Кэмпэндээйигэ оҕолор криогалиты чинчийэллэр

Саха сиригэр Кэмпэндээйи сир баайынан биллэр. Бу нэһилиэккэ туус, чох, цеолит хостонор. Туус — криогалит буоларын көрөөрү, чинчийээри тохсунньу 16-20 күннэригэр «Окунись в науку» диэн оҕолорго аналлаах кыһыҥҥы сиэссийэҕэ географическай уопсастыба үөрэхтээхтэрэ кэлэн оҕолорго үɵрэх-билии биэрдилэр.

Таһырдьа 40-тан тахса тымныы кыраадыс… Маннык тымныыга Кэмпэндээйигэ криогалит диэн сэдэх минералы хостоон булуохха сɵп. Инньэ 1907 сыллаахха бу маннык минерал баарын минеролог учуонай Петр Драверт чинчийэн арыйбыта. Кэмпэндээйигэ сиртэн тыгар ороһуол кыһыҥҥы тымныыга криогалит буолан кубулуйар, онтон саас сылыйдаҕына ып-ыраас, мап-маҥан туус буолар.

Нуучча хаһаактара бу туус сыркытын булбуттара быйыл 385 сыла. Бу маны барытын киэҥник, хорутуулаахтык билиҥҥи кэмҥэ энтузиаст бибилиэтиэкэ үлэһитэ Татьяна Местникова ыччаттарга үөрэтэр уонна билиһиннэрэр. Кинилэр 1640 сыллааҕы Енисей хаһаактара суруйан хаалларбыт суруктарыгар олук ууран араас чинчийиини кыһыннары-сайыннары ыыталлар.

«Окунись в науку» диэн Сунтаар, Элгээйи, Кэмпэндээйи оҕолоругар аналлаах сиэссийэ түɵрт күн устата тэрилиннэ. Манна ыччаттар аар айылҕаны кэтээн кɵрүүгэ, тыынар тыыннааҕын чинчийиигэ араас үөрэҕи ыллылар. Бу үөрэххэ Кэмпэндээйи 9-с кылааһын үɵрэнээччилэрин Радомир Федоровы уонна Тася Саввинованы кытта билистим. Радомир отой кыратыттан динозавр уҥуохтарын кырамталарынан чинчийии үлэтин ыытан ситиһиитэ олус элбэх, онтон Тася Степан Крашененников Кэмпэндээйи суолларынан чинчийии оҥорбутун үɵрэтэн, ырытан НПК-ларга кыттар эбит.

Кэмпэндээйи бибилэтиэкэтин, улуус дьаһалтатын, үɵрэҕирии салалтатын ыҥырыгын ылынан бу улахан барылга Арассыыйа географическай уопсастыбатыттан ирбэт тоҥ институттан научнай сотрудник Александра Петрова, мл.научнай сотрудник Вилена Ефремова, ХИФУ-тан Иван Пономарев, биологическай институттан Владимир Сафонов кыттыыны ыллылар.

Сиэссийэ биир умнуллубат түгэнинэн Петр Драверт чинчийбит Туус күөлүгэр криагалит көрдөөһүн буолла. Дьэ, бу курдук 100-тэн тахса оҕо наука кэрэ эйгэтигэр угуйулунна.

 

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше