Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов Дьокуускай куоракка үлэ боппуруостарынан командировкаҕа сырытта.
Ол курдук, ОДьКХ министиэристибэтигэр, «Водоканал» АХ ыраас уу ситимин станциятын тутуутун бастакы түһүмэҕин түмүктүүр үлэтин торумнуур мунньах буолан ааста. Уу ыраастыыр станция сүрүн үлэтэ бүтэн эрэр, пусканаладочнай үлэлэр бара тураллар. Бу эбийииэк иккис түһүмэҕин уонна Хомустаахха тутуллуохтаах оскуола-саад бырайыактара Саха сирин госэкспертизатын управлениетыгар бэрэбиэркэҕэ киирдилэр. Уу ыраастыыр станция эбии скважинатын Үүнэр көлүөнэ пуондатыттан 2024 сылга бырагырамаанан 20 мөл. солк. ылары үлэлэстэ. Ону сэргэ баһылык кэлэр сыллааҕы бүддьүөт боппуруостарынан Үп министиэристибэтигэр сырытта.
Нэһилиэкпитигэр Владимир Павлов аатынан уулуссаҕа 837 м уонна Октябрьскай уулуссаҕа салгыы 1 км 454 м аспааллааһын бигэргэнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспар министиэристибэтин нөҥүө ыытыллар “Саха сирин транспорт комплексын сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама күрэҕэр сайаапка бэрилиннэ. Түмүгэ кэлэр сыл саҥатыгар биллиэ.
«Сунтаар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата