Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаатын үлэһиттэрэ «Ааҕар Сунтаар» бырайыак чэрчитинэн «Кутаа кэпсээннэрэ» диэн дьоҕус кинигэни оҥорон таһаардылар. Кинигэҕэ олохтоох ааптардар 17 айымньылара киирдэ. Тэрийээччилэр кинигэ сүрэхтэниитигэр кэпсээннэр ааптардарын кытта илэ кэпсэтиини олохтообуттара тэрээһин ураты, истиҥ тыыннанна.
Ордук эр дьон булт абылаҥын туһунан ирэ-хоро сэһэргээтилэр. Кэрэ аҥаар суруйааччылар эмиэ булка үөрүйэхтэрин, уһуйуллууларын туһунан кэпсээбиттэрэ элбэх дьон болҕомтотун тарта.
Кинигэҕэ обургу оҕолор суруйбут кэпсээннэрэ эмиэ киирбиттэр. Ордук эдэр дьон булт туһунан суруйуулара дьон болҕомтотун тардарын бэлиэтээн эттилэр. Кинигэҕэ булка буолбут түбэлтэлэр кэпсэнэллэрэ киһини умсугутар диэн кинигэни аахпыт дьон санаатын үллэһиннэ. Кинигэ 50 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
Л.А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ салайааччыта Изабелла Жиркова: “Кинигэ төһө да дьоҕус буоллар, биһиэхэ олус күндү. Аан бастаан бибилэтиэкэ иһинэн бэйэбит үлэһиттэрбит таҥмыт, эрэдээксийэлээбит (көннөрбүт), бэчээттээбит кинигэбит буолар. Мантан инньэ дьоҕус кинигэлэри таһаарарга холонон көрүөхпүт”, — диэн кэлбит дьоҥҥо сонунун үллэһиннэ.
Мира АФАНАСЬЕВА