийэн, билигин туох да тыаһа-ууһа суох үүтээҥҥитигэр төннүҥ, ыттарым түүн эһиэхэ тиийэллэрэ буолуо, сарсын эмиэ ити бүгүн кэлбит маршруппутунан кэлээриҥ, оччоҕо бултуйууһуккут быһыылаах, мин билигин мантан дойдулаатым диэтим. Уолаттарым өйдөөбөтөх курдук өрө көрөн кэбистилэр.
Түүн ыттарым иккиэн уолаттарга үүтээннэригэр тиийбиттэр этэ. Сарсыныгар уолаттар, эппитим курдук, бэҕэһээҥҥи маршруттарынан бараллар. Ол баран истэхтэринэ, били бэҕэһээҥҥи ыттар сүүрэкэлэспит сирдэригэр ыттар эмиэ өрө-таҥнары сүүрсээт, просека хаҥас өттүгэр ыстаммыттар. Уолаттар ол сирдэригэр аттарыттан түһэн иһиллээн турдахтарына эмиэ бэҕэһээ тайахтары үрбүт сирдэригэр ыттар үрүүлэрэ өрө оргуйа түһэр. Уолаттар аттарын быһыта биэртэлээн кэбиһэллэр уонна эмиэ били мин аппын баайбыт өкөҕөр тииппэр кэлэн хорус гына түһэллэр. Аттарын нэһиилэ успейдаан маска баайталыыллар, ону кытары бэрдьигэстэри тобо силэйэн биир лөкөй уолаттары көрбүтүнэн утары атаралаан кэлэр. Уолаттар сааларын туһаайа тутаат, төлүтэ тардыталаан кэбиһэллэр, ону кытары лөкөйдөрө просека ортотугар умса хоруйар. Бырааттар бултаатахтара ол.
Ол лөкөй били ынах курдук биир уһун муостаах убийца лөкөй этэ, муоһун төрдө модьута сүрдээҕэ. Уолаттар ити күн лөкөйдөрүн просека кытыытыгар саайбалаан кэбиһэллэр, кэлин бырааһынныктыы, сууйа-сото таарыйа мотоциклларынан кэлэн эттэрин тиэйиэх буолаллар. Үүтээннэригэр тиийэн ыргыччы эт буһарынан тото-хана аһаан, сарсын сарсыарда эрдэ дойдулуур дьон быһыытынан утуйан буккуратан хаалаллар. Сарсыарда туран аһаан-сиэн, аттарын тутан, сэм сээкэйдэрин хомунан-иминэн дойдулаары турдахтарына, арай дойдулуур суол диэки, Бэс күөлэ диэн сир туһаайыытынан ыттар үрэллэрин истэллэр. Дойдулуур суолбут диэки үрэллэр эбит, иһиллии-иһиллии хаамтара туруохха дэһэллэр. Саҥа хаамтаран эрдэхтэринэ ыттар сүтэн хаалаллар. Уопсайынан ыттар үрэллэрэ иһиллибэт буолан хаалар, онно эбии халлааннара тыалыран барар, уолаттар ыттар сүппүттэриттэн ытырыктатан бараллар, ыттар суохтар, үрбэттэр даҕаны. Ээ, чэ, ыттары күүтэ таарыйа Адарханабыт үүтээнигэр төннүөххэ диэн онно бараллар. Ол баран истэхтэринэ, үүтээн таһыгар биир обургу айаан баарыгар, элбэх ыт үрэн ый-хай бөҕөтүн түһэрэн киирэн барбыттар. Бырааттар аттарыттан түһэн айаан кэриитигэр баайталаат, ыраас айаан устун иккиэн ыттар үрэр сирдэрин диэки түһүнэн кэбиһэллэр. Айааннарын ортолоһон эрдэхтэринэ, кэрииттэн ыттартан мүлчү туттаран оҕолоох тыһы тайах сиэлэн иһэллэрин көрөн айаан быыһыгар хаптас гыналлар, тайахтара субу кэлбитин манаан олорон, эр-биир умсарыта биэртэлээн кэбиһэллэр.
Тайахтарын бултаан баран көрбүттэрэ, араас сирэйдээх-харахтаах ыт барыта баар үһү. Уолаттар тайахтарын астыы сырыттахтарына, биэс аттаах киһи дибдитэн кэлбит, көрбүттэрэ бары тастыҥ бырааттарбыт, биир бииргэ төрөөбүт бырааппыт эҥин бааллар үһү. Ити күн ол бырааттар эмиэ Кыыл муоһун үүтээнигэр хонон баран дойдулаан испиттэр, ол истэхтэринэ Бэс күөлүн суолун туораан оҕолоох тыһы тайах ааспыт суола кумахха бу дьэрэлийэ сытар үһү. Ыттарын оҕолоро бары бурхас гынан хаалбыттар уонна ырааппакка үрэн киирэн барбыттар, эдэр уолаттар омуннарыгар ураа эрэ хаһыытаабакка саба сырсан киирбиттэригэр тайахтара бурхас гынан хаалбыттар. Дьэ уонна этиһэ-этиһэ ыттарын көрдүү, иһиллии бараллар, ыттарын оҕолоро бары төннүбүттэр курдук кэпсээбиттэрэ. Арай биир ыт оҕото эрийсэн сырса сылдьыбыт курдук. Ол сырса сырыттаҕына тайахтара эргийэн Адархана диэки түһэн истэхтэринэ, били мин улахан ыттарым перехваттаабыттар быһыылаах. Онтон эрийэн үрэн Адархана айааныгар тохтотоллорун саҕана, били бырыыс-бытырыыс ыттар бары кэлбиттэрэ буолуо, онтон өр буолбакка ол бырааттар дибдитэн кэлэллэр.
Онон ол күһүн ийэбит эмээхсин бырааттарын, уолаттарын тайах этинэн амсаталаан турар.
Балыара. 21.02.2019 с.