Бүгүн, Сунтаарга ыам ыйын 8 күнүгэр, Албан Аат болуоссатыгар, кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүн көрсө «Өйдөбүл төлөнө» аахсыйа буолан ааста. Улуу Кыайыы быйыл 79 сыла, төгүрүк 80 сылын бэлиэтиирбит биир сыл хаалла.
Мустубут дьоҥҥо улууспут баһылыга Анатолий Григорьев, бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев, ыччатт отделын салайааччыта Трофим Иванов, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров Улуу Кыайыы хайдах сыранан ситиһиллибитин, ол саҕанааҕы дьон хорсун быһыытын туһунан ахтан-санаан аастылар уонна сэрии кыттыылаахтарын пааматынньыгар кэриэстээн гирлянда уурдулар.
Бу киэьэ Сунтаарбыт олохтоохторо Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьоруойдарга, сэрии кыттыылаахтарыгар сүгүрүйэн, өйдөбүнньүк уоту пааматынньыкка ааттарын анныгар уурбуттара киһини эрэ барытын долгутта. «Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын!»
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