Үгүс үөрүүлээх, эмиэ да арахсар курус толбонноох үс күннээх лааҕырбыт түмүктэннэ. Бүгүн эргиллибэттии элэс гыммыт эдэр сааһы эргитэр – ретро күн этэ. Онон үҥкүү-сэрээккэбит ретро үҥкүү хамсаныыларынан буолла. Оҕолорбут Мотя, Ваня урукку үҥкүү муусукатынан хамсатан-имсэтэн эмэхсийбит уҥуохтарбыт эрчимирэ түстүлэр.
Үөрүнэн баран сарсыардааҥы мип-минньигэс хааһыбытын, сып — сылаас алаадьыбытын анньан кэбистибит. Бу аһылык бириэмэтигэр Екатерина Григорьева Сайа хоһоонноруттан ааҕан хааһыбытын минньиттэ. Сайа этэринии киһи куруук дьоллоох буолбат, дьол диэн түгэн. Биһиги бу лааҕырга сылдьыбыппыт дьоллоох түгэн. Онон иэйии киирэн аһылыкпытын хоһоонунан, ырыанан тумалаан тупсаран биэрдибит.
Тотон, дуоһуйан улахан хоспутугар киирбиппит араас сыт хойуу сибэккилээх сыһыыга киирбит курдук буолла. 19 сыл «Глория» фирмаҕа сыстан үлэлиир, кини оҥорон таһаарар бородууксуйатынан утумнаахтык дьарыгырар Саргылана Докторова сыт көмөтүнэн (аромотерапия) эмтэниини өйгө түһэрдии кэпсээтэ. Генетика диэни син истэр-билэр буоллахпытына, эпигенетика диэнибиир бэйэм саҥа биллим. Бу лааҕырга сылдьан үгүс саҥа билиини ыллым, билэрбин чиҥэттим.
Култуура аксакала Мария Тараярова чөл туруктаах уһун үйэлэнии кистэлэҥнэрин тус бэйэтин билиитигэр, уопутугар олоҕуран кэпсээбитэ киэҥ сэҥээриини ылла. Илиитин -атаҕын, иһин-көхсүн илбинэр араас тэриллэрин аҕалбытын тутан-хабан көрдүбүт, салаан-сыттаан эрэ көрбөтүбүт быһыылаах, дьон оннук сэргээтэ. Бэйэҕитин куруук иһиллэнэн, көрүнэн кырдьарга бэлэм буолуҥ диэн сүбэлээтэ. Анна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” диэн кинигэтэ олус туһалааҕын ыйда. Ис сүрэҕиттэн көйөрбүт роза, лаванда сибэккилээх чэйинэн күндүлээтэ.
Туйаара Алексееваны өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар талааннаах, дьоҕурдаах оҕо диэтэхпинэ сыыспаппын. Кыыспыт күн аайы саҥаттан саҥаны көрдөрөн иһэр, бэҕэһээ кылыһах кистэлэҥин кэпсээбитэ, көрдөрбүтэ. Кылыһах бу кылы сах диэн тыл эбит. Киһи куолайын силгэлэрэ кыл курдук илибирээн саҕыллан кылыһах үөскээн тахсар эбит. Бэҕэһээ бэйэбит ыллаан , туойан, оһуокайдаан дьиэрэппит буоллахпытына, бүгүн оҕобут хомус алыптаах тыаһынан арчылаата-угуттаата. Сорох сорохтор ол көтөр хомуһуҥҥа уйдаран араас эйгэҕэ киирэн тахсыбыттар.
Онтон доҕоттоор, кыргыттарбыт “эмээшшиттэри” кырааскалаан -самааскалаан элэстэммит эдэр сааспытын эргилиннэри тардан, урукку таҥаспытын-саппытын кэтэн, радикюль суумкаларбытын тутан барбах аҕай кыһыл доруосканан кылыҥкай ойдубут. Эдэр эрдэҕиттэн муоданы муннуттан сиэппит Галина Самойлова бэйэтэ муодунай сурунаалтан субу түспүт курдук сандааран туран “подводные камни моды” диэн кэпсээтэ.
Култуурабыт салайааччылара, хотун Саргылана Омуковаттан саҕалаан, «черно-белый стиль» көрдөрөн сөхтөрдүлэр. Кииммит үлэһиттэрэ уоллуун-кыыстыын урукку муоданан таҥнан тоҕо анньан тахсаннар былааһы ылардыы ыллылар. Киһини курдары тэбиэх курдук уһуктаах түүппүлэлээх уол хааман дыралдьыйбытыгар, бэрт имигэс илиилээх-атахтаах нарын, кырасыабай кыргыттар хааман тоһугураспыттарыгар таптыы көрөммүн , бэйэм эдэр сааспын санаан, ытыы сыстым. Култуурабыт, кииммит оҕолоро киэҥ, баай да көрүүлээх эбиттээр.
Күнүскү аһылык күөйэ көтөн кэлбитигэр Галина Васильева хамаандата аны сэлиэйдээх ис миининэн күндүлээтэ. Минньигэс астаах оҕолорбутун биир-биир астына көрдүбүт. Туох баар тэрээһиммит, хамсаныыбыт муусуканан доҕуһуолланар. Ону Михаил, Павел биллибэккэ сылдьан чуоккайдык дьаһайан иһэллэр. Отой биир тэҥҥэ үлэлиир биир киһи курдук хамаанда буолбуттар.
Эбиэт кэнниттэн сахалыы чомпой бэргэһэ тигиитигэр иннэни ыллатар көмүс илиилээх иистэнньэҥнэр Любовь Прокопьева, Ирина Митина маастар-кылаас биэрдилэр, киэп быстан бастыҥнар харатын тиктилэр. Саамай үөрэ истибитим Любовь Мелетьевна: «Кэлин да киирэ сылдьаарыҥ. Сэбиэскэй иитиилээх киһибин, хайдах үөрэппит дьоммун сир ортотугар быраҕан кэбиһиэмий?!»-, диэн үлэтигэр эппиэтинэстээҕин, иистэнэр дьарыгын сөбүлүүрүн биир этиинэн этэн кэбистэ.
Дьэ, доҕоттоор, оттон баара-суоҕа биир лааҕыр “оҕолоругар” кэнсиэрт курдук кэнсиэри көрдөрдүлэр эбээт. Былырыын Байанай ыйыгар, күнүгэр кэлбит Николай Баянаев чуолкай чуор куолаһынан кэнсиэри арыйаатын кытта, лааҕыр талааннаах “оҕолоро” ырыа ыллаатылар, хоһоон, монолог аахтылар, хомуска оонньоотулар, дьикти көрүҥҥэ холоннулар. Ханнык баҕарар улахан сыана киэргэллэрэ — ыалдьыттарбыт Иван Аммосов, Саргын, Ымыычаана, кииммит талба талааннара уонна үһүс оскуола талааннаах оҕолоро “Дьүрүскэн” , “Эйгэ” ансаамбыллар толорууларыттан ама ким үөрбэт буолуой?! Кыра, аҕыйах дьонноох кэнсиэр диэбэккэ, анал сыана көстүүмнээх тахсыбыттарын бэйэҕэ уонна көрөөччүгэ убаастабыл, култуураларын таһыма үрдүгүн быһыытынан сыаналаатым.
Бу лааҕырга 88 саастаах Фатима Николаевна Андреева сылдьыбыта кэрэ кэпсээн буолар. Лааҕырга араас талааннаах, дьоҕурдаах дьон сылдьыбыта бэйэтэ туспа кэпсээн буолар кыахтаах. Салайааччылар киин балыыһа кэлэктиибэ бэтэрээннэрин төлөөн сынньата ыыппытын, кырдьаҕас дьоҥҥо кэрэ бэлэх быһыытынан сыаналаан, наһаа махтаналлар, профком бэрэссэдээтэлэ Степан Васильевич үтүө холобурун атын тэрилтэлэр батыһыҥ.
Бүтэһигэр дириэктэри солбуйааччы Иван Васильев мичилийэн тахсан бары лааҕыр чилиэннэригэр махтал туоһу сурук,” Сунтаар миигин ыҥырар” диискэ, уопсай хаартыскабытын бары чуолкай көстөрбүт курдук дэлэйдик, улаханнык бэчээттээн бэлэх уунна.
Лааҕырга сылдьыбыт, үс күн оҕо буолан ылбыт эһэлэртэн, эбэлэртэн баһаатайбытыгар Оксана Михайловнаҕа уонна тэрээһини тэрийсибит, киэргэппит үлэһиттэргэ барҕа махтал буоллун! Биир да астымматах киһи суох!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма