Биһиги Кэмпэндээйибитигэр араас айылҕа дьиктитэ баар. Былырыын саас бибилэтиэкэ “Эдэр кыраайы үөрэтээччи” кулуубун кытары Туус Күөл диэн эмтээх күөлгэ бара сылдьыбыппыт. Бу күѳлгэ 1907 сыллаахха Петр Драверт ученай криогалит диэн бэрт сэдэх минералы арыйбытын туhунан Татьяна Ивановна кэпсээбитэ. Аһыы туустаах уу кыһын тымныыга тоҥон муус буолар эбит. Ону Драверт криогалит диэн ааттаабыт. Биhиги онно криоголит кѳрдѳѳн булбуппут.
Быйыл тохсунньу ыйга «Окунись в науку» диэн кыhыҥҥы научнай сессия үлэлээбитэ. Куораттан учуонайдар кэлэн үөрэтэн барбыттара. Биир күн таhырдьа -41 кыраадыс тымныы буолбутугар туус собуотун бассейныгар уонна Туус Күѳлгэ криогалит кѳрдүү барбыппыт. Бу сэдэх минерал туhунан элбэҕи билээри, дьиэбэр уопут оҥорон, криогалит хайдах үѳскүүрүн кэтээн кѳрдүм. Туустаах ууну ылан бытыылкаҕа кутан морозильникка, күүлэҕэ уонна таһырдьа тоҥорон көрдүм. Криогалит араастык үөскүүр эбит диэн түмүккэ кэллим. Өссө да салгыы үөрэтиэм.
Олунньу ый 14 күнүгэр биhиэхэ үѳрүүлээх күн буолан ааспыта. Ил Дархан Айсен Сергеевич биhиги оскуолабытыгар сылдьыбыта. Онно мин бэрт сэдэх минерал — криогалит туhунан киниэхэ кэпсээбитим.
Харысхан Семенов, Кэмпэндээйи орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ.