Мин бүгүн кэпсиир киһим эмиэ ураты киһи. Яковлева Августина Ильинична – кинини үгүспүт көрөн, истэн, алтыһан билэбит. Кини улуу Ленинград куоракка үөрэммитэ, педиатр идэлээх.
1990 с. биллиилээх эмчит, профессор Владимир Алексеевич Кондаков “Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын” тэрийээтин кытта өр күүппүт итэҕэлэ, эрэлэ тиллэн, онно барбыта уонна күн бүгүнүгэр диэри норуотугар туһалыы сылдьар.
Үрдүк Таҥара Үрүҥ Аар Тойон хас биирдии норуокка олорор сирин, отун-маһын, айылҕатын анаан туран айбыт эбит. Саха сирин үүнээйитин ураты күүһүн уратыта – кини кылгас сааһыгар, сайыныгар күүс-уох муҥутуурдук мунньунан ситэн-хотон тахсарыгар эбит. Августина Ильинична эмтээх оттору үксүн айылҕа ситэн силигилээн турдаҕына бэс ыйыгар, сарсыарда эрдэ – күн тахсыыта, үүнээйи ситэ уһукта, сиигэ көтө илигинэ хомуллар диир. Сунтаардааҕы Айыы Арчытын дьиэтин тэлгэһэтигэр 63 араас эмтээх от, талах, мас үүнэллэрин киэн тутта кэпсиир. Сайын наадыйааччыларга, сэргээччилэргэ үөрэх ыытар баҕалааҕын сэгэтэн ааста. Ханнык баҕарар ыарыы айылҕаҕа баар эмтэнэр эмтээх диир. Духуобунас уонна Норуот эмтээһинин Үрдүкү оскуолатын бүтэрбиттэр эмтиир ньымалара алгыс, хааннааһын, уотунан илбийии, түөннээһин, сүллэрдээһин, отунан-маһынан эмтээһин эбит. Тыл күүһүгэр санаа күүһэ эбиллэн сүргэни көтөҕөр, эмтээһини ордук көдьүүстээх оҥорор .
«Алгыс аалы көтөҕөр» диэн сахалар мээнэ, тыл дэгэтигэр эрэ эппэттэрин мин бэйэм эппинэн-хааммынан билэн турабын. Бииргэ төрөөбүт, саамай таптыыр, миигин хайдах баарбынан ылынар эдьиийим барахсан – Клара Дмитриевна ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитигэр эдьиийбин санаатым даҕаны ытыы сылдьар буолан хаалбытым, улаханнык алларыйбытым. Ийэм тэҥэ, улаханнык ытыктыыр киһим Мария Ивановна Августина Ильиничнаны кытта кэпсэппитэ. Ону 40 хонуга туоллаҕына күн киирэ илигинэ 2 чааска кэллин диэн илдьиттээбит этэ. Эппит кэмигэр тиийбиппэр көмүлүөк оһоҕун оттон, ол иннигэр олордон, тус илин хайыһыннаран туран туруоран 3 чааһы быһа алҕаабыта-силээбитэ. Дьэ, ол күнтэн ыла мин ытыыры умнан, эдьиийим барахсаны санаабыттан ыытан, аҥаардас улахан тапталынан, махталынан, саамай дьиктитэ үөрэ-көтө ахтабын.
Августина Ильинична бары улааппыт, ыал-күүс буолбут 5 оҕолоох, элбэх сиэннээх. Сылга иккитэ баран «Институт Духовности и народной медицины им. В.А. Кондакова» истээччилэригэр үөрэх ыытан кэлэр. Куруук билиитин хаҥата турара, элбэхтик ааҕара, дьарыктанара харахха быраҕыллар, дьиэтэ толору кинигэ. Манна уһуйуллааччылар Сахабыт сирин араас муннугар айа-тута, эмтии сылдьаллар.
Сунтаарга Айыы Арчыта үлэлээбитэ 23 сыл буолбут. Бу сыллар усталарыгар ыытыллар үлэни таба өйдөөн үөрэҕирии салаата үбүлүүр, көмөлөһөр эбит. Кинилэр көмөлөрүнэн планетарий, таас түмэлэ үлэлиир. Оҕолор босхо кэлэн сылдьаллар, араас дакылаат суруйалларыгар көмө ылаллар эбит. Уруккуттан даҕаны оҕо бырааһа буолан бастатан туран оҕо иннин саныырын бэлиэтии иһиттим. Сунтаартан космофизик оҕо тахсара буоллар диэн бүччүм санаата туоллар ханнык.
Отоһут ойуун буолбатах буоллаҕына кини эмтээһин тас эрэ эйгэтин баһылыыр. Оттон ойуун отоһуттааһыҥҥа иккис эйгэни киллэрэр. Алгысчыт-отоһут эмиэ хас биирдии эмэ анал алгыс кодтаах буолуохтаах. Оччоҕо бу эмкэ Үрдүкү күүстэр анал космическай айыылыы күүһү иҥэрэллэр. Оннук оҥоһуллубут эмп ураты эмтиир күүстээх буолар. Онтон алгыһа суох көннөрү оҥоһуллубут эмкэ эмтиир састаабын эрэ күүһэ баар диэн улуу В.А. Кондаков тылларынан түмүктүүбүн. Августина Ильинична сыралаах үлэтигэр өссө үрдүк үктэллэри, үрдэллэри!
Зинаида Федотова-Дьол Кыыма