«Култуура» национальнай бырайыагынан Кириэстээх нэһилиэгэр таас, баараҕай култуура киинэ тутулла турар. Тутууну ааспыт сыл сааһыттан ыыппыттара. Билигин тутуу силигэ ситэн тутааччылар ис үлэтигэр киирдилэр. Ону тэҥэ, эбийиэк тас өттүн сааһылаан, хомуйан, ититиитин, толору хааччыллыытын ситимин тардан саҕалаатылар.
Тутуу икки этабынан барар. Бу сыл бүтүөр диэри үлэлиир хостор,150 миэстэлээх көрөөччү саалата, бибилэтиэкэ уонна куруһуок хоһо киириэҕэ. Онтон салгыы сахалыы моһуоннаах ураһа, киэҥ-куоҥ оҥоһуулаах быыстапка саалата, фойе, буфет баар буолуохтаах эбийиэгэ тутуллуоҕа. Бэдэрээтчигинэн Сунтаарга элбэх тутууну ыыппыт ООО «Андраники» тэрилтэ буолар. Тутааччылар этэллэринэн бу күннэргэ тутуу 62% ситэн турар. Култуура киинин дизайн бырайыагынан элбэх уот-күөс баар буолуоҕа. Дьон сылдьарыгар, сынньанарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэн аныгы быһыылаах миэбэлинэн хааччыллыаҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА