Атырдьах ыйын 9 күнүгэр, Арыылаах бибилэтиэкэтигэр, нэһилиэккэ 1950 с. арыллыбыт төрүүр дьиэ бастакы үлэһитэ, акушерка Мария Николаевна Николаева 100 сылын көрсө “Кэскили түстээбит олох” диэн оҕолоро ийэлэригэр, аҕаларыгар анаабыт кинигэлэрэ сүрэхтэннэ.
Бэлиэ күҥҥэ Мария Николаевна көмөтүнэн күн сирин көрбүт, саха тылын учуутала, сэрии бэтэрээнэ Егор Григорьевич Иевлев үөрэппит араас көлүөнэ оҕолоро, бииргэ үлэлээн ааспыт кэллиэгэлэрэ уонна аймах дьоно, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кытыннылар. Истиҥ тылларын эттилэр, ааспыт олохтон ахтыы оҥорон кинигэ сүрэхтэниитэ олус сэргэхтих ааста. Кинигэни иилээн-саҕалаан, ахтыы хомуйан уола ХИФУ доцена, физико-математическай наука кандидата Владимир Егорович Николаев таһаартаран бар дьонугар бэлэх уунна.
«Кэскили түстээбит олох» кинигэ А3 формааттаах, 148 страницалаах, хаартыскалаах, үөрэнээччилэрин, аймах-билэ дьоннорун ахтыылара, аҕалара араас сылларга суруйбут ыстатыыйалара киирбиттэр.
Александра ПАВЛОВА,
Арыылаахтааҕы модельнай бибилэтиэкэ үлэһитэ