Куоластааһын бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ

А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата «Миллион на развитие» диэн Алмазэргиэнбаан үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн ыытар күрэһигэр кытта сылдьар. Бу күрэскэ куоластааһын анал сыһыарыынан онлайн ыытыллан, бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Ол курдук, Сунтаар улууһа «Хорсун» байыаннай патриотическай үөрэх киинэ -1607 куоластаах — I миэстэ, Таатта улууһа «Пааматынньыгы саҥардыы» — 1188 куоластаах — II миэстэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһа “Оҕолорго Амфитеатр”- 755 куоластаах III миэстэ. Оттон иккис этап олунньу 12 күнүттэн кулун тутар 24-гэр диэри ыытыллыа. Куоластааһыҥҥа АЭБ карталаах дьон бары онлайн баанынан киирэн куоластыахтарын сөп. АЭБ үлэһиттэрэ сайаапканан тэрилтэлэргэ, нэһилиэктэргэ тахсаннар картаны арыйыыга үлэлэһиэхтэрин сөбүн туһунан биллэрдилэр. Кыттааччы кырата 5 тыһыынча куолаһы ылара ирдэнэр, онтон элбэҕи ылбыт бириистээх миэстэҕэ тиксэр.
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт,  бу күрэскэ иккис этапка тахсыбыт Сунтаар 1 №-дээх орто оскуола «Хорсун» бырайыакка, бары биир сомоҕо буолан куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше