Кыһамньылаах быраас

Мин бүгүн кэпсиир бырааһым – эндокринолог Степан Васильевич Тихонов. Кини үөрэҕин бүтэрэн баран, өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар үлэлээбитэ.

2012 сылтан Сунтаарга үлэлии сылдьар. Сиэстэрэтэ — Ольга Захарова.  Ааспыт сыл түмүгүнэн улууска 600-чэ киһи сахарнай диабеттаах баар эбит. Кинилэри барыларын уонна саҥа ыалдьыбыттары улууска соҕотох эндокринолог көрөр, эмтиир.

Улууспутугар диабеты утары охсуһууга аналлаах нэдиэлэ ыытылынна. Онно бырааспыт Степан Васильевич бу ыарыыттан хайдах харыстанар, эмтэнэр туһунан бэсиэдэлэри оҥордо. Биһиги онно сылдьан элбэҕи биллибит, мунаарар ыйытыыларбытыгар  туһааннаах хоруйдары ыллыбыт. Инньэ гынан диабеттаах дьоҥҥо олус туһалаах тэрээһин ыыппытын иһин Степан Васильевичка махтанабыт.

Светлана СЛЕПЦОВА, Сунтаар

Читайте дальше