Кулуһуннаахха тиэхиньикэ тыаһа тирилэс, дьон саҥата хойуу

От үлэтин үгэнэ. Тыа дьоно хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин кэлэр кыстыгы этэҥҥэ туоратар соруктаах кураан күннэри баттаһа ходуһаҕа күнү-күннүктээн сылдьар.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета нэһилиэктэринэн сылдьан ходуһаҕа отчуттары кытары көрсөн кэпсэтэр, от үүнүүтүн, ким туох кыһалҕалааҕын билсэр. Ол курдук, бэҕэһээ начальник Владимир Анисимов, Аллыҥаҕа отчуттарын кытары көрүстэ. Ону сэргэ мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы салаатын үлэһиттэрин кытары Аллыҥаҕа икки сиргэ – Кулуһуннаахха уонна Аккыраска хоруулары кэҥэтэр үлэ хайдах баран иһэрин көрдүлэр. Бу икки улахан ходуһаҕа аллыҥалар, ону сэргэ «Ил Тосхол» кээпэрэтиип оттууллар.  Мелиорация үлэһиттэрэ манна былырыыҥҥыттан ханаал хаһыытыгар үлэлии сылдьаллар. Икки үлэһит, биир эскаватор, биир ДТ тыраахтар быйыл ылыммыт соругу бүтэрэрдии үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги улууспутугар мелиоратор диэн үлэһит көрүллүбэт буолбута хаһыс да сыла. Ону тыа хаһаайыстыбатын управлениета дьон туруорсуутун учуоттаан министиэристибэни кытары күүскэ үлэлэһэн, быйыл штат көрүллүбүт. Онон улууспутугар бу ыйтан үлэтин саҥа саҕалаан эрэр бэйэтэ землеустроитель идэлээх Анатолий Николаев биир идэлээхтэрин кытары тэҥҥэ сылдьыһан үлэни-хамнаһы билистэ, көрдө.

Нэһилиэк баһылыга Николай Спиридонов, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ үлэни кэпсииллэр

 Кулуһуннаах отчуттара санаалара бөҕөх

Аллыҥа олохтоох дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Мотя Данилова: «400 ынах сүөһүлээхпит, 300-тэн тахса сылгылаахпыт. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар биэс ИП, ону сэргэ «Тэрис» кэпэрэтиип баар. Быйылгы окко былааммыт — 1150 туонна. Оппут үүнүүтэ орто. Бэриллибит былааны толорорго дьулуһан, отчуттар ходуһаҕа сылдьаллар», —  диэн ходуһаҕа киирэн иһэн кэпсиир.

ИП Евсеева Н.Е. дьоно бу аҕыйах хонуктааҕыта отторугар киирбиттэр. Ходуһаҕа охсуллубут от субурҕа буолан сытар. Ону кээһээри түөрт буолан үлэ-хамнас буола сылдьаллар. Оту субууттан быһа кээһэр тэрилинэн — «Исаковынан» икки оту туруорбуттар. «Билигин бу мунньуллубут оппутун эмиэ кээһиэхпит. Оппут үүнүүтэ орто. Буруоттан игин охсуллубут оппут кууран испэт курдук.  Ылыммыт сорукпутун толоруохпут диэн эрэллээхпин. Күммүт-дьылбыт туран эрэ биэрдин. Ону сэргэ окко сүрүн күүспүт тиэхиньикэбит эрэ хаппырыыстаабатын. Сылын аайы 18 түгэх оттонооччубут», —  диэн Игорь Евсеев сынньалаҥҥа олорон сэһэргиир.

Игорь Евсеев ходуһатын көрдөрөр

Кинилэртэн чугас өлбүгэ сирдэригэр Михайловтар от кээһэ сылдьаллар. Туһааннаах дьон от үүнүүтүн, отууларын аттыгар турар тиэхиньикэлэри көрдүлэр. Ол кэмҥэ мин хаһаайка Наталья Михайловалыын кэпсэттим.

—  Биһиги 15 төбө сүөһүлээхпит, икки үөр сылгылаахпыт. Сүөһүлэрбитин, сылгыларбытын иитэргэ сыллата 25 түгэх оту туруорабыт. Бу оппутунан холкутук дьылы туоруубут, өссө ордор. Быйылгы үүнүү ортоһуор. Бу күннэргэ бу сирбитин бүтэрэн, иккис сирбитигэр көһүөхпүт. Кэргэним Григорий Александрович тиэхиньикэҕэ олус сыстаҕас, бүгүрү үлэһит. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн тыа сирин үлэтигэр сыһыаран, бэйэтин холобуругар үөрэтэн, билигин оҕолор от-мас бэлэмигэр улахан көмө дьон. Быйыл Бүлүүттэн кийииппит,  бырааттара кэлэн окко көмөлөһө сылдьаллар.

Михайловтар түөрт оҕолоохтор. Үс уол, биир кыыс.  Устудьуон кыыс уонна кыра уол дьиэһиттээн хаалаллар. Икки уол окко сылдьыһар. Ардыгар отчуттар отууларыгар хоно хаалаллар. «Дьоммун аһатан баран, ордубут оту пресподборщигынан хомуйтарыам» диэн ыал ийэтэ иһитин-хомуоһун, аһын-үөлүн бэрийэ туран кэпсиир.

Дьэ, бу курдук, тыа дьоно «сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар диэн санаалаах бары дьиэ кэргэннэринээн ходуһаҕа сылдьаллар.

Михайловтар отторун кээһэ сылдьаллар:

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше