Көмөҕүт иһин махтал #СВО

Бу соторутааҕыта Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы буола турар сиригэр гуманитарнай көмө илдьибиттэрин көрдөрөр-иһитиннэрэр каналларынан көрбүппүт, сырыыларын кэтээбиппит. Бөлөх кыттыылааҕын Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын Эдуард Филипповы көрсөн сырыы туһунан хорутуулаахтык кэпсииригэр көрдөстүбүт:

– Сунтаар улууһуттан 7 киһилээх бөлөх анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр муус устар 27 күнүттэн үлэлээбиппит. Уопсайа нэдиэлэ буолбуппут. Бөлөхпүтүгэр Аҕа баһылыкпыт Анатолий Григорьев, Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Григорьев, Элгээйитээҕи баһаарынай чаас начальнига Василий Меняков, Сунтаар улууһун социальнай-экономическэй сайдыыга пуондатын салайааччыта Прокопий Иванов, успуорт салалтатын салайааччыта Семен Павлов, Москва куоракка Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэлэ Максим Березин уонна мин баарбыт. Запорож­скай, Херсонскай уобаластарга, Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр сирдэригэр сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын көрүстүбүт, көмөбүтүн илдьи­биппит. Бу маннык айаҥҥа мин тус бэйэм иккис сырыым. Миэстэтигэр тиийэн биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэпсэтэр, көмө туттарар биһиги ытык иэспит буолар. Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Григорьев бэйэлэрин тиэхиникэлэринэн Сунтаартан көмөнү илдьибиттэрэ. Ол курдук, Элгээйи нэһилиэгин олохтоохторун Николай Николаев СВО-ҕа анаан квадроцикл биэрбитин, Аркадий Егоров (эмиэ мэлдьи көмөлөһөр киһи) ыыппыт малын тиэйэн  уолаттарга тиксэрбиттэрэ.

Сунтаар нэһилиэгиттэн уопсайа 120 киһи анал байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьаллар. Уолаттар санаалара бөҕөх, кыайыыга эрэллээхтэр. Дойдуларын сонунун истэн, көмө быһыытынан аҕалбыт тиэхи­­ни­кэлэрин туттартаабыппытыгар олуһун үөрбүттэрэ. Бу иннинэ ордук туохха наадыйалларын биһиэхэ биллэрэллэр. Ол наадыйалларын атыылаһан тиийэбит. Ол курдук, 3 квадроцикл, 2 матаһыыкыл туттарбыппыт. Ону таһынан бойобуой операция оҥорорго анал тэриллэри түҥэппиппит.

Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр айанныырга аан бастаан биир кэлим координационнай кииҥҥэ маршрут оҥотторобут. Биһиги бөлөх айаннаан иһэрбитин истэн, сунтаардар биир сиргэ мусталлар. Көрсүһүү тэриллэр. Тустаах дьоҥҥо анаммыт баһыылкаларын биэрэбит. Холобура, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар квадроциклы ас-таҥас, эмп-томп, бааһырбыт, эчэйбит дьону таһарга тутталлар эбит. Аһынан-таҥаһынан хааччыллыы үчүгэй дииллэр. Ордук квадрокоптердар, антидроновай пушка, матаһыыкыллар наадалар эбит.

Саамай сүрүнэ, көрсүһүүлэргэ кэлбит уолаттар чугас дьоннорун «Биһигини суохтаппат курдук көрүүгэ-истиигэ ылыҥ» диэн этэллэр. Дьиэбитигэр нус-хас олох баар буоллаҕына биһиги ытык иэспитин чиэстээхтик толоробут дииллэр. Ол иһин, салайааччылартан саҕалаан хас биирдиибит сүрүн болҕомтобутун анал байыаннай дьайыы дьиэ кэргэттэригэр ууруохха. Кинилэр олохторо чэпчииригэр үлэлиэххэ, көмөлөһүөххэ. Үтүө да тыл дьону кынаттыырын умнуо суохха.

Бу айаҥҥа сылдьан М. диэн ааттаах уолу кытта билистим. Кини төһө да атын улуустан барбытын иһин ийэлээх аҕата Сунтаар нэһилиэгэр олороллор. Салгыы М. дьонун көрүүгэ-истиигэ ыллыбыт, туох баарынан көмөлөһүөхпүт.

Түгэнинэн туһанан, бу сырыыбытыгар көмөлөспүт дьоммутугар Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар уонна дьокутааттарын сэбиэтигэр, Сунтаар улууһун социальнай-экономическэй сайдыыга пуондатыгар (сал.  Иванов П.Ю.), “Сунтарцеолит” (сал. Попов П.М.), “Сунтаравтодор” (сал. Тен Д.Д.), “Кириэстээх” ТХПК (сал. Егоров В.С.), “Главстройкомплекс” (сал. Исаев А.Э.), “Тещин язык” (сал. Ващенко В.Н.), ТОС “Туску” (сал. Аммосова В.П.), Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар, дьокутааттарыгар, урбаанньыт Тарасов И.И., Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын бэрэстэбиитэлигэр Попов И.А, Элгээйи нэһилиэгин, Күндэйэ нэһилиэгин дьаһалталарыгар, «Оһуор» КК (сал. Семенов В.Н.), “Тускул” ТХПК  (сал. Львова А.А.) махталбытын тириэрдэбит.

Мира АФАНАСЬЕВА

 

 

 

Читайте дальше