Кэлэр көлүөнэҕэ дьоһун бэлэх

Ааспыт нэдиэлэҕэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан уораҕай мунньахтыыр саалатыгар Л.А. Попов аатынан киин бибилэтиэкэ кэлэктиибин тэрийиитинэн “Төрүт дойдубут – Тэҥкэ” диэн Тэҥкэ нэһилиэгин саҥа кинигэтин сүрэхтэниигэр аналлаах тэрээһин буолла.   Манна ыраахтан-чугастан сааланы толору ыалдьыттар муһуннулар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар улуус дьаһалтатыттан, култуура, үөрэҕирии салалтатыттан,  Киин бибилэтиэкэ ситимиттэн эҕэрдэлээтилэр, алгыс тылларын эттилэр, эҕэрдэ суруктарын туттардылар.

Тэҥкэ баһылыга Светлана Игнатьева Кэриэйэттэн, нэһилиэк бастакы баһылыга Григорий Игнатьев Тэҥкэттэн,  Тэҥкэ ытык кырдьаҕаһа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Яковлев Дьокуускайтан куйаар ситиминэн быһа холбонон эҕэрдэлэрин эттилэр, ону онлайн эрэсииминэн элбэх киһи тэҥҥэ көрө олордо.

Чуолаан Светлана Николаевнаны элбэх киһи ааттаата,  махтал тылларын анаатылар. Биһиги бары онно сөбүлэһэбит. Кини төһө да ыраах сырыттар, бу тэрээһини тэрийсибит, кыттыспыт  буолуохтаах.

Светлана Николаевна бу иннигэр үлэлээбит баһылыктартан аан бастакынан “кинигэ таһаарыам” диэн бырагырааматыгар киллэрбит эбит. Бу үлэтин чэрчитинэн түмэр үлэни отой эрдэттэн саҕалаабыта, ол курдук, аҕа уустарын түмсүүлэрин тэрийбитэ.  Бу кэннэ нэһилиэк улахан ыһыаҕын тэрийбиттэрэ. Элбэх эдэр ыччаты дойдуларыгар угуйан, Тэҥкэҕэ кэлэллэрин ситиспиттэрэ. Тэҥкэлэр  бу 2022 сыллаахха өтөрүнэн буолбатах улахан ыһыахха дьону түмпүттэрэ кинигэ тахсарыгар улахан оруолланна.

Светлана Николаевна бу кинигэ тахсарыгар эрдэттэн матырыйаал мунньан, тэҥкэлэр сайтарын арыйан, кинигэ сүрүн барылын  оҥорбут уонна кинигэҕэ саҥа көрүҥү – QR коду киллэрбит Валерий Дмитриевич үлэтин үрдүктүк сыаналаата. Ону таһынан кинигэ суруллуутугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит нэһилиэгин дьонугар улахан махталларын эттэ.

Элбэх хаартысканы хомуйан, кинигэҕэ киллэрэн үйэтиппит, дьон болҕомтотун тардар курдук көстүүлээх гына компьютер версткатын оҥорбут Алквиад Иннокентьевич, Мария Михайловна   үлэлэрэ  эмиэ үчүгэйдик ахтылынна.

Кинигэҕэ  суругунан, видеонан элбэх матырыйаал хомулунна, QR – кодунан кинигэҕэ киирдилэр. Ону таһынан аҕам саастаах дьоҥҥо бэлэх быһыытынан, дьиэлэригэр олорон компьютерга көрөллөрүн курдук, кинигэ анал флешка состоруулаах. Манна кинигэҕэ киирбэтэх хаартыскалар, атын да матырыйааллар бааллар.

Улууска элбэх кинигэ тахсарыгар үлэлээбит Тэҥкэ кинигэтин эрэдээктэрэ Ольга Захарова: “Отой ханна да суох дьоһуннаах, наһаа кыраһыабай, дириҥ ис хоһоонноох иһирэхтик суруллубут кинигэҕэ үлэлэспиппинэн киэн туттабын, махтанабын”, – диэтэ.

Кэлбит ыалдьыттартан элбэх киһи санаатын эттэ. Үгүс киһи кыттыспыт кинигэтэ иһэ-таһа олус хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут, нэһилиэк төрдүн-ууһун дириҥник арыйан, үлэ бөҕөнү үлэлээн ааспыт көлүөнэлэр олохторо ырылхайдык суруллубут. Үгүс киһи кинигэҕэ киирбит ахтыылар бары киэҥ ис хоһоонноохторун, киһи элбэҕи билэрин, ис сүрэхтэн тахсар тылларынан суруллубуттарын, ханнык баҕарар киһи таттаран ааҕар кинигэтэ буолбутун ыйдылар. Борис Герасимов оҕо сааһын чугас доҕотторун туһунан сиһилии суруйбут истиҥ ахтыытын киһи долгуйбакка эрэ аахпатын бэлиэтээтилэр. Кинигэҕэ эрдэ бу олохтон барбыт үтүө майгылаах, олус үлэһит Валерий, Арсентий Сидоровтар тустарынан баар.

Тэҥкэҕэ элбэх уус-уран  тыллаах, киэҥ билиилээх, ураннык хоһуйан суруйар суруйааччы талааннаах дьон баалларын бэлиэтээтилэр. Ол курдук кинигэҕэ баар Галина Гаврильевна баай дууһалаах Тэҥкэ 50-60-с сыллардааҕы кырдьаҕастарын туһунан суруйуутун ааҕа олордоххо,  харахха көстөн кэлэр курдук ойууланар. Итини таһынан Спиридон Кириллович дойдутун дьонун туһунан уустаан-ураннаан суруйуулара болҕомтону тардаллар.

Борис Егорович  төрөөбүт дойдутун туһунан сиһилии билээри,  кинигэлэри, интернети хасыһар идэлээх. Бу сырыыга  Тэҥкэҕэ былыр төһө киһи олорбутун чинчийбитин сырдатта. Ол курдук, Р.Маак кинигэтигэр 700 киһи олорбутун суруйбут, атын  кинигэлэргэ 500 киһи диэн баар эбит. 1927 сыллаах ыытыллыбыт биэрэпис дьиэ кэргэнинэн испииһэгэр, Тэҥкэ үс түбэтигэр уопсай ааҕыынан барыта  1100 киһи баарын киллэрбиттэр.    Борис Герасимов урут Тэҥкэ улахан бөһүөлэк этэ диэн бэлиэтээтэ.

Манна эбэн эттэххэ, кырдьык, Бүлүү улуустарыттан  Мухтуйанан көмүстээх бириискэлэргэ барар  улахан айан суола  Тэҥкэнэн ааһара,  манна борохуот тиксэр бириистэнэ баара. Тэҥкэттэн элбэх киһи эргинэрэ, атыыга-эргиэҥҥэ үлэлииллэрэ, кыттыһаллара.  Нэһилиэккэ элбэх атыы-эргиэн тутуута баара, Нөөрүктээйи нэһилиэгин эргиэнин киинэ этэ. Тэҥкэҕэ эрэ буолбакка, тайҕаҕа үрэх, оттонор ходуһа аайы ыаллар олороллоро.  Тойбохой диэки эмиэ элбэх ыал олорбутун, билигин лиҥкинэс тыа быыһыгар баар өтөх баҕаналара туоһулууллар.

Тэрээһин бүтүүтэ аныгылыы сонун аһылыктаах Валентина Маркова фуршеттаах ирэ-хоро кэпсэтии буолла, кэлбит ыалдьыттар бары олус астынан тарҕастылар.

Бу кинигэ Тэҥкэ сайдарыгар, түмсүүлээх буоларыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Кэлэр көлүөнэлэргэ өйдөбүнньүк буолан хаалыа.

   Виталий НИКОЛАЕВ, Бордоҥ.

Читайте дальше