Кэмпэндээйи суолун муосталарын оҥордулар

Бу сайын Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Устье-Кэмпэндээйи айан суолугар муосталары өрөмүөннээтилэр. Урукку сылларга бу суол кэрчигэр айылҕа уута тахсан харгыстары үөскэтэрэ. “СтройМост” тэрилтэ федеральнай тосхолунан суол 31 км Улахан Харыйалаах, 25 км Орто Харыйалаах, 15 км баар Куччугуй Харыйалаах үрэхтэри туоруур муосталары саҥардыыга ылан үлэ ыытта.

Куччугуй Харыйалаах, Орто Харыйалаах үрэхтэри туоруур муосталарга улахан иэннээх турбалары быраҕан буорунан көмөн тиэхиньикэлэр сырыыларын олохтоотулар. Орто Харыйалаах, Куччугуй Харыйалаах муосталар өрөмүөннэрин “Айан-Суол” уонна “Сунтарцеолит” тэрилтэлэрэ оҥордулар.

 

Онтон Улахан Харыйалаахха “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан саҥа тимир муостаны тутуохтара.

Үлэни 2025 сылга бүтэрэр соруктаахтар. Онтон быйыл бу суол кэрчигэр муостаҕа диэри тиийэр суолу куттулар. Салгыы тимир муостаны туруоруу үлэтин ыытыахтара. Билигин үрэҕи туоруур быстах кутуу муостата баар. Ыытыллыбыт өрөмүөн үлэлэрин түмүктэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников көрдө: “Өрөспүүбүлүкэ маннык тыын суолталаах суоллары көрүүгэ-истиигэ улахан болҕомтону туһаайар. Ол иһин, бу муосталары үйэлээхтик, хаачыстыбалаахтык оҥорбуттарыгар эрэнэбит” диэн эттэ.

 

Бу үрэххэ былыргы 1934с. биллэр суол оҥорооччу Александра Овчинникова туппут муостатын омооно билигин да турар. Бу хаарбах туруктаах муостаны Кэмпэндээйилэр историческай мэҥэ бэлиэ быһыытынан хаалларан хаттаан тутуохха диэн этиилэрин сэргии иһиттибит.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше