Бүгүн култуура миниистирэ Афанасий Ноев Сунтаар Кириэстээҕэр саҥа кулууп тутуутун хаамыытын билистэ.Тутууну Сунтаар улууһун аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, бэдэрээтчит «Андраники» ХЭТ салайааччыта Самвел Саакян көрдөрдүлэр. Тутууну «Култуура» национальнай бырайыагынан ыытыахтара. Онон федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэниэҕэ. Уопсайа 423 мөл. солк. суумалаах буолуоҕа.Тутуу 2 түһүмэхтэн турар. Билигин 1-кы түһүмэҕэ бара турар. Манна көрөөччү саалата, гардероб, үлэлиир хостор баар буолуохтара. 2-с түһүмэххэ сахалыы моһуоннаах ураһа, тэрээһин ыытар холл, куруһуок хосторун миэстэтэ былааннанар. Баараҕай тутуу 1630кв. м иэннээх. Бырайыагынан дьон сынньанар искибиэрэ, оҕо оонньуур былаһаакката, велопарковка баар буолуохтара. Ону тэҥэ көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыаҕа. Билигин дьиэ холлоҕоһун, ис истиэнэтин ситэрэн эрэллэр. Онтон сарайын, истиэнэтин тэҥнээһин үлэтэ ыытыллыаҕа. Тутууга олохтоох «Сунтар-цеолит» тэрилтэ оҥорон таһаарар бетоннай полублоктарын туһаналларын сэргии көрдүбүт. Баараҕай тутуу 40%-на ситэн турар. Санатан этэр буоллахха, Кириэстээх кулуубун тутуутун Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа туруорсан ситиспитэ. СӨ култууратын миниистирэ Афанасий Ноев тутууну көрөн баран: «Тыа сиригэр
култуура киинэ нэһилиэк тэбэр сүрэҕэ буолар. Сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыы, сайдыы култуура кииннэриттэн саҕыллар. Кириэстээх кулуубун тутуута ыйыллыбыт былаанынан баран иһэр. Баараҕай тутуу кэмигэр киириэҕэ диэн эрэнэбит», — диэн Владимир Михайловы кытта көрсүһүүтүгэр эттэ.
Мира АФАНАСЬЕВА