«Сунтаар сонуннара» хаһыакка бу күннэргэ чэпчэтиилээх сурутуу ыытылла турар. Ону сэргэ улууспутугар Аҕам саастаахтарга аналлаах ыйынньык биллэриллэн, ытык дьоммутугар аналлаах араас тэрээһин тиһигин быспакка ыытыллар. Манан сиэттэрэн уонна эһиил бэлиэтэнэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө биһиги эрэдээксийэбит «Аҕам саастаахтарга хаһыатта суруттар» диэн аахсыйабытын салгыы ыыта олоробут.
Бу аахсыйабытыгар кыттыһан, Александр Григорьев баһылыктаах Кириэстээх нэһилиэгин дьаһалтата 70-тан аҕа саастаах нэһилиэк олохтоохторугар бука барыларыгар улуустарын хаһыатын сурутан улахан бэлэх оҥордо. «Биир эмит кырдьаҕаспытын умнан кэбиһиэхпит диэммит, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ бары биир күн турунан туран хаһаайыстыбаннай кинигэбититтэн саҕалаан хас биирдии ыалы ааҕа бэлиэтэнэн, 44 ыалга улуустарын хаһыатын суруттардыбыт» диэн исписэлиистэр кэпсииллэр.
Онон кэлэр 2025 сыл бастакы аҥаарыгар Кириэстээх аҕам саастаах олохтоохторо улуустарын хаһыатын бука бары дьиэлэригэр олорон ааҕар кыахтаннылар. Эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Нэһилиэк баһылыга Александр Николаевич бу бэлиэ, сүдү бырааһынньыгы көрсө кырдьаҕастарыгар улахан болҕомтотун уурбутун бэлиэтэ.
Яина ВЛАСЬЕВА