Аҕам саастаахтар декадаларыгар
Нэһилиэккэ алтынньы 10 күнүгэр «Алгыс» култуура киинин балаҕаныгар Аҕам дьон декадаларын чэрчитинэн олохтоох дьаһалта (баһылык Н.В.Давыдов) тэрийбит остуолугар мустан аҕам дьон ирэ-хоро кэпсэттилэр, ыллаатылар, араас көрдөөх оонньуулары оонньоотулар. Бу бэлиэ түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, нэһилиэк баһылыга Николай Давыдов быйыл үбүлүөйдээх дьоҥҥо анал бэлэҕи туттарда. Ол кэннэ култуура киинэ бэлэмнээбит эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрөн, дуоһуйа астынан, сынньанан тарҕастылар.
Булт, үүнээйи, сир аһын бэлэхтээтилэр
Аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн «Алгыс» култуура киинэ анал аахсыйаны тэрийэн ыытта. Ол курдук, ким баҕалаах култуура киинигэр ас арааһын аҕалан биэрдилэр. Киирбит ас нэһилиэк аҕам саастаах дьонугар түҥэтилиннэ.
«Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» улуустааҕы күрэс
Алтынньы 13 күнүгэр «Алгыс» култуура киинигэр дойдуга Педагог уонна Аҕа сүбэһит, Саха сиригэр Үлэ уонна Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылларыгар анаммыт нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” улуустааҕы норуот айымньытын күрэһэ буолан ааста. Онно кутаналар холбоһон барыта 12 нүөмэри бэлэмнээн туруордулар.
Бэлэмнээтэ Гаврил АНДРЕЕВ