Кэлэр сылга «Сунтаар сонуннара» хаһыакка сурутуу саҕаланна

Балаҕан ыйыттан саҕалаан кэлэр сылга улууспут «Сунтаар сонуннара» хаһыатыгар сурутуу саҕаланна.  Сыанабыт алта ыйга – 797 солк.40 харчы. Бу аадырыскытыгар тиийэр. Оттон почтаттан бэйэҕит кэлэн ылар буоллаххытына 765 солк.48 харчыга  суруттарыаххытын сөп. Маны таһынан хаһыат эрэдээксийэтиттэн кэлэн ыларга эмиэ сурутуу баар. Онно сыанабыт алта ыйга – 785 солк. Тэрилтэлэр эмиэ бу сыанаҕа суруттараҕыт.

Ону таһынан хаһыаты толору биир сылга суруттаран ааҕар кыахтааххыт. Аадырыска тириэрдии – 1607,97 солк., почтаттан кэлэн ылыы – 1542,75 солк.

Сэрии бэтэрээннэригэр, I, II группалаах доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо чэпчэтии көрүллэр.

Эрэдээксийэ кэлэктиибэ «СВО кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр «Сунтаар сонуннарын» суруттар» диэн аахсыйабытын салгыы ыытарбыт туһунан иһитиннэрэбит. Ону сэргэ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев анал дьаһалынан быйыл улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын биллэрбитэ. Бу анабыл сыл чэрчитинэн эмиэ аахсыйалаахпыт. 2024 сылга бу аахсыйаларга кыттыһан улууспут олохтоохторо, тэрилтэлэр, нэһилиэк баһылыктара байыастар дьиэ кэргэттэригэр, үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр улуустарын хаһыатын суруттаран дьоһуннаах бэлэҕи оҥорбуттара. Холобур, Аллыҥа нэһилиэгин баһылыга Николай Спиридонов, Сиэйэ баһылыга Александр Романов аан бастакынан биһиги аахсыйабытын өйөөбүттэрэ.  Баһылыктарын батыһан  нэһилиэк тэрилтэлэрэ эмиэ аахсыйаҕа кыттыбыттара. Элбэхтэн биири холобурдаан эттэххэ, Сиэйэ кулуубун дириэктэрэ Мария Ефимова биир бэйэтэ алта киһиэхэ «Сунтаар сонуннарын» сурутан биэрбитэ…

Сурутууну почта бары отделениелара, почтальоннар уонна эрэдээксийэҕэ ыытабыт. Эрэдээксийэ хас биирдии үлэһитэ хаһыаты  кимиэхэ баҕарар суруттарар үгэстээх. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн бассаап нөҥүө эмиэ ыытабыт. Онон улуус бары нэһилиэктэрэ бу ыйыллыбыт төлөпүөн нүөмэрдэригэр 89143000136, 89142789596 суруйдаххытына эһиги дьиэҕэ олорон эрэ эһиилги хаһыаккытын сурутан кэбиһэҕит.

Билигин сыана бары табаарга, аска-үөлгэ ыарыы турар кэмигэр хаһыат сыаната эмиэ кыратык үрдээтэ. Ол эрээри киһи «Һык» гына түһэр сыаната олохтоммото. Онон улууспут олохтоохторо, кэлэр сылга улууспут соҕотох, сахалыы тыллаах хаһыатыгар сурутаргытыгар ыҥырабыт.

Кэлиҥҥи кэмҥэ  куйаар бары ситимнэринэн сонуннары билэ-ааҕа олоробут диэччи үксээтэ. Ону таһынан оҕолорбут сахалыы аахпат, саҥарбат буоллулар диэн дьиксинэ кэпсэтэр буоллубут. Соторунан төрөөбүт төрүт тылбытын умнан барыахпыт диэччилэр кытары бааллар. Оннук буолбат туһугар, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону, ыччаты  сахалыы ааҕарга көҕүлүүр биир сүрүн хаһыаппыт «Сунтаар сонуннара» буолар.

Улууспут хаһыатын тула түмсүөҕүҥ, кыайа-хото суруттарыаҕыҥ. Хаһыакка бэйэҕит суруйууларгытын ыытыҥ, санааларгытын үллэстиҥ.

Хас биирдии ыалга сахалыы тылынан тахсар «Сунтаар сонуннара» хаһыата баар буоллун!

 

Яина ВЛАСЬЕВА, хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ

Читайте дальше