Хаар маҥан, эр киһиэхэ харахха быраҕыллар уһун баттахтаах, дьоһун саастаах эр киһи уонна куруук үөрэн мичилийэ сылдьар ис киирбэх дьахтар куруук иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьалларын сэҥээрэ көрөн сураспытым — Светлана, Прокопий Яковлевтар эбит.
Проня төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, 7 эдьиийгэ соҕотох уол буолан олус улахан тапталынан көрүллүбүт, иитиллибит . Сэттэ эдьиийдээх уолга кэргэн тахсар биир эридьиэстээх эбит. Сылга биирдэ бары эдьиийдэр Сунтаарга ыһыахтыы мусталлар эбит. Уонна уолларын ортолоругар уктан туран холун-буутун, көхсүн көп этин эргитэ сылдьан туппахтаан, имэрийэн хайдах туруктаах сылы туораабытын быһааран кийииттэрин сыаналыыллара. Бары удьуордаан туран уһун үйэлээхтэр, тарбахтарыгар улахан талааннаах уустар эбит.
Проня Түбэй-Дьаарханынан, Ньурбанан үөрэнэн, аармыйаҕа сулууспалаан баран, Сунтаары булбут. Светата Кириэстээҕинэн, Дьокуускайынан, Депутатскайынан үөрэнэн баран, Сунтаарга кэлбит. Дьэ, уонна Сунтаар быйаҥнаах буоругар булсубуттар.
Бу дьон 57 сыл анараа өттүгэр олохторун түстээбит киһинэн урукку Сунтаар оройуонун култууратын сэбиэдиссэйин Николай Егорович Тимофеевы ааттыыллар. Туох да анал үөрэҕэ суох эдэр уолу Проняны Түбэй-Дьаархан кулуубугар үлэлэтэ ыыппыт. Ол тиийэн оннун-тойун булан үлэлии сырыттаҕына, саҥа үлэлии кэлбит 3 кыыс кулуупка киирэн көрөн тахсыбыттар. Олору көрөөт, кэннилэриттэн Проня: «Ити кыыс миэнэ, ким да былдьаспат!»— диэн быһа этэн кэбиспит. Света кыысчаан Ыгыатта учаастагар кулуупка үлэлээбит. Эрдэттэн «броньнаабыт» кыыһын үлэтинэн өрүс уҥуор-маҥаар тыынан туората, сатыы атаара сылдьан эриссэн ыал буолбуттар.
1969 сыллаахха бастакы уол оҕолоро күн сирин көрбүт. Ону аҕа киһи сэбиэккэ суруттара тиийбит. Арай туран бу дьоммут саахсата суохтар эбит, онон уолуҥ ийэтин араспаанньатынан Спиридонов буолар диэбиттэр. Омун-төлөн Проня отой утарбыт уонна «дабаай, манна саахсалааҥ» диэн кэргэнэ суох, ыйыппакка даҕаны бэйэтин араспаанньатын биэрэн саахса киниискэлээх, оҕо сибидиэтэлистибэлээх үөрэн-көтөн тахсыбыт. Биир сэбиэскэй дьиэ кэргэн бу курдук үөскээбит.
Уһун Күөл, «Партизан» кулуубтарыгар, РДКҕа барытыгар үлэлэтэ сатаабыттар. «Тоҕо эрэ санаам, сүрэҕим кулууп үлэтигэр отой сыппат этэ, наар уһаныахпын баҕаран курдары таттара турар этим», — диэн Прокопий кэпсиир. Урут хачыгааркаларга үлэлиир да усулуобуйа суоҕун сөҕөн ахталлар. Үлэһиттэр иһэн-аһаан даҕаны, тымныыттан систиэмэ хампы тоҥоро үгүс эбит. Кулууп сэбиэдиссэйэ үгүстүк түүннэри тэрилтэтин баран көрөрө. Хочуолунай иһэ ыыс быдан туман-буруо буолар эбит. Ону туһанан албастаах хачыгаардар оһох иннигэр икки саппыкыны туруору ууран кэбиһэллэр эбит. Алларанан төҥкөйөн көрдөххө, киһи оһоҕун буккуйа турар диэн сорох бэрэбиэркэлээччилэр киирбэккэ ааһа бараллар эбит. Света биирдэ түүн эрин кытта рейдэҕэ барсыбыт. Арай ааны аһааттарын кытта күрүүкэлээх илии кини эрин төбөтүн туһаайан түһэн иһэрин көрөөт, хаһыытаабытынан ол илиигэ хатана түһэн эрин быыһаабыт.
Ол дьулаан күнтэн уонна хаһан да «кулууп ойоҕо», «бесплатнай приложение», «присоска» диэн араас ааттар иҥиэхтэригэр диэри куруук батыһа сылдьар, Борукуоппай да ону сөбүлүүр, Сибиэтэтэ суох харыс да халбарыйбат эбит. Тыйаатырга бастаан сыананы киэргэтээччинэн ( декоратор) киирбит. Онтон сыыйа кыра оруоллары биэрэннэр сыстан испит. 30 сааһын да туолбакка сылдьан улахан оруолун «Күөрэгэй» драмаҕа Омоҕой оруолун оонньоон биһирэбили ылбыт. Артыыс Борокуоппай саамай бэриниилээх көрөөччүтэ – кэргэнэ. «Ийэ дойду» диэн испэктээкилтэн быһа тардыыга билиэннэй саллаат буолбутун ньиэмэс аппыһыара (Кузьмин Егор) үлтү сахсыйбыт. Онно Проня чуохайбыт уп-уһун моонньо уҥа-хаҥас охсулларын уйадыйа көрөн, ол аппыһыары оонньуур артыыһы чуут кырбыы сыспытым диэн Светлана күллэрдэ. Тыйаатырга оонньообутун устатыгар 6 төгүл «Бастыҥ эр киһи оруола», «Бастыҥ режиссер» ааттары ылаттаабыт.
