Хас биирдии киһи бу олоххо туох эрэ сыаллаах, соруктаах оҕо буолан оҥоһуллан орто туруу дойдуга оройунан түһэр. Онтон, бу олоҕум кэнники омурҕаныгар билсэн доҕордоспут дьүөгэм Сидорова Розалия Ефимовна-Ымыычаана тугу кэпсиирий?!
Аан дойдуну көрдөрбүт ийэтэ барахсан Кэмпэндээйигэ асчыт көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии сылдьан туус собуотугар үлэлиир уолу билсэн сөбүлэспиттэр. Роза күнү көрөр дьолуота билэн ийэтэ оһоҕостонон хаалбытыгар уол кыыһын ийэтигэр билсиһиннэрэ илдьибит. Ону ийэтэ төрдө-ууһа суох тулаайах кыыс диэн сирэн ыыппыт. Кыыс барахсан ол сириллииттэн санаата түһэн улаханнык ыалдьан хаалбыт, саһарардаабыт. Эмчиттэр оҕотун түһэрэ сатаабыттарын «өлөр буоллахпытына иккиэн өлүөхпүт» диэн ийэтэ иннинэн буолбатах. Балыыһаҕа эмтии сатаан баран аккаастаан таһаарбыттар. Дьүөгэтэ Чолбодукова Лиза эмчит эмээхсиҥҥэ илдьибит. Ол эмээхсин көрөн баран сэргэ төрдүгэр таһааран туран биир туораах курдук эми ууга уган иһэрдибит. Иккис күнүгэр иккини, үһүс күнүгэр үһү уонна киһи буоларгын дуу, кии буоларгын дуу айбытыҥ билиэ диэн ыытан кэбиспит. Киһи сымыйарҕыах ол өлөр диэн эмчиттэр аккаастаан таһаарбыт киһилэрэ кылбаччы үтүөрэн, баара эрэ 1 кг 300 гр ыйааһыннаах кыыс оҕону төрөппүт. Сылааска, бүтэйгэ диэн тииҥ бэргэһэҕэ уган улаатыннарбыт.
Дьэ, тииҥ бэргэһэҕэ бигэнэн кыыс улаатан олоҕун доҕоро Афонялыын оскуолаҕа бииргэ үөрэнэн, салайар кадрдар оскуолаларыгар уһуйуллан, идэ ылан, 8 сыл билсэн ыал буолбута. Розаны төһө да маачаха аҕата маанылаан ииттэр дьиҥнээх төрөппүт аҕатын көрүөн – билсиэн наһаа баҕарара. 8-9 саастааҕар биирдэ эрэ алтыһан ааспыттара. Улаатан баран аҕатын уҥуоҕар тахса сылдьыбыт. Көрөөт төннөөрү гыммыттарыгар сибилигин аҕай айаннаан кэлбит массыыналара эстибэтэх. Онно Афоня: «Аҕаҥ кэпсэппэккэ баран эрэр диэн хомойон ыыппат”, – диэбитигэр дьэ наҕылыйан олорон, алаадьы ууран тыыннаах киһиэхэ кэпсиир курдук олоҕун кэпсээн 20-чэ мүнүүтэ олорон баран быраһаайдаһан турбутугар массыыналара эстэн бырылыы түспүт. Ол да дойдуттан истэ-көрө сыталлар эбит, ол иһин кэллэххэ-бардахха алаадьылаах, сиэри-туому тутуһан сылдьар хайаан да наада эбит диир.Төрүү аһаах оҕо сүрэҕэ куһаҕан буолан оҕолонорун бүтүн өрөспүүбүлүкэ быраастара боппуттарын үрдүнэн ийэ буолар күүстээх санаалаах, таптыыр кэргэнин аатын ааттатар, үйэтин уһатар нэһилиэнньиктэр баар буолуохтаахтар диэн бигэ санаанан, дьулуурунан икки уол оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ, өр эмий үүтүнэн аһатан чэгиэн гына улаатыннарбыттара.
Эр киһи айылҕаттан булчут, элбиир , тэнийэр аналлаах диэн норуот мээнэҕэ эппэт эбит. Төһө да икки уолланан, этиспэккэ- охсуспакка иллээхтик олордоллор Афоня ойоҕоско атын дьахтардаммытын Сунтаар барыта билбитин кэннэ алҕаска билбит. Доҕотторо, дьүөгэлэрэ ыал олоҕун харыстаан эппэккэ сылдьыбыттар. Ол кэмҥэ иккис дьахтарыгар уоллаах кыыс оҕоломмут кэмэ эбит. Роза бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх санаалаах дьахтар сиэринэн бастаан оҕо төрөппүт аҕа тапталын билиэхтээх, мин төрөппүт аҕа таптала суох наһаа кураҥхарар этим диэн кыра оҕолоргор бар диэбитин Афоня туох иһин барбатах. Онон таһыттан иккиэн сүбэнэн көмөлөһөр буолбуттар. Бултаммыт кус, балык, үргэммит отон аҥаара оҕолорго өлүүлэнэр буолбут. Розалия Ефимовна оҕоҕо сирдээҕи тапталы аҕа биэрэр, аҕа таптаабыт оҕото ситиһиилээх буолар диэн бигэ көрүүлээх. Ол иһин бэйэтин уолаттарын кэлиҥҥи оҕолору кытта билиһиннэрбит, бииргэ бултуу эҥин бараллар эбит. Оҕо туох да буруйа суох диэн бигэргэтэр. Билигин СВО-нан сибээстээн төрүүр-ууһуур саастаах эр киһи лаппа кэмчитийэр кэмигэр бу кыһалҕа өссө сытыытык турара буолуо дии саныыбын. Маны кэргэннээх дьахталлар туох дии саныылларын билбэтим. Эбэһээт маннык буолуохтаах диэн сүбэ биэрбэппин. Ол эрэн Розалия сөпкө дьаһанан, Афанасий бүтэһик күнүгэр диэри оҕолор бары аҕа тапталын билэн улааппыттара.
Дьылҕа хаан ыйааҕа сороҕор олус тыйыс. Дьылҕа тымныы илиитэ Розалия Ефимовнаны көһүппэтэх өттүттэн күөйэ харбаабыта. Ыарахан ыарыыттан өр сылларга эн-мин дэһэн олорбут тапталлаах кэргэнэ Афанасий суох буолбута. Умса түһэр күнүгэр тирэбил, тиэрэ түһэр кэмигэр өйөбүл буолуохтаах икки уолаттара суорума суолламмыттара. Бу киһи өстөөҕөр да баҕарбат ыар сүтүгүн Розалия чахчы кытаанах санаалаах, тулуурдаах, дьулуурдаах буолан тулуйбута, туораабыта. Киһи бу олоххо соҕотох кэлэр, соҕотох төннөр, кимиэхэ да убаныма диэн кытаанах санаалаах. Түүлбүнэн-биппинэн барытын эрдэ билэ-көрө сылдьыбытым, өбүгэлэрим эрдэттэн сэрэтэн бэлэмнээбиттэрэ, онон син бэлэм соҕус этим диэхтиир. Ытаан – соҥоон төнүннэрбэккин, син иккистээн эргиппэккин, онон кэп туонар отой куһаҕан. Дмитрий Федосеевич Наумов – норуот суруйааччыта: «Кэп туонуу – ыччаккын кэҕиннэрии, кырааһын” -, диэн наһаа да дириҥ ис хоһоонноох этиини эппитэ. Киһи бэйэтигэр бэйэтэ эрэ кыһаллар, эйигиттэн ордук эйигин ким да билбэт, өйдөөбөт, кинилэр эн тириигин кэппэтэхтэрэ, кинилэр эн суолгун тэлбэтэхтэрэ диэн бэргэн этии баарын умнумаҥ. Киһи атын киһини аһыйан ытыыр буолбатах, бэйэтин аһынан ытыыр, ол ытыырыттан ыарыы үөскүүр, хом санаа хонор (зависть), буолбуту көннөрбөккүн диэн Розалия Ефимовна тус олоҕор билбитигэр тирэҕирэн этэр.
Розалия Ефимовна-Ымыычаана олоҕу наһаа таптыыр. Ол курдук билигин кини:
- “Үрүччэ” түмсүүнү 30 сыл салайан кэллэ. Манна араас дьоҕурдаах дьон түмсэннэр чөл олоҕу тутуһууну, айылҕаны харыстааһыны, айылҕа кистэлэҥнэрин арыйаллар, кэпсииллэр, тарҕаталлар.
- Улуус айар-суруйар куттаахтара түмсүбүт “Ньургуһун” түмсүүнү айымньылаахтык салайан кэллэ. Билигин эдэрдэргэ туораан биэрдибит.
- “Далбар” тойук ансаамбылыгар дьарыктанар. Туойан-ыллаан тыынар уорганнарын эрчийэр. Хас да ырыа дьүрүскэнин айбыт мелодистка.
- “Абытай кыргыттар” көр – күлүү бөлөҕүн көхтөөх кыттааччыта. Күлүү киһи олоҕун уһатар. Дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир.
- Билигин индийскэй үҥкүү бөлөҕөр этин-сиинин эрчийэр.
Дьэ, бу курдук куруук күлүү-үөрүү аргыстаах олоххо көхтөөх, тулуурдаах, дьулуурдаах Розалия Ефимовна-Ымыычаана үгүс дьоҥҥо үтүө холобур буолар олоҕу олорор. Аатын ааттатар, удьуорун уһатар сиэннэрэ сайынын, кыһынын кэлэн эбэлэрин кэмэ суох дьоллууллар, сэргэхситэллэр. Быйыл Роза оҕо сааһыттан ыра санаа ымыыта гыммыт санаатын олоххо киллэрдэ – хаҥкынан каток килэҥ мууһугар сиэннэрин кытта сыыйылыннары тэптэ, оҕолуу үөрдэ. Төрөппүт аҕатын оҕолорун кытта ыкса билсэр, ийэтэ иккиһин олоҕун оҥостон оҕолордоммута, онон биир аҕаттан, ийэттэн төрөөбүт хаан аймах бырааттардаахпын, балтылардаахпын диэн санаата бөҕөх.
Бу Ымыычаана курдук дьоҥҥо өс санааны иитиэхтии сылдьыбакка, олоҕу таптаан, олохтон үөрэн, дьону кытта бииргэ олох устун киэҥник, үөрэ-көтө хардыылааҥ.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма