Бүгүн, кулун тутар 6 күнүгэр, улуус дьаһалтатыгар байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ийэлэрин, кэргэннэрин кытта көрсүһүү буолла.
Кэрэ аҥаардары Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, баһылыгы социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев көрсөн истиҥ кэпсэтиини ыыттылар. Ону сэргэ Сунтаардааҕы байыаннай комиссариат, Саха сирин социальнай фондатын Сунтаар улууһунааҕы килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспата, социальнай управление, баайга-дуолга сыһыаннаһыы кэмитиэтэ, улуустааҕы киин балыыһа салайааччылара, “Защитники Отечества” фонд Сунтаардааҕы филиалын бэрэстэбиитэлэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ийэлэрин, кэргэттэрин ыйытыыларыгар хоруйдаатылар, туруорсууларын, санааларын, иһиттилэр, сүбэ-ама биэрдилэр.
Салгыы улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар сааскы сандал бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир тэрээһин буолла. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев Сунтаар улууһун эр дьонун аатыттан кэрэ аҥаардары бу сааскы истиҥ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ. СВО-ҕа сылдьар оҕолордоох, кэргэннэрдээх кэрэ аҥаардарынан киэн туттарын эттэ, махтал тыллары тириэртэ. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттары: «Кинилэр саҥа Арассыыйа историятын оҥоро сылдьар эр бэртэрэ», — диэн этэн туран, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр баҕарда. Иллээх-эйэлээх олох хайаан да буолуоҕар эрэллээх буоларга ыҥырда.
Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова: «Бүгүҥҥү тэрээһин сүрүн соруга тустаах исписэлиистэри мунньан, мунаарар боппуруостаргытын чопчулуургутугар туһуланна. Кэлин даҕаны мунаарар ыйытыктаргытын биэрдэххитинэ үлэлэһиэхпит», — диэн туран, улуус дьокутааттарын аатыттан мустан олорор кэрэ аҥаардары эҕэрдэлээтэ.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев: «Эр бэртэрбит ийэлэрэ, Эһиги оҕолоргутун Ийэ дойдуну таптыыр гына иитэҥҥит, дойдуларын хорсуннук көмүскүү сылдьаллар. Эһиэхэ махталбытын этэбит. Түргэнник эйэ олохтонон оҕолоргут, кэргэттэргит эргиллэн кэллиннэр«,- диэтэ.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт ийэлэригэр, кэргэннэригэр кэрэ аҥаардар күннэрин көрсө ыытыллыбыт дьоро тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ эгэлгэтэ, махтал, ытыктабыл тыллара этилиннилэр, ыллам ырыа ылланна, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Түмүккэ ийэлэр санааларын эттилэр, үтүөҕэ-сырдыкка эрэллээх буоларга баҕардылар.
Марфа ИВАНОВА