Сааһыран баран «Его дочь» киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообут. 60-ча оҕонньортон талан ылбыттар. 47 хонук Уус Алдаҥҥа Майаҕаска уһуллубуттар. Сценарийы эрдэ билбитим буоллар аккаастыахтаах этим. Дуогабарга илии эрдэ баттаабыт буолан эппиэтинэһин санаан сылдьыбытым. Арыллан оонньооботоҕум, киинэттэн тэйэ киһи эбиппин диэн бэйэтигэр туруору сыана быһынар. Тыйаатыр — бу олох, онно иэйэн-куойан оонньуугун диэн артыыс быһыытынан тыйаатырын олох ордорор. Мин Борокуоппай элбэх оруолга оонньуурун көрбүтүм, олортон саамай күүстээхтэрэ «Соҕотох Бэс» драмаҕа Силип оҕонньор этэ дии саныыбын.
Борокуопай Ньукулаайабыс бу сиргэ ананан кэлбит дьарыга – уһаныы. Тиэргэнигэр киирэн иһиэхтэн хамсыы, түөрэҥнии турбат киэҥ-куоҥ далаһа мастан саҕалаан сыарҕалаах аттан, оҕустан, эккэлии көрсөр ыкка тиийэ уус киһи илиитин сылааһа биллэр. Дьэрэкээн оһуордаах беседкаҕа хачыаллыы-хачыаллыы тиэрэ түһэн олордоххо уһун-киэҥ санаалар киирэллэр. Хаһаайка этэринии, дьиэҕэ бытовой тиэхиникэттэн ураты «готовай» диэн суох. Дьип-дьап уран оһуордаах аһыыр остуолтан устуултан саҕалаан , иһит ыскааба, истиэҥкэ бу тылынан этиллибэт дьэрэкээннэрин хараҕынан эрэ көрбүт итэҕэйэрэ буолуо. Дьиэ үрдүн уран оһуорун хоһуйарга тыл сүмэтэ тиийбэт. Кэм да сүгэни сатаан тутар, тоһоҕону сатаан саайар эр дьон бу улахан уус баарыгар бука диэн баран көрүҥ, үөрэниҥ диэхпин баҕардым.
Бу уһанар дьоҕурга аан бастаан Антоновка оскуолатыгар үөрэммит. Манна маска, тимиргэ уһанарга, электрик буолан тахсарга уһуйаллар эбит. Математика уруогар эбэһээт үөрэниэхтээҕиҥ курдук бу үөрэхтэргэ эбэһээт үөрэнэргин ирдииллэр эбит. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа УПМ-ҥа үлэлээбит. Оҕололору үөрэниҥ диэн сырсар этибит, эбии үөрэх буолан баҕалаах эрэ сылдьар буолан оҕо аҕыйах сылдьыбыта диир. Николаевич ол сылларга, билигин даҕаны эдэр тыччакка этэр этиитэ: «Киһи эбэһээт болуотунньук буолан барбатар да, дьиэ иһигэр-таһыгар тоһоҕону саайартан саҕалаан сатыыр буолуохтаах. Бу олоххо ким да буолбутуҥ иһин ,олус туһалаах дьарык, үп-харчы да өттүгэр улахан өйүөк буолар»-, диир.
Бу ытык саастаах Борокуоппай Николаевич 80 сааһын туолаары олорон туох диирий? «Олорон кэлбит олохпуттан наһаа астынабын. Кэргэмминээн куруук бииргэ сылдьабыт, кыратык да тэйистэхпитинэ ахтыһабыт, суохтаһабыт. Оҕолорум саамай үчүгэй аҕа диэн ааттыллар. Оҕолорум, сиэним, хос сиэннэрим — бу улахан баайдарым. Билиҥҥи ыччат чөл олоҕу талар, үөрэҕи, үлэни батыһар буолбут диэн үөрэ көрөбүн. Үөрэҕи утарар диэн сыыһа өйдөөмөҥ. Ол гынан баран, үөрэҕэ да суох киһи олоххо сөптөөх суолун туттаҕына дьолун булар. Киһи ычата, анала араас буолар. Ааһан иһэн сатыырыгар, кыайарыгар батыллан, биир сиргэ туран-олорон хаалбакка, салгыы барыахтаах, эбэтэр санаата отой хоппотугар, күүһэ-өйө кыайбатыгар тарбачыһыа суохтаах. Киһи олоххо бэйэтин оннун булуохтаах» .
Бу 80 хаарын уулларан олорор ытык аҕа кэлэр көлүөнэҕэ этиитин сыыска-буорга түһэрбэккэ, таба өйдөөн оҕолорбут барахсаттар олох сатабылларыгар кыра саастан үөрэнэн, олоххо бэйэҕит сөптөөх миэстэҕитин булан, сирдээҕи дьолу билиҥ.
Зинаида ФЕДОТОВА- Дьол Кыыма