Кэмпэндээйигэ Улуу Кыайыыны үгүс тэрээһиннээх көрүстүбүт

Улуу Кыайыы күнүн Кэмпэндээйигэ бары нэһилиэгинэн күргүөмнээхтик көрүстүбүт.

Уһуйаан оҕолоро Кыайыы скверигэр кэлэн турбут өйдөбүнньүктэри кытары билистэр, иитээччилэр сэрии туһунан кэпсээтилэр.

Бибилэтиэкэҕэ эр санаа уруоктара ыытылыннылар, үөрэнээччилэр сэрии сылларын туһунан тахсыбыт кинигэлэр быыстапкаларын, төрөөбүт Кэмпэндээйилэригэр ыар сылларга туус хостуурга Сталин уурааҕын толорон күүстээх үлэ барыытын, хаайыы кэлиитин, саха снайпер буойуттара Егор Петров, Федор Охлопков, Иван Кульбертинов, Георгий Федоров, герой пионердар тустарынан сиһилии билистилэр. Оҕолор тыыл бэтэрээннэрин, сэрии тулаайахтарын эҕэрдэлээтилэр, кылаастарынан Кыайыы түннүгэ аахсыйаҕа кытыннылар.

Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда Кыайыы скверигэр гирлянда ууруутун кэннэ үөрэнээччилэр параадтаан ньиргиттилэр, ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар.

«Арассыыйа ийэлэрэ» түмсүү полевой куукуна тэрийэн, саллаат минньигэс хааһытынан күндүлээтилэр. «Өлбөт үйэлээх мэҥэ полк» байыастарыгар анаан истиэндэ турда. Манна бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Эдэр кыраайы үөрэтээччилэр» кулууптара 2015 сылтан көрдүүр үлэлэрин түмүгэр Кэмпэндээйиттэн сэриигэ ыҥырыллан барбыт эбии 30 буойун ааттарын булбуттара турда.

Киэһэ саҥа арыллыбыт кулууппутугар үөрэнээччилэр, учууталлара, нэһилиэк ыччата, кулууп, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэлэмнээн туруорбут «Уллуҥ» диэн ааттаах испэктээк көрдөрдүбүт. Кэмпэндээйи хаайыытын туһунан «Ньургуһун» литературнай түмсүү салайааччыта Августина Попова-Кыыдаана суруйбут кэпсээниттэн 6 көстүүлээх испэктээкили олохтоохтор бэркэ сэргээн көрөн дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Манна сэрии саҕанааҕы ыал олоҕо атыйахтаах уу курдук ыһыллыыта, байыаннай нолуок, суут, НКВД үлэһиттэрэ, кырыктаах хаайыы начальнига Бурлов, туус собуотун дириэктэрэ Камынин, ыстахаанабыс Апанаас Дьэпсиэйэп, аччыктааһын, өлүү-сүтүү барыта көстөн ааста. Чахчы да норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа суруйбутун курдук «кыргыс уот кэмин кырыыһа, дьылҕа ыар ынчык ытабыла» буолан оспот бааһы хаалларбыт Кэмпэндээйи биир кистэлэҥэ…

Салгыы оскуола үөрэнээччилэрэ Кыайыы күнүгэр аналлаах кэнсиэри көрдөрөннөр ,1975 сылтан кэлбит үтүө үгэс сөргүтүллэр, оҕолор элбэх сэрии туһунан ырыалары, үҥкүүлэри бэлэмнээбиттэр. Улуу күнү өйдөбүнньүк уотунан түмүктээн, нэһилиэк дьоно Кыайыы пааматынньыктарыгар чүмэчи  уурдулар.

Татьяна МЕСТНИКОВА, бибилэтиэкэр

Читайте дальше