Киһиэхэ кыра да болҕомто наада

Алтынньы 1-кы күнүттэн Маар Күөл нэhилиэгэр Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах араас тэрээһиннэр буола тураллар. Ол курдук, Аҕам саастаахтарга аналлаах дэкээдэ үөрүүлээх аhыллыыта буолан ааста. Олохтоох дьаhалта баhылыга Сергей Саввинов нэhилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар эҕэрдэ сурук уонна бородуукта наборун туттарда. Урукку кэми санатар ырыалар ылланнылар. «Айылгы»КК үлэhитэ коллекционер Татьяна Алексеева чааhынай түмэлигэр ыалдьыттаатылар. Ааспыт кэм малларын көрөн урукку кэми эргитэн, санаан ыллылар. Хаартыскаҕа түстүлэр. Итии чэйдээх, сахалыы саламааттаах, арыылаах алаадьылаах остуол тула олорон ирэ-хоро дуоhуйа кэпсэтэн тарҕастылар.

Ону тэҥэ»Айылгы» КК  көҕүлээhининэн дьиэлэринэн сылдьан “Чэгиэн сылдьыах” диэн кырдьаҕас, кыаммат дьоммутугар аналлаах доруобуйаларын көрүү уонна көһө сылдьар бибилэтиэкэ үлэлээтэ. Быйыл саҥа үлэлии кэлбит биэлсэр Карина Яковлева балыыhаҕа кыайан көрдөрбөккө олорор дьону анаан-минээн сыныйан көрдө. Доруобуйаларыгар сөптөөх сүбэ-ама биэрдэ. Бибилэтиэкэр Маргарита Герасимова кырдьаҕас ааҕааччыларбыт эрдэттэн сакаастаан ааҕыан баҕарбыт кинигэлэрин, хаhыаттарын илдьэн биэрдэ. Быйыл саҥа тахсыбыт кинигэлэри, сурунааллары билиhиннэрдэ, уларыста.

Кырдьаҕастарга кыра да болҕомто наада диэн аҕам саастаах дьоммут үөрүүлэрэ үгүс. Маны таhынан ыйы супту ыытыллар «Үтүө санаа» күннэрэ диэн тэрилтэнэн уонна түөлбэнэн бэтэрээннэрбитигэр субуотунньуктар саҕаланнылар.

«Айылгы» култуура киинэ