Кэрэ аҥаардар: бигэргэммит, бигэргэммэтэх чахчылар

Кэрэ аҥаар күүстээх аҥаартан эт-сиин өттүнэн эрэ буолбакка, олоххо көрүүтүнэн, анаарыытынан, араас түгэҥҥэ хайдах дьаһанарынан, о.д.а. уратылаһар. Бу уратыны кэтээн көрбүт, анаан чинчийбит үөрэхтээхтэр элбэх бэлиэтээһини оҥорбуттарын араас таһаарыыга булан ааҕыахха сөп. Кэрэ аҥаардар күннэригэр анаан Интэриниэт ситимигэр баар матырыйааллартан сыымайдаан, төһөтө кырдьыга, хаһа хабаатыннарыылааҕа чопчуламматар да, кэрэхсэбиллээҕин, көрүдьүөс соҕуһун талан бэчээттиибит.

— Дьахтар олоҕун устата сиэркилэҕэ сэбэрэтин көрүнэр кэмэ 5 күҥҥэ тэҥнэһэр эбит.

— Моойун оҥоһуута быдан имигэс буолан хайа да дьахтар ыҥырдахха кэннин хайыһарыгар сүнньэ эрэ хамсыыр, оттон эр киһи үксүн бүтүн бэйэтинэн хайыһар эбит.

— Дьахтар аймах илиитигэр тугу да туппатаҕына табыгаһа суохтук сананар, онон туһамматар да суох дьоҕус суумканы, веери, бэрчээккини тутарын ордорор диэн бэлиэтииллэр.

— Кэтээн көрбүттэринэн дьахтар турурору сыыры дабайарыгар, түһэригэр биир үксүн ойоҕолуу кырыытынан хаамар эбит.

— Төһө да ыскаап толору таҥастаннар, кэрэ аҥаар өрүү кэтэрэ суоҕуттан мунчаарар.

— Дьахтар таҥнарыгар маҥнай үөһээ таҥаһы – булууһа, футболка, кэтэр, онтон биирдэ дьууппаны, ыстааны кэтэр эбит. Эр киһи төттөрү бэрээдэгинэн таҥнар эбит.

— Кэрэ аҥаар ордук уйан дууһалааҕынан биллэр. Тэҥнээн көрбүттэринэн, сылга ортотунан 30-64 төгүл ытыыр эбит буоллаҕына, эр киһи 6-17-тэ эрэ хараҕын уутунан суунар.

— Нэһилиэнньэ холугар ахсаанынан саамай аҕыйах дьахтар Эмираттарга бэлиэтэнэр. 219 эр киһиэхэ 100 эрэ дьахтар.

—  Аан дойдуга бастакы программиһынан Англия кэрэ аҥаара Ада Лавлэйс ааҕыллар.

— 12-с үйэҕэ Германия хоруола Конрад III урусхаллаабыт куоратын дьахталларыгар куораты босхолуулларыгар эппитин уонна биир баҕарбыттарын илдьэ баралларыгар көҥүллээбитин туһунан суруйаллар. Түмүгэр тыыннаах хаалбыт дьахталлар эрдэрин санныларыгар сүгэн куораттан тахсан барбыттара кэпсэнэр.

— Күннэтэ уоһун кырааскаланар кэрэ аҥаар үйэтин тухары 2 киилэ кэриҥэ помаданы сиир эбит.

— Аан дойду үрдүнэн дьахтар уонна эр киһи ахсаана тэҥнэһиэн 100 мөл. кэриҥэ дьахтар тиийбэт.

— Сир үрдүгэр 10 эрэ дьахтар дойдуну салайар дуоһунастаах.

Интэриниэт ситимиттэн

Читайте дальше