Иван Чагдинскай аатынан ыскамыайка баар буолла

Бүгүн «Сунтаар сонуннара» эрэдээксийэ аһаҕас аан күнүн ыытта. Хаһыакка суруттарбыт дьон сүүйүүлээх оонньууга кыттан араас бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Ону таһынан, «Дуоһуйуу» диэн уйулҕа үөрэхтээхтэрэ хаһыат ааҕааччыларыгар анаан тренинг ыыттылар.
Бу күн бэлиэ түгэнинэн «Сунтаар сонуннара» хаһыакка  өр сылларга эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбит, Сунтаар улууһун, нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕун, СӨ култууратын, бэчээтин туйгунун, СӨ үтүөлээх суруналыыһын Иван Чагдинскай аатынан ыскамыайканы арыйыы сиэрэ-туома буолла. Иван Чагдинскай 45 сыл устата «Сунтаар сонуннара» хаһыатыгар үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. «Хаһыат үлэтэ элбэх толкуйу, өй үлэтин эрэйэр. Онуоха суруналыыстар олорон эрэ санааларын сааһыланалларыгар сынньанар миэстэлээх буолуохтаахтар диэн уруккуттан бэлиэтии көрөрүм. Аҕам саастаах биир идэлээхтэрэ буоларым быһыытынан бу сынньанар олбоҕу өр сылларга үлэлээбит эрэдээксийэбэр бэлэх уунабын» диэн Иван Чагдинскай мустубут дьоҥҥо эттэ. Олоҕун аргыһынаан Мариялыын бэлэхтэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Иван Чагдинскай үлэ дьонун, үлэ ситиһиитин туһунан суруйуулара элбэх дьон сэҥээриитин ылаллара. Кини хаһыакка сырдаппыт дьоруойдара кэлэн маннык бэлэх ыччат дьоҥҥо үтүө холобур буоларын туһунан эттилэр. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ эрэдээксийэ кэлэктиибэ, Иван Чагдинскай доҕотторо, хаһыакка сырдаппыт биир үөлээннээхтэрэ сүдү бэлэх өр сылга дьону үөрдэ турдун диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Маннык үтүө санаа холобурдара тарҕана турдуннар. Сытыы бөрүөлээх суруналыыс Иван Чагдинскай айар үлэтэ тохтооботун, эдэр көлүөнэ суруналыыстарга сирдьит сулус буолан ыраахха сирдии турдун!

 

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше