Илимниирим баараҕай тутуулара. Урут уонна билигин

Киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута

Төрөппүт ийэтин кэриэтэ

Киһиэхэ олоҕор бэриллибит сирэ – төрөөбүт дойду. Төрөөбүт дойдуну харыстыыр, ытыктыыр биһиги бастакы хардыыбыт буолар. Төрөөбүт төрүт буоргун ис-искиттэн сөбүлүүр буоллаххына эрэ, ийэ дойдуга бэриниилээх буолаҕын диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьиэҥ тэлгэһэтигэр төрөппүт дьоҥҥун кытта ону-маны кэпсэтэ, оҕолордуун атах сыгынньах күөх окко хаама, дуоһуйа сынньанар, ыраас салгынын тыынар, эчи үчүгэйин! Биһиги эдэр көлүөнэ урут олорон ааспыт өбүгэлэрбитигэр, биир дойдулаахтарбытыгар төрөөбүт дойдубутун Илимниири сайыннаран, араас тутуулары тутан хаалларбыттарыгар махтаныах тустаахпыт.

Үhүйээннэр кэпсииллэринэн билиҥҥи Илимниир сиригэр түҥ былыр туматтар тарҕанан олорбуттар. Кинилэри сахалар кэлэн сэриилээн кырган кэбиспиттэр, өлүктэрин Кырамда күөлүгэр тимирдибиттэр диэн кэпсииллэрэ. Ол дьон уҥуохтара хойукка диэри күөлтэн тахсара үhү, онон «Кырамталаах күөл» диэн ааттанар буолбут, кэлин кылгатан «Кырамда» диэн ааттыыр буолбуттар.

Кырамда туhунан Багдарыын Сүлбэ суруйуута оройуон хаhыатыгар 1981 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт:

“Кырамда күөл туһунан кылгастык манныгы билэллэр. Бэрт былыр ити сүрдээх кэтит, уһун күөл эбитэ үһү. Онтон, муҥхалаатахтарына, балыктаатахтарына, киһи кырамдата тахсыһар үһү. Ол иһин Кырамда күөлэ диэн ааттаабыттар. Онон урут ити күөл үрдүгэр кыһын былыргы дьон кыргыспыттар диэн этэллэр,”  диэн суруйбута.

Нэһилиэк олохтоохторо маннык сэһэргииллэр

Нэһилиэк аҕам саастаах кырдьаҕаһа Трофим Гаврильевич Федоров маннык диэн кэпсиир: «Мин механигынан үлэлээбитим. Ол кэмнэргэ саҥа хотоннор тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Сүөһү иитиитигэр үлэ күүскэ барара. Ол кэмҥэ ыанньыксыттар элбэх үүтү ыаннар, Москваҕа сынньанан кэлбиттэрэ. Үлэни өрө тутан Сунтаар оройуонугар биһиги ыанньыксыттарбыт ааттара элбэхтик ааттаммыта»

Норуот маастара уонна урукку кэмнэргэ оскуола музейыгар үлэлээбит Могусова Раиса Егоровна: «Мин Хадантан көһөн кэлэн баран Илимниир оскуолатыгар түмэлигэр салайааччытынан үлэлээбитим. Бастакы түмэли Спиров Илья Васильевич салайан оскуола аһан үлэлэппитэ. Онно элбэх үлэ ыытыллыбыта. Хомойуох иһин, мусуой хоһо сабыллыбыта. Ону үлэни хос сөргүтэн, Илимниир оскуолатын саха тылын уонна литературатын, ССНК учуутала Яковлева А.Е. салайан астаран үлэлэтиэхтээх»

Урукку кэмнэргэ нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, нэһилиэги салайан олорбут  Ероскумов Прокопий Трофимович: «Мин 1990 с. нэһилиэк баһылыгынан ананан үлэлээбитим. Нэһилиэккэ элбэх тутуу барбыта. Ол курдук, уопсай баанньык, бэкээринэ, уопсай гараас үлэҕэ киирбитэ. Биир тутаах үлэнэн сайылыктан уопсай дьиэлэри көһөрөн учууталлар, исписэлиистэр олорор дьиэлэрэ тутуллубута. Ол курдук, «Олорор сир уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан 2 этээстээх 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан 2021с. аанын аспыта. Мин үлэлиир кэммэр нэһилиэккэ сайыҥҥы кэмҥэ водопровод киириитин туруорсаммын ситэриллэн, саҥардыллан олоххо киирэн билигин үлэлии турар»

Илимниирим историческай миэстэлэрэ

Сабытар —  былыргы сир. Итиннэ элбэх ыал олорбут. Мөкумээнэптэр игин.

Кырамда — урукку аата «Эбэ» диэн. Былыр итиннэ ох саанан сэриилэспиттэр. Кыл муҥханан муҥхалаатахтарына киһи төбөтүн уҥуоҕа тахсыбыт. Ол иһин итинник ааттаммыт.

Үс Көлүйэ — хойут ааттаммыт сир. Көлүйэлэрин ахсаанынан буолуон сөп.

Тыымпы — уруккуттан баар. Урут ходуһа, оттонор сир этэ. Ити күөлгэ соҕотох оҕонньор олоро сылдьыбыт.

Саҥа Күөл- урукку сир, бөһүөлэк этэ. «Молотов» холкуос баар эбит итиннэ. Билигин Васильевтар оттууллар. Бүