Тыа сирин сайдар кэскилэ, олоҕо туруктаах буолуута олох-дьаһах араас хайысхатыгар каадырынан хааччыллыы хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. “Тыа сиригэр ыччат тохтоон олохсуйбат буолла, эдэр дьон киин сиргэ талаһар” диэни күннэтэ элбэхтик истэбит. Ол эрээри эдэр исписэлиистэр олорорго усулуобуйа, хааччыллыы толору баар түгэнигэр тыа сиригэр үлэлииргэ бэлэмнэрин элбэх холобурга көрөбүт. Ыччаты тыа сиригэр угуйарга анал бырагыраамалар сыллата үлэлииллэр. Кэнники сылларга Сунтаар улууһугар каадырынан хааччыллыы хайдаҕый? Ону билээри билигин улууспутугар үлэлии-хамныы олорор үлэ араас сүрүн салааларыттан, тэрилтэлэртэн сурастыбыт.
Улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын каадыр отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Елена Егорова:
– Хамсык кэмигэр, ол кэннинээҕи сыл саҥа каадыр кэлэрэ отой аччыы сылдьыбыт буоллаҕына, быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх исписэлиис кэллэ. Үксүлэрэ үрдүк үөрэхтээхтэр. Балартан быйыл үөрэҕи бүтэрбитэ – 26. Инньэ гынан тахсыбыт үлэ миэстэтэ тута туола турар диэххэ сөп. Улууспут үрдүнэн барыта 56 үөрэх тэрилтэтэ баар. Быйылгы үөрэх дьылыгар 42 үлэ миэстэтэ тахсыбыта. Билиҥҥитэ бары чаастарынан эҥин аттарыллан бүтэн, толору туолан тураллар. Быйыл саҥа исписэлиистэрбит үксүлэрэ атын улуустартан сылдьаллар. Нэһилиэктэргэ тахсыбыттар уопсай дьиэнэн хааччыллаллар, уопсайа суохтар куортамнаһаллар. Өйүүр миэрэ быһыытынан саҥа кэлбит үлэһит тоҕус ыйдааҕы олорор дьиэтин куортамын аҥаарын үөрэҕирии салалтата уонна улуус дьаһалтата уйуналлар. Үөрэх министиэристибэтэ быйылгыттан “подъемнай выплата” диэни сөргүттэ. Бу урукку кэмнэргэ көрүллэ сылдьыбыт төлөбүр, кэлин тохтуу сылдьыбыта. Быйыл маннык төлөбүр 2023 с. үөрэхтэҕин бүтэрэн үлэлээн саҕалаабыт эдэр исписэлиискэ көрүллэр: эдэр үлэһит үс ыйдааҕы хамнаһын акылаата, онно эбии үөрэҕиттэн анаммыт сиригэр кэлбит бырайыаһа. Төлөбүрү ылыы усулуобуйата үлэһит бу анаммыт сиригэр кырата үс сыл болдьоххо үлэлиир буоллаҕына диэн. Оскуолаларга сыллата үлэ миэстэтэ сүрүн биридимиэттэргэ (математика, нуучча тыла) син биир тахса турар. Манна учууталлар син биир наадалар.
Улуустааҕы киин балыыһа каадыр отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Нина Трофимова:
– Сунтаардааҕы киин балыыһа 530 үлэһиттээх (о.и. медиктэрэ: 72 быраас, 248 орто уонна алын медперсонал) өрөспүүбүлүкэ биир улахан оройуоннааҕы балыыһата буолар. Оройуоннааҕы балыыһаҕа араас хайысхалаах анал стационардар, күнүскү стационардар, суһал көмө отделениета, клиническэй-диагностикалыыр лабораториялар, рентгенология отделениета, 10 быраас амбулаторията, 15 биэлсэр-акушер пууна киирэллэр.
2023 с. 11 ый устата улууспут балыыһаларыгар уопсайа 20 саҥа исписэлиис үлэлии кэллэ. Олортон 9-һа үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрбит эдэр быраас, 5 исписэлииһэ – орто медицинскэй үөрэҕи бүтэрбиттэр. Улуус үрдүнэн каадырынан хааччыллыы быраастарга – 74,61%, орто медперсоналга – 96,59%.
Сылын аайы үрдүк уонна орто медицинскэй үөрэххэ киирбит устудьуоннары кытта тус сыаллаах (целевой) дуогабардары түһэрсэбит. Ол курдук быйыл 2023 с. абитуриеннары кытта 6 дуогабар түһэрсилиннэ: үрдүк профессиональнай үөрэхтээһин бырагырааматынан – 2 уонна орто медицинскэй үөрэх кыһатыгар – 4. Маны таһынан улууспут балыыһаларыгар 2012 с. эдэр исписэлиистэри тыа сиригэр үлэлэтэр, угуйар сыаллаах үлэлиир “Земскэй доктор”, “Земскэй биэлсэр” бырагырааманан 5 сыл үлэлииргэ дуогабардаһан эдэр үлэһиттэр кэлэллэр.
Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Саргылана Омукова:
– Быйылгы үлэ дьылыгар Сунтаар улууһугар култуура эйгэтигэр саҥа үөрэҕин бүтэрбит 6 эдэр исписэлиис үлэлии кэллэ. Ол курдук, Күүкэй нэһилиэгин култууратын киинигэр 1, Элгээйи нэһилиэгэр 2, Дьаархаҥҥа – 1, Кэмпэндээйигэ 1 эдэр үлэһиттэр кэлэннэр, айымньылаахтык үлэлэрин саҕалаатылар. Оҕо искусствотын оскуолатыгар саҥа сүүрээн быһыытынан компьютер графикатын кэбиниэтэ аһылынна. Манна эмиэ анал идэлээх эдэр исписэлиис кэлэн, оҕолору графикаҕа үөрэтэр. Л.А. Попов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ үлэ миэстэтинэн хааччыллыы толору. Ол эрэн, 2024 сыл олунньу ыйыттан IT үөрэхтээх исписэлиискэ наадыйаллар. Кэлиҥҥи, компьютер, куйаар ситиминэн үлэ сайдан турар кэмигэр, IT үөрэхтээх үлэһиккэ элбэх тэрилтэ наадыйар буолла. Култуура эйгэтэ онтон эмиэ туора турбат. Хамнас үрдээн, билигин бу эйгэҕэ идэлэрин толору баһылаабыт дьон үөрэ-көтө үлэлиир кыахтаннылар.
ОДьКХ ГУП Сунтаардааҕы филиалын каадыр отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Татьяна Файрушина:
– Биһиэхэ рабочай исписэлиистэрбит: электрик, сыбаарсык курдук идэлээх каадыр сылын аайы тиийбэт. Ону таһынан инженердэр наадалар. Теплотехникпытын тус сыаллаах үөрэхтээһининэн (целевойунан) үөрэттэрбиппит. Ааспыт сылтан эдэр исписэлиис кэлэн үлэлии сылдьар. Бу иннинэ теплотехнига суох олорбуппут. Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филипповка эдэр исписэлииспитин олорор кыбартыыранан буор босхо хааччыйбытыгар улахан махталлаахпыт. Атын улуустан кэлбит биир эдэр үлэһиппит инженер-сметчик күтүөт уол баар. Инженер-сметчик идэлээхтэрбит эмиэ олох тиийбэттэр. Билигин үгүстэр хайа инженерэ идэни бүтэрэллэр уонна антах АЛРОСА курдук улахан хампаанньаларга киирэргэ дьулуһаллар. Бу диэн эттэххэ, дьиҥэр, биһиэхэ хамнас өттө эҥин олус үчүгэй ээ. Улуус үрдүнэн үрдүк хамнастаах тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирэбит. Үлэһиттэр толору соцпакетынан хааччыллаллар, бырайыас эҥин көрүллэр. Эдэр исписэлиистэри олус өйүүбүт. Билигин экэнэмиис, юрист идэлээх олус элбэх. Инженер идэлээх, бу диэн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тиийбэт. Биһиги урукку кэмҥэ үлэлээбэтэх, туох да уопута суох, үөрэхтэрин саҥа бүтэрбиттэри туорайдаспакка эҥин тута ылабыт. Маны таһынан сылын аайы 30-ча үөрэнэ сылдьааччы производственнай практикаларын бараллар. Практика түмүгүнэн үчүгэй үлэлээхтэри бэйэбитигэр ыҥырабыт. Ол курдук, Айсен Федоров диэн эдэр исписэлииспит билигин слесарынан үлэлии сылдьар. Сунтаардааҕы технологическай колледжы бүтэрбитэ. Олус үчүгэй, эппиэтинэстээх эдэр үлэһит. Ити курдук, өссө үөрэнэ сырыттахтарына, бэйэбитигэр каадырдары бэлэмнээн таһаарарга кыһаллабыт. Манна адаптацияны толору ааһан, үөрэхтэрин кэннэ төннөн үлэлии кэлбиттэр бааллар. Уопсайынан, эдэр үлэһиттэри элбэтэргэ кыах баарынан үлэлэһэбит. Исписэлиистэри стажировкалыырга баар анал бырагырааманан үлэлээбиппит. Эдэр үлэһиттэри ылан. Ону таһынан кэккэ сылларга сокуоннай саастарын ситэ илик 10-11-с кылаас үөрэнээччилэрин толорута суох үлэ чааһыгар ылан, профориентационнай сыаллаах үлэлээбиппит. Ол түмүгүнэн ол оҕолортон сорохторо бу олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба үлэтин сөбүлээн, олоххо олус туһалаах, суолталаах хайысхатын өйдөөннөр, ис санааларыттан бу салааҕа тардыһан, кэлин биһиэхэ үлэлии кэлбиттэрэ биһигини олус үөрдэр.
Сунтаардааҕы бэтэринээрийэ управлениетын начальнига Степан Михайлов:
– Билиҥҥитэ ордук нэһилиэктэргэ эдэр каадырдарбыт тиийбэттэр. Быйыл биир эдэр испэсэлиистэннибит. Саҥа кэлэр исписэлиистэргэ нэһилиэктэр олохтоох дьаһалталарын кытта олорор дьиэ боппуруоһугар эҥин үлэлэһэбит. Сылын аайы бэтэринээр үөрэҕин бүтэрээччи, дьиҥэр, үгүс. Эдэр дьон куораттан тыаҕа кэлиэхтэрин, хотон ыарахан үлэтиттэн саллаллар курдук. Онон бэтэринээр үөрэхтээх эрээри атын эйгэҕэ үлэлээччи элбэх. Быйыл практиканнар кэлэн үлэлээтилэр. Олохтоох бэйэбит оҕолорбутун дойдуларыгар кэлэн үлэлииллэригэр анаан бэтэринээр идэтигэр үөрэттэрэргэ үлэ ыыта сатыыбыт. Инникитин билигин баар каадырдарбыт солбуктара буолалларын курдук.
Сунтаардааҕы дьарыктаах буолуу киинэ (дириэктэр Александр Николаев) сыллата үлэтэ суох сылдьар учуокка турбут дьон үлэ булалларыгар үлэлэһэр. Быйылгы 2023 с. туох үлэ барбытын маннык дааннайдар кэпсииллэр.
Сунтаардааҕы дьарыктаах буолуу киинэ биэрбит дааннайынан, сыл саҕаланыаҕыттан 226 киһи үлэ көрдөөн кэлэ сылдьыбыт. Олортон 136 киһиэхэ үлэ миэстэтин булан биэрбиттэр. Кэнники 9 ый иһигэр үлэтэ суохха 186 киһи турбут. Алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан үлэтэ суохха турааччы – 103 киһи. Бу сылга вакансия 581 баара бэлиэтэммит. Дьарыктаах буолуу киинэ 321 киһиэхэ профориентационнай өҥөнү оҥорбут. Профүөрэтиини 54 үлэтэ суох ааспыт. Сайыҥҥы каникул кэмигэр 352 сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо быстах үлэнэн хааччыллыбыт (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 207, олохтоох бүддьүөттэн 145 үлэһит хамнастаммыт).
Марфа ИВАНОВА