«Үрүччэ» түмсүү Сиэйэ нэһилиэгэр көрсүһэ тахса сырыттыбыт. Көрсүһүүбүт түмэл дьиэтигэр буолла. Түмэл дьиэҕэ киирээппитин кытта, хаһаайка Октябрина Прокопьевна үөрэ-көтө көрсөн түмэлин көрдөрдө, кэпсээтэ. Бу манна аан бастаан күөл тула олорбут дьон картатыттан саҕалаан, нэһилиэк дьонун-сэргэтин, тэрилтэлэрин хаартыскалара, халыҥ аймахтар төрүччүлэрэ, суруйааччылар, араас сибэккинэн киэргэйбит тиэргэннэр… Тарбахтарыгар талба талааннаах иистэнньэҥнэр, мас, тимир уустарын хаартыскалара истиэндэ буолан оҥоһуллан ыйаммыттар, оҥоһуктара ууруллубуттар, сэдэх экспонаттар эбиллибиттэр. Өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр дьоно түмэл үлэтин сэргээн, тус архыыптарын, туттар малларын бэлэхтээбиттэр. Манна баар Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы ньиэмэс саллаатын суумкатын улахан музейдар көрдүү сатаабыттар. Октябрина Прокопьевна, музей биир да бүддьүөт харчытын ороскуоттаабакка, Сиэйэ нэһилиэгин олохтоохторо бары түмсэн тэрийбиттэрэ. «Эргэ икки кыбартыыралаах дьиэни көтүрэн аҕалан тутан, көрдүүр экспонаттарбын биэрэннэр тэрийбиппит. Ис уруһуйун олохтоох, туох да уруһуй үөрэҕэ суох нэһилиэк олохтооҕо уруһуйдаан биэрбитэ”, — диэн Октябрина Прокопьевна астына кэпсиир. Инники былааҥҥа өссө биир эмэ эргэ дьиэни аҕалан тутан, түмэлин кэҥэтэр баҕа санаалаах. Аттыгар хатырык муосталаах, сыһыары хотоннооҕун таһынан, кыыс хаппахчылаах балаҕанынан, былыргылыы тиит титиригинэн күрүөлээн эбии ситэрэн биэрбит. Түмэлин үлэтинэн эрэ буолбакка, Прокопьевна флористиканан дьарыктанан, хоруоҥканан араас кэрэ сибэккилэри, киэргэллэри оҥорон түмэлин иһин кэрэ көстүүнэн симиир. Оҕолору мунньан араас минньигэс ас суутун холбоон, бэртээхэй панно оҥорон, музей биир эркинин симээн турар. Түмэлгэ киирэн Сиэйэ олохтоохторун туһунан, туох дьарыктаахтарын, хантан төрүттээхтэрин билиэххэ сөп. Түмэл ол курдук дириҥ силистээхтик оҥоһуллубут, өссө да тупсуо турдаҕа.
Бу күн «Үрүччэ» түмсүү кыттыылаахтара Клавдия Максимова-Сайыына кууруһугар үөрэнэн, 30 сыл ол үөрэхпитинэн үүнэн-сайдан, доруобуйаҕа сыһыаннаах бэсиэдэ оҥордубут. Сиэйэттэн төрүттээх Мотрена Иванова уруһуйдарын көрдөрдө, хайдах уруһуйдаабытын кэпсээтэ, баҕалаах дьону көрөн-истэн, сүбэ-ама биэрдэ. Сиэйэ оскуолатыгар үөрэммит Варшавянка Егорова сүр күрүө туһунан кэпсээтэ, кэмнээн, хайдах улаатыннарары көрдөрдө. Мария Романовна араас сир аһыттан, оттон- мастан хайдах утах оҥоһулларын билиһиннэрдэ, утаҕынан күндүлээтэ. Клавдия Ильинична-Сайыына оҥорбут буклетын, кинигэлэри бэлэх ууннубут.
Көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Арсен Семенов, кулууп дириэктэрэ Мария Ефимова кыттыыны ылан, бэсиэдэни сэргээбиттэрин биллэрдилэр, саҥа тахсыбыт кинигэни, харысхалы бэлэхтээтилэр.
Истиҥ көрсүһүүнү тэрийбит түмэл хаһаайкатыгар Октябрина Прокопьевнаҕа, сэргээн кэлэн истибит нэһилиэк олохтоохторугар барҕа махталбытын тириэрдэбит. Туох да дьаҥҥа ылларбат кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ үрдүк ситиһиини, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх олоҕу баҕарабыт. Ылсыбыккыт ыпсан, туппуккут тупсан, санаабыккыт сатанан, ситиһии сиэттиһэ, табыллыы тайана турдун диэн алгыс баһын сыалыыбыт!
Розалия СИДОРОВА- ЫМЫЫЧААНА,
«Үрүччэ» түмсүү салайааччыта.