Историяҕа суолталаах сырыылар

Биһиги, Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччыбытынаан  Сергей Ивановтуун сэттэ буолан Улуу Ильмень күөл тула Аҕа дойду Улуу сэриитин суолларынан Старай Руссаҕа  21 хонуктаах чинчийэр-көрдүүр  экспедицияҕа  үлэлэһэн  кэллибит.  Бу историческай суолталаах айаҥҥа биһигини дириэктэрбит Любовь Евсеева көҕүлээн, кини булан кэпсэтэн ыыталаабыта.

Барыахпыт иннинэ биһигини кытта уонча хонук  Ксенофонт Васильев диэн дьиҥнээх энтузиаст-поисковик, Ньурбаттан анаан кэлэн,  дьарыктаммыта, Сергей Серафимовиһы кытта бэлэмнэнии үлэтин ыытыспыта, уопуттаах буолан элбэҕи сүбэлээн, үөрэтэн биэрбитэ. Оттон бэйэбит учууталбыт идэтинэн историк уонна юрист буолан элбэҕи билэрин, историяҕа интэриэстээҕин быһыытынан, сылдьарбыт тухары элбэҕи кэпсээтэ.

Санкт-Петербург куоракка биһигини РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин Бастайааннай Бэрэстэбиитэлистибэтин сүрүннүүр сүбэһитэ Станислав Константинов көрсөн, суолбутун-ииспитин, наадалаах тэрилбитин  хааччыйда. Кини хонор гостиницабытын бэлэмнээн олорор  этэ, ойуурга хонорбутугар анаан  2 балаакканы биэрбитэ. Элэккэй, элбэх кэпсээннээх суоппардар Николай Гребенкин, Дмитрий Скля­­­ренко аэропортан көрсөн, оннубутун буллартаан, ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ биһиэхэ аһара күндүтүк көһүннэ. Үгүспүт Сунтаартан ырааппатах, самолекка да олорботох буолан салла саныы сылдьар дьон, биһигини анаан көрсөллөр эбит диэн уоскуйан, аһара махтана санаатыбыт.

Арассыыйа историятын уйата буолбут кырдьаҕас куораты дуоһуйа көрөн-истэн астынныбыт, мусуойдарынан сырыттыбыт, автобуһунан сылдьан куораты кэрийэ көрдүбүт, метронан хатааһылаатыбыт, аатырбыт Эрмитажка биир күнү анаатыбыт. Элбэх мусуойтан биһиэхэ саамай интэриэһинэйэ  Артиллерия мусуойа этэ. Түүн 2 чааска тахсан улахан бэйэлээх муоста  хайдах арылларын кытта көрдүбүт.

Онтон  «бэйэбит» массыыналарбытынан Старай Руссаҕа айаннаатыбыт. Тиийээппитин кытары, биһиги үлэбитин сүрүннээн ыытар  Игорь Тума диэн  киһи көрүстэ. Кини  Бүтүн Арассыыйатааҕы «Медведь» диэн  көрдүүр-чинчийэр  хамсааһын командира эбит,  «Медведь” АНО ВПО дириэктэрэ.

Старай Руссаҕа сүрдээх баай ис хоһоонноох Хотугулуу-Арҕаа фронт мусуойугар сылдьан, ордук Ильмень күөл историятыгар сыһыаннаах отделлары сыныйан көрдүбүт. Өссө саамай сөбүлээн көрбүт мусуойбутунан  урут нууччалар хайдах олорбуттарын көрдөрөр мусуой — «Усадьба средневекового рушанина» буолар. Манна сылдьан  минеральнай ууттан хайдах туус оҥороллорун көрөн сөхтүбүт. Туус собуота, минеральнай уулаах, эмтээх бадараан мунньуллар сирдээх  аныгы  курорт баар эбит.  Ол эргин кус элбэҕэ сөхтөрдө, хоп-хойуу! Ким да бултаабат быһыылаах. Ол оннугар балыктыы олорооччу олус элбэх.

Биһиэхэ Чурапчыттан өссө 4 буолан кэлэн холбостулар — Т.М.Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын 2 үлэһитэ, 2 үөрэнээччитэ.

13 чыыһылаҕа сарсыарда эрдэттэн Пинаевые Горы  диэн дэриэбинэ тыатыгар Новые Дягтери урочищетыгар тиийэн лааҕырбытын оҥоһуннубут. Былыр манна кыра хутор турбут сирэ эбит. Сарсыҥҥытыттан 1 км тэйиччи сиргэ тиийэн,  барыллаан госпиталь турбут сиригэр үлэбитин саҕалаатыбыт.

Бу иннигэр манна бастаан Ксенофонт Васильевич сахалыы сиэринэн, сиртэн-уоттан көрдөһөн алгыс сиэрин-туомун ыытта, өбүгэлэртэн көрдөстө, үлэбитин алҕаата.

Хаһыы үлэтэ ыарахан эрээри, олус интэриэһинэй,  умсугутуулаах буолар эбит. Киэһэ өттүгэр Игорь Григорьевич киһи долгуйар бэсиэдэлэрин ыытара, история түгэннэрин кэпсиирэ, наган револьвер, Мосин бинтиэпкэтэ, ППШ туттаран, ыстаран көрдөртүүр  этэ. Ол сиргэ хайдах-туох сэрии барбытын туһунан олох киһи хараҕар көстөрдүү кэпсиирэ…

Күн аайы үгүспүт хаһыы үлэтигэр хаалаллар, сорохтор металлоискателлээх салгыы көрдүү бараллар. Ол сылдьан блиндаж оннуттан элбэх туттар тэрили, сүгэ, күрдьэх курдуктары буллубут.  Онтон холуодьас оннун булбуппут, урут манна хутор турбутун туоһулуур эбит.

Уопсайа 62 буойун кырамтатын булан отчуоттаатыбыт,  элбэх тэрили мусуойга туттардыбыт.  Мусуой үлэһиттэрэ үөрэллэриттэн, махтаналларыттан биһиги сүргэбит көтөҕүлүннэ, чахчы суолталаах үлэни оҥорбуппут эбит диэн, аһара астынныбыт, киэн тутуннубут. Ол туһунан уонна хантан, туох сыаллаах кэлбиппитин хас да көрсүһүүгэ сылдьан кэпсээтибит, хаһыакка, тэлэбииһэргэ интервью биэрдибит.

Үлэбит түмүктүүр үөрүүлээх чааһыгар биһиги бары бинтиэпкэнэн, оттон улахаттар ППШ-нан  салют ыппыппыт өссө биир долгутуулаах түгэн буолбута.

Эһиилги сүрүн үлэбит Ильмень күөл биэрэгэр Ретле дэриэбинэ тула, саха буойуттарын 19 хайыһар биригээдэтэ турбут сиригэр буолуохтаах. Биһиги бары онно барарга аһара баҕалаахпыт, сөбүн уопутурдубут дии саныыбыт.

Түмүкпүтүгэр биһиэхэ өйөбүл, күүс-көмө буолбут тапталлаах гимназиябытыгар, ону сэргэ улуус салалтатыгар, баһылыкпытыгар Анатолий Григорьевка, баһылыгы социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеевкэ, үөрэҕиирии управлениетын начальнига Альберт Ивановка, Владимир Уаровка махталбытын тириэрдэбит.

 

 

 Уйгун КОРЯКИН, Алексей ПАВЛОВ, Аркадий ВАСИЛЬЕВ, Айхал НИКИФОРОВ, Кирилл ИВАНОВ,

Кристиан НИКОЛАЕВ, Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ.

Сунтаар-Мииринэй-Санкт-Петербург-Старая Русса.