Мин иннибэр күлэн-үөрэн мичилийбит, элбэх кэпсээннээх, бэйэтигэр олус барсар мааны таҥастаах эбэ олорор. Бу – Татьяна Осиповна Платонова.
Таанньыска кыысчаан 1942 с. тоҕус томтордоох Чурапчыга күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ актыбыыска бэрдэ, комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээрэ эбит. Төрөөтүм диэн сыппакка, ол саҕанааҕы кэм сиэринэн күүстээх үлэҕэ тута тахсаат ыалдьан, саҥа төрөөбүт оҕотун хаалларан өлөн хаалбыт. Аны балтараа ыйынан кэргэнин аһыытын уйбакка, бэйэтэ да аһаах киһи, аҕата суох буолбута. Эбэтэ эрэйдээх кыһыл оҕону кытта хаалбыта. Чурапчы көһүүтүн дьулаан тыына кинилэри да мүччү көппөтөҕө. Кинилэр Карл Маркс аатынан холкуостара үһүс ыҥырыыга көспүтэ. Эбэтэ барахсан кыһыл оҕотун бэргэһэ иһигэр уктан кыбына сылдьыбыт. Айанныахтарын иннинэ барыларын сууннара аҕалбыттар. Кыһыл оҕо кыбыныылаах кырдьаҕас киһини аһына көрөн, эдэр финка дьахтар оҕону көрдүү сатаабыт. Эбэтэ биэрбэтэх. Ол курдук, Сангаарга борокуотунан илдьибиттэр, муус хаайан хаарга сүөкүүллэр. Саас улахан дьон балыкка туруммуттар. Нуормалара биир буруоҕа икки балык эбит. Эбэтэ булугас өйдөөх буолан бэйэтин, оҕотун икки буруонан суруттаран икки нуорма балыгы, бурдугу ылан син тыыннаах ордубуттар. Балык сытыгар тыатааҕы кэлэн айбардыыр эбит. Финнэр төбөлөрө төкүнүһэ сыталларыттан куттанан, көмүскэнээри эбэтэ хоонньугар туос түрбэтин, хататын илдьэ утуйар үһү. Ама да ааспытын иһин дьулаан кэм. Оннук муҥнанан үлэлээн, дойдуларыгар кэлэн кыыс оскуолаҕа үөрэммит. Ол саҕана оҕо да үөрэҕин көтүтэрэ үксэ, биир учуутал хас да кылааһы тэҥинэн үөрэтэрэ. Ол иһин билии хаачыстыбата мөлтөх буолан оҕо үксэ кылааһын хаалан, чиҥэтэн үөрэтэрбит диэн кэпсээнньитим сэһэргиир. «Оннук чиҥэтэрбит үчүгэй этэ, былырыын билбэтэхпитин быйыл билэр этибит» диэн күллэрдэ. Оннук чиҥник үөрэнэн оскуоланы 23 сааһыгар бүтэрбит.
РУ-5 диэн училищеҕа икки сыл иистэнньэҥ үөрэҕэр үөрэммит. Үөрэҕин бүтэрэн Чурапчытыгар төннөн олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар кэмбинээккэ үлэлии сырыттаҕына, икки кыыһы Куйбышев куоракка таҥас быһааччы идэтигэр ыытан үөрэттэрбиттэр.
РУ-5 үөрэнэ сылдьан бэрт элбэх идэлээх тырахтарыыс, фотограф бэрдин Сахардон Платоновы көрсөн эргэ тахсан Кириэстээххэ олохсуйар. Биэс оҕоҕо, икки уолга, үс кыыска күн сирин көрдөрбүттэрэ. Улахан уоллара Роман Томскайдааҕы байыаннай училищеҕа үөрэммитэ, связист этэ. Чечняны кытта сэрии саҕаламмытыгар биир бастакынан ытык иэһин толоро барбыта. Үс-түөрт сыл сулууспалаан контузия бөҕөнү ылан, ньиэрбэтэ мөлтөөбүт киһи дойдутун булбута. Кэргэннээх, биир оҕолоох. Хорсуннук сэриилэспитигэр Роман Сахардонович «Орден мужества» наҕараадалаах. Хомойуох иһин массыына саахалыгар түбэһэн суорума суолламмыта.
Кыра уол эмиэ Чечняҕа сулууспалаабыта. «Барыта чып кистэлэҥ буолан тугу да билбэппин» диэхтиир ийэтэ. Улаханнык бааһыран, контузияланан, эппэт кэлэҕэй буолан 3,5 ый балыыһаҕа сытыаран эмтээн баран аккаастаан ыытаннар эмиэ сырдык тыына быстыбыт. Бу курдук ийэ барахсан кырыыстаах сэриигэ удьуору ууһатыахтаах, ааттарын ааттатыахтаах уолаттарыттан ытыс соттубута.
Татьяна Осиповна билигин кыргыттарын, сиэннэрин далбардарыгар сынньалаҥнык олорор. 83 сааһыгар үктэннэр да, ииһин илиититтэн араарбат. Аҕыйах хонуктааҕыта кыыһынаан оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин көстүүмнэрин тикпиттэр.
Төгүрүк тулаайах буоланнар элбэх оҕолонор санааларын толорбуттар. Элбэх сиэннээх, хос сиэннээх. Сиэнин кэргэнэ Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар, соторутааҕыта уоппускатыгар кэлэн барда, этэҥҥэ сылдьар диэн сэмээр кэпсиир. Сиэн күтүөт этэҥҥэ дьоҥҥор, дойдугар кыайыы көтөллөөх эргиллээр.
Татьяна Осиповна олоххо олус көхтөөх. «Кустук» ырыа, үҥкүү ансаамбылыгар сылдьар, нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Иллэҥ эрэ буоллар хаһыаты, кинигэни ааҕар, тэлэбиисэри көрөр, араадьыйаны истэр олус сэргэх киһи.
Баҕарар баҕа санаата – кырыыстаах сэрии эрэ буолбатын, маннык тыл суоҕа буоллар диэн. Дьонугар-сэргэтигэр, эдэр ыччакка туһаайан – «өлбүтү кытта өлүллүбэт, санааҕар аһара туппакка аһара үөрэниэххэ, дьоҥҥо куруук үчүгэйи саныахха, сиэтилэр-аһаатылар диэн кэп туона сырыттаххына ханна сир өтүөҥүй» диэн аһара муударай көрүүлээх.
Сунтаарга Дьоруой уолаттар ааттарынан саҥа микрооройуоҥҥа уулусса баар буолла. Өтөх кэриэстээх, алаһа дьиэ ааттаах, ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.
Оҕолорун, сиэннэрин төрөөбүт дойдуну дириҥник таптыырга, дьиҥ чахчы Ийэ дойдуга бэриниилээх гына ииппит ытык Ийэҕэ сиргэ тиийэ сүгүрүйүү буоллун!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма