Былыр-былыргыттан саха дьоно кистэлэҥ күүскэ, көстүбэт эйгэҕэ итэҕэйэбит. Орто дойду олоҕор хас биирдии киһи тус-туспа аналлаах кэлэр диэн. Ол курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр, сүбэ-ама биэрэр, сөптөөх суолу тутуһарга сирдьит буолар айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үөттэриилээх, дьикти дьоҕурдаах дьон биһиги кэккэбитигэр баар. Олортон биирдэстэрэ элбэх киһиэхэ олохторун оҥостоллоругар, оҕо кутун тардан оҕолоноллоругар, хаартыска нөҥүө сир хайа да муннугар баар киһиэхэ эмтээн-томтоон көмөлөһөр, биир дойдулаахпыт, дьикти күүстээх, ураты дьарыктаах, биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт — Көрбүөччү Арамаан.
— Бастатан туран, үгэс быһыытынан ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?
— Үтүө күн, мин Саввинов Роман Сергеевич диэн буолабын. Кииним түспүт сирэ Сунтаар улууһун Маар Күөл нэһилиэгэ буолар. 4 оҕолоох Саввиновтар дьиэ кэргэҥҥэ 2-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оскуолабын Маар Күөлгэ үөрэнэн бүтэрэн, салгыы Чурапчытааҕы физкультурнай институту бүтэрбитим. Ол кэннэ Романов аатынан Москватааҕы психология институтун бүтэрбитим. Билигин Дьокуускай куоракка үлэлии-хамныы сылдьабын.
— Ураты дьарыктааххын, айылҕалаах буоларгын бастаан хас сааскар, хайдах билбиккиний?
— Оҕо-оҕо курдук сананар этим да, биир күн олохпун, олоҕум көрүүтүн 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына барытын уларыппыта. Биир күн тыаҕа туһах көрөн кэлэн иһэн дүҥүр тыаһын истибитим. Дьэ ол кэннэ сахалыы ырыа, тойук, итэҕэл, иччи, абааһы диэни сырса сылдьан истэ-билэ сатыырым. Күлүктэри көрөрүм, саҥалары истэрим. Чопчу мин чараас эйгэни көрөр эбиппин диэн 16 сааспар этэ. Эбэм «Нокоо, ону-маны көрөр эбиккин, урут биһи да аймахха, эһэҥ да өттүгэр оннук дьон бааллар үһү. Мин убайым оҕонньор оннук күүстээх киһи үһү, «хас эрэ сылынан төннүө күүһүм» диэбитэ диэн кэпсээбитэ. Уонна «Бу көрөргүн кимиэхэ да этимэ, көрө сатаама» диэн бобон кэбиспитэ. Ол гынан баран көрөрүм бүппэтэҕэ, өссө күүһүрэн испитэ. Эбэм дьон-сэргэ билбитин да кэннэ миигин харыстаан бопсор этэ.
— Чугас дьонуҥ, төрөппүттэриҥ хайдах ылыммыттарай?
— Бастаан утаа эбэм эрэ билэрэ, онтон дьоммор ону-маны кэпсиир этим да, билбэттэр этэ. Студенныы сылдьан ыҥырыкка сылдьар буолбутум кэннэ эдьиийбинэн эттэрбитим. Хайдах эрэ билэр дьон курдук хата чэпчэкитик ылыммыттара.
— Айылҕалаах дьон эттэтиини ааһаллар диэн дии.
— Эттэнии диэн баар туга, ханныга биллибэт ыарыы. Мин 17 сааспар туохтан, хайдах ыалдьыбыппын билбэппин. Ол эрэн бүөрүҥ быһыылаах диэн балыыһаҕа киирэн сыппытым. Ол курдук, тугун билбэккэ, быһаарбакка ыыппыттара. Ити бириэмэҕэ биир эмчит кэлэн уҥуох биэрбитэ «үлээ» диэн, ол уҥуохпунан сотобунан бохсоруйан саҕалаабытым кэннэ ыарыым сүтэн хаалбыта.
— Аан бастаан үлэлээн саҕалаабыт кэмнэргин кэпсии түһүөн дуо?
— Аан маҥнай «вконтакте» социальнай ситимҥэ биир олох билбэт киһим арай суруйбут: «Бу икки киһи сүттэ, көрөн биэриэҥ дуо?» диэн, ону сөбүлэстим. Көрдүм, дьикти баҕайытык көрдүм, муостаттан түспүттэрин уонна тугу көрбүппүн суруйдум. Арай сарсыҥҥы күнүгэр этэ дуу, ол киэһэ дуу: «Буллубут» диэн, махтанна аҕай.
— Хас биирдии айылҕалаах киһи тус-туспа дьону көрөр, эмтиир ньымалардаах, хайысхалардаах, үлэҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Киһи пульсун тутан олорон бу киһи ис туругун көрөбүн, ол кэннэ көмөлөһөөччүлэрим этэллэрин истэбин эбэтэр көрдөрөллөрүн көрөбүн. Киһи аатын, туолбут сааһын, итиэннэ ханна төрөөбүтүн сурунабын уонна төкүнүктэри уруһуйдаан дьону арыйан кэпсээн барабын. Эмтиир ньымам ыраахтан, ол эбэтэр хаартысканан көрөн буолар. Түүн эмтиибин, айылҕа иһийэр, чуумпурар, чараас эйгэ арыллар кэмигэр. Миэхэ ыраах да, чугас да диэн арахсыбат, көтөн тиийэн эбэтэр ыалдьыбыт киһи кутун көннөрөбүн, куһаҕан тыынтан күрүөлүүбүн.
— Хаартысканан көрөн эмтииргэр атын дойдулартан эмтэтэллэр эбит.
— Ыраахтан эмтиирбэр тэйиччи диэн миэхэ суох. Омугуттан тутулуга суох, холобур Питертан, Москваттан, Турцияттан, Бурятияттан, Тайлантан уонна да атын куораттартан эмтэнэн, билигин үчүгэй буолан махталларын ыыталлар.
— Араас, элбэх дьону кытта үлэлиир эниэргийэни, күүһү ылар буолуохтаах. Оттон бэйэҕин хайдах харыстанаҕыный уонна ыраастанаҕыный?
— Үлэлээн бүттүм эрэ бэйэбин ыраастанабын, саҥа саҕалыыр кэмнэрбэр харыстаммакка кэһэйбитим элбэх, ол иһин бэйэбэр харысхал, күлүүс тыллаах харысхал хахха туһэриммитим уонна ыллаан, оһуохайдаан, айылҕаҕа тахсан ыраастанабын. Мин айылҕа оҕотобун, онон көмөлөһөөччүлэрим айылҕа отун-маһын иччилэрэ куруук харыстыы сылдьаллар.
— «Олох олоруу» диэни хайдах быһаарыаҥ этэй.
— Олох — диэн айан, мөкү да, үтүө да өрүттээх. Биирдэ бэриллибит олоххо олоҕу баарынан ылынан үтүө, сырдык, сылаас өттүн тутуһан олоруллуохтаах. Олорор олоҕуҥ түөрт атахтааах олоппос буолуохтаах, ол аата кутуҥ-сүрүҥ, өйүҥ-санааҥ, бэйэҕэ эрэл, итэҕэл буолар. Холобур, үөһэ тахсаргар эбэтэр салҕанаргар икки бэрэбинэҕэ тахсар эрэллээх буолуу дуу, түөрт атахтаах олоппоско тахсан дуу, ол курдук. Киһи олоҕор бэйэтигэр эрэллээх буоллаҕына ыччаттарданан үөһэ тахсар, олох олоруу, олох-дьаһах оностуу, оҕо-уруу тэнитии, бэйэ кэннэ кэнчээри ыччаттаныы.
— Онтон дьиэ кэргэн, дьахтар, эр киһи сыһыаннарын туһунан тугу этиэҥ этэй?
— Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа бу буолар оҕоҕо тыыннаах холобур. Эр киһи киэҥ көҕүстээх, дириҥ толкуйдаах, булааччы-талааччы буолуохтаах. Ийэ киһи сылаас чэйдээх, сымнаҕас илиилээх буолуохтаах. Билигин арахсыы наһаа элбэх, ол эбэтэр өйдөспөт буолуу, бу туохха сытарый диэҥҥэ, мин тус санаам, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии суоҕуттан. Ол эбэтэр, билигин наһаа тоҥуйбут, бэйэбит испитигэр тута сылдьабыт. Ким тугу саныырын, толкуйдуурун билбэппит. Киһи таптыыр киһитигэр эрэниэхтээх, иһигэр тутар санаатын этиэхтээх бириэмэтигэр. Оччоҕо эрэ өйдөһүү баар буолар. Онон эр киһи, дьахтар бэйэ-бэйэҕитигэр эрэнсиҥ аһаҕастык кэпсэтиҥ, сымнааҥ, холкутааҥ.
— Таҥха кэмэ кэлэн эрэр. Бу кэмҥэ үгүс дьон сэрэбиэйдэнэр. Тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Таайтарыылаах таҥха кэмигэр чараас эйгэ аана сэгэйэр кэмэ. Бу олус сэрэхтээх кэм диэн өйдүөххэ наада, мээнэ салгыны хамсатан билбэт сэрэбиэйгитин, куту ыҥырыы о.д.а ылсыбат ордук.
— Киһи билиҥҥи балысханнык сайдар олоххо бэйэтин хайдах харыстаныахтааҕый? Судургутук туох сүбэ-соргу биэриэххин сөбүй?
— Билиҥҥи олоххо итэҕэллээх буолуохха. Айылҕаҕа чугаһыахха, кыра оҕоттон кырдьаҕаһыгар тиийэ, айылҕа күүһүгэр, иччилэрбитигэр, Үрүҥ Аар тойоҥҥо махтана, көрдөһө сылдьыахха. Сахалыы саҥарыахха оччоҕо дурдалаах- хаххалаах буолуохпут.
-Үүммүт 2024 сыл хайдах буолуой?
—2024 сыл эмиэ уларыйыы-тэлэрийии сыла элбэх. Киһи бэйэ дьыалатын арынара ыксаллаах-тиэтэллээх соҕус буолуо, айылҕаҕа элбэх уларыйыылар баар буолуохтара. Үчүгэй сыл буоллун барыгытыгар диэн баҕа санаабын ыытабын.
— Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө буолар аналыҥ кыаҕа өссө да арыллан, сайдан истин. Тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, бары үтүөнү баҕарабын.
Алена ИВАНОВА
(Хаартыскаҕа дьон-сэргэ туһугар айылҕаттан бэриллибит талаанынан үлэлээбитэ 10 сыллаах кэрдиис кэмэ сырдатыллыбыт «Көрбүөччү Арамаан» диэн 2021 с. тахсыбыт кинигэтэ)