Курскай Тоҕойго – эһэлэрбит суолунан…

Модун Арассыыйа историятыгар атырдьах ыйын 23 күнэ – Аҕа дойду Улуу сэриитин быһаарыылаах чыпчаалынан буолбут Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыы түмүктэммит бэлиэ күнүнэн киирбитэ. Бу кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа өстөөҕү утары 1 мөлүйүөн байыаһы, 5000 тааҥканы, бэйэтэ хаамар артиллерийскай установканы (САУ), 26 тыһыынча пушканы, миномету туруорбута. Сунтаар дьоно бу улахан, суолталаах кыргыһыыга эмиэ кыттыыны ылбыта биллэр, диэн «Сунтаар сонуннара» хаһыат суруйар. Биир киэн туттар киһибит, Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ Николай Михайлович Ващенко Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев эһэтэ буолар, кини Курскай Тоҕой кыргыһыытын кыттыылааҕа:

1943 сыллаахха Аҕа дойду биир быһаарыылаах кыргыһыыта буолбута. Бу кыргыһыы уратыта диэн улахан тиэхиньикэнэн сэриилэһии этэ. Онно аан бастаан аатырар “Катюшаны” көрөн сөхпүтүм. Бу кыргыһыыга биһиги расчеппут 1200 снаряды ыппыта. Уонунан хонук утуйбакка быыстала суох сэриилэспиппит…” диэн кинигэтигэр ол уоттаах кыргыһыы туһунан ахтан ааспытыттан киллэрдибит. Сунтаарга Николай Михайлович өр сылларга Промкомбинакка үлэлээн “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьанынан наҕараадаламмыта.

Николай Михайлович кэргэнинээн Анна Егоровналыын 9 оҕону төрөтөн, элбэх уруу-аймах тэнитэн Ващенколар удьуордара салҕанар. Бастыҥ минометчик Николай Михайлович сиэнэ, дойду Дьоруойа Филипп Евсеев дьоруойун бэлиэтин Владимир Путинтан Курскай Тоҕой 80 сыллаах үбүлүөйүгэр ылбыта умнуллубат түгэн буолбута. Ол күн Филипп хорсун сырыылардаах эһэтин бойобуой суолун ахтан-санаан ааспыта, улахан наҕараадатын киниэхэ анаабыта. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьоруой эһэтигэр Николай Михайловичка Курскай Тоҕойго кыайыыны ситиспитин иһин махтаммыта, ону тэҥэ хас биирдии Арассыыйа олохтооҕугар “генетическэй код” баарын бэлиэтээн эппитэ. Филипп эһэтин удьуордаан эмиэ Дьоруой үрдүк аатын сүкпүтүнэн эҕэрдэлээбитэ. Билигин дойду Дьоруойа Филипп Евсеев Хабаровскай кыраайга сулууспатын чиэстээхтик толоро сылдьар. Дьиэ кэргэнигэр суолталаах күҥҥэ кини эмиэ хорсун буойуттары тэҥҥэ эһэтин ахтан-санаан ааһыаҕа.

Николай Михайлович оҕолоро, сиэннэрэ ытык дойдуларын чиэстээхтик көмүскүүллэриттэн толлубаттар, дойдуга уустук кэмҥэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Ол курдук, кыыһа Светлана Николаевна билигин СВОҕа анаан харысхал сиэккэ өрүүтүгэр үлэлэһэ сылдьарын көрсөн кэпсэттибит:

“Биһиги аҕабыт Николай Михайлович үтүө майгылаах киһи этэ. Уоттаах сэрии туһунан элбэҕи кэпсээбэтэ. Ол эрэн, кини бойобуой сырыытын кэпсиир “Хорсунун иһин”,“Берлины ылыы иһин”,“Германияны Кыайыы иһин” мэтээллэрэ, “Аҕа дойду Улуу сэриитин” I истиэпэннээх уордьана туоһулуур. Оҕолорун, сиэннэрин төрөөбүт дойдуларын таптыырга, бэриниилээх буолууга сирдиирэ. Биһиги аймах дойдуларыгар ытык иэстэрин төлүү сылдьар уолаттарга көмөлөһөр сүрүн сорукпутунан ааҕынабыт. Хас да аймах уолаттарбыт, ол иһигэр бэйэм уолум дойдуларын көмүскүүр байыаннай идэни кытта олохторун ситимнээбиттэрэ. Сиэн уолбут Чечняҕа сэриилэспитэ. Мин тус бэйэм СВОҕа анаан харысхал сиэккэ баайыытыгар кыттыспытым 1 ый буолан эрэр. Бүгүн 15 сиэккэбитин баайан саҕалаатыбыт”.

Курскай Тоҕойго кыайыы күнүн ахтар-саныыр ытык иэспит. Бу суолталаах кыайыы кэнниттэн дьон санаата күүһүрбүтэ, кытааппыта. Онон билигин Курскайга буола турар балаһыанньаҕа түмсүүлээхпитин, кыахтаахпытын көрдөрүөх тустаахпыт. Сахалар төһө да байыаннай дьайыы буола турар сириттэн ыраах олордорбут биир дойдулаахтарбытыгар ытык сир – Курскай олохтоохторугар санааҕыт күүстээх, туруккут бигэ буоллун диэн алгыс тылбытын аныыбыт.

Курскай Тоҕойго кыайыы дойдуга хорсун, күүстээх санааланыы, Ийэ дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу бэлиэтинэн буолбута. Ким да умнуллубат,туох да умнуллубат!

Мира АФАНАСЬЕВА