Кырдьар кырыыс дииллэрин
Кырдьык оннук диэбэппин,
Кырдьыы кэрэ кэмнэрэ
Күөйэ көттө ээ миигин…
диэн кырдьар кэрэ кэми — көмүс сааһы араастаан «аҕам саастаахтар» диэн кубулдьуппакка, баары баарынан ааттыыбын. Быйыл Сунтаарга иккис сылын «Көмүс саас» диэн кырдьаҕас дьон лааҕыра түөрт күн үлэлээн ааста. Бастакы күнүгэр Сибиэрэп аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ кэлэн, сааһырбыт дьон туох да үтүрүһүүтэ, анньыһыыта суох бары доруобуйабытын бэрэбиэркэлэттибит. Иккис күн эдэр ыччаттар көҕүлээһиннэринэн, салайааччы Трофим Иванов, икки сабыс-саҥа автобуһунан баран Тойбохой түмэлин көрдүбүт, Кириэстээх «Кустук» түмсүүтүн кытта көрүстүбүт. Эдэр сааспар Бордоҥҥо алтыһан ааспыт Болуодьам — билигин Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович — үөрэ-көтө көрсөн, зоотехнигым диэн убаастаан иннигэр уктан кэргэнин билиһиннэрбититтэн, дьиэтин-уотун көрдөрөн ыалдьыппытыттан аһара астынным, үөрдүм. Уолбут дьиэтэ-уота дьоруой статуһугар эппиэттиириттэн ама ким үөрүө суоҕай?! Кириэстээхтэр, Африканович туруорсубут кулууптарын аҥара быйыл үлэҕэ киирэр, сороҕо эһиил. Эһиилгиттэн 1000 төбө киирэр улахан, барыта сиппит-хоппут, оттуур ходуһатыгар, аһылыгар (кормовой базата), үлэһиттэр олорор 4 ыбартыыралаах дьиэлэригэр тиийэ толкуйдаммыт сүөһү көрөр комплекс тутулларын аһара да сэргии иһиттим, эдэрим, үлэлиир сааһым ааспатаҕа буоллар дии санаатым. Улахан, Кыра Табаҕалар таҥастанан үлэҕэ киирэр буолбуттар. Бачча үчүгэйгэ, дьэ, үлэлиир-хамсыыр үлэһиттэр, осеменаторыгар тиийэ үчүгэй исписэлиистэр, кэлин өссө технологтар наадалар. Ааҕан көрүүбүнэн кырата 500-чэ ыанньык наада эбит.
Чэ, бээ лааҕырбыттан бэйэм билэр, сөбүлүүр тиэмэбэр аһара халыйан хаалаары гынным. Икки сыл лааҕырга сылдьыбыт, саамай уопуттаах кырдьаҕас лааҕырдьыт быһыытынан тугу бэлиэтии көрдүм? Бастатан туран, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан киэҥ, сырдык, сылаас уораҕайга буолар. Дириэктэр Алексей Седалищев истиҥник эҕэрдэлээн көрүстэ. Былырыыҥҥыттан баһаатайбыт Оксана Михайловна отой кырдьаҕас дьон санаатын табарга айылҕаттан анаммыт курдук. Быйыл да, былырыын да араас исписэлиистэри ыҥыран кырдьаҕас дьон олоҕор наһаа наадалаах билиилэри, мунаарар ыйытыктарбытыгар хоруйдары ылбыппыт олус да үчүгэй. Ол курдук, полицияттан Степан Константинов массыанньыктар үктэтиилэригэр киирэн биэрбэт курдук сүбэлэрэ, «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын үлэһиттэрэ чэпчэтиилээх сурутууну, өй, толкуй оонньуутун уонна бэйэлэрэ айбыт оонньууларын ыыппыттара үчүгэй да этэ. Социальнай, пенсионнай сулууспалартан исписэлииистэр сүбэлэрэ туохха да тэҥнэспэт. Пенсионнай сулууспаҕа талоннар кэлбиттэр, наадыйааччылар күн сарсын сүүрүҥ, бүтэн хаалар үһү.
Ббилэтиэкэ кыргыттара Мария Алексеева, Саргылаана Генерова мүнүүтэҕэ аахтараннар, «Т.У.О.С.» оонньууну ыытаннар, «Ааһан иһэн аах» диэн аахсыйаны ыыттылар, өссө оҕолуу үөрдэр бириистээхтэр. Талба талааннаах Мирослава Уарова бытыылканан ваза оҥорорго маастар-кылаас биэрдэ. Туттар тэрилбитин — бэрчээккэтиттэн кырааскатыгар тиийэ баһаатайдарбыт бэлэмнээбиттэр. Дьэ, биһиги ону араастык буккуйан, ыһан-тоҕон арааһынай вазалары оҥордубут, оҕолуу үөрдүбүт. Бу бириэмэҕэ эр дьоммут колледжка бараннар оһуордаах-мандардаах боруонсаттан кып-кырачаан чороон оҥороннор саха тэҥэ суох буолан кэлбиттэрэ. Отой тойоттордуу, икки күн, массыынанан тиэллэ сырыттылар.
Лена Прокопьевна кырдьаҕас дьон иллэҥ кэмнэригэр алтыһан ааһалларыгар компьютер, харчы биэрэбит, араас тэрээһиннэри ыытыа этибит диэбитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт.
Киин үлэһиттэрэ аспытын бэйэлэрэ булан-алан аҕалаллар, астыыллар. Уораҕай байанайдаах булчуттарын бултарын аһынан аһаатыбыт. Галина Михайловна салайааччылаах асчыт кыргыттар, минньигэс мичээрдээх, аҥардас күлэ-үөрэ үүттээх чэйи ууран биэрэллэриттэн саҕалаан астара барыта минньигэс. Тарҕаһарбытыгар, оҕолорбут барахсаттар уоттаах-күөстээх «Көмүс саас» диэн суруктаах минньигэс бэйэлээх тордунан күндүлээтилэр.
Быйыл биһиги улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын аҕа баһылыкпыт биллэрбитэ. Хас биирдиибитин, ааппытын тоһоҕолоон бэлиэтээн туран, баһылык Анатолий Григорьев илии баттааһыннаах, олус дириҥ ис хоһоонноох Эҕэрдэ суругун тутаммыт олус үөрдүбүт. Улуус култууратын уонна айылгытын хотуна Саргылана Омукова эҕэрдэлээн баран, сыана ортотугар дьэргэйэн турбакка, кырдьаҕас дьоҥҥо бэйэтинэн утары, үөрэн мичилийэн кэлэн, хас биирдии киһиэхэ сылаас тыллаах сурпуктары туттарбытыгар эдьиийдии махталбын тиэрдэбин.
Александра Яковлева эти-хааны, үс куту бөҕөргөтөр хамсаныылара интэриэһи көбүттүлэр, кыыкынас да буоллар кылыһахпыт дьиэрэйдэ, өссө оһуокайдаан ойон саха буолан сандаардыбыт. Кырдьаҕас дьон кэрэҕэ тардыһыыларын, кэрэхсииллэрин көстүүтэ – муода көрдөрүү буолла. Манна араастык оҥостон, симэнэн, уҥуохтуун-арҕастыын көнөн ханнык да үрдүк подиумтан итэҕэһэ суох хааманнар харах халтарыйар көстүүтэ буолла. Тойбохойтон Клара Тихонова 8 киилэлээх байаанын сүгэн киирэн кэнсиэр нүөмэрдэрин доҕуһуоллаан, уопсай ыллатан тэрээһиммитин киэргэппитигэр туспа улахан махтал.
Сорохтор кулууптар үлэлэрэ буоллаҕа дии дииллэр. Ол эрэн… ханнык баҕарар үлэҕэ айымньылаахтык, ис сүрэхтэн баҕаран туран үлэлээһин, дьону үөрдүү бу үлэ муҥутуур үөрүүтэ, ситиһиитэ дии саныыбын. Оҕолорбут хас хамсаныыбытын хаартыскаҕа хатаан, видеоҕа устан үтүө өйдөбүлү хааллардылар, бэлэх туттардылар. Бу күннэргэ отой бииргэ сылдьыспыт Оксана Еремеева, Николай Баянаев, Герман Иванов, Александра Яковлева маны отой кыайа туттулар. Эһиил эмиэ өссө сонун тэрээһин буолуо диэн эрэнэ күүтэбин. Сылдьыан баҕалаах аһара элбэх буоллаҕына туораан биэрэрим дуу. Ол эрэн… сылдьыах баҕа улахан.
Зинаида Федотова — Дьол Кыыма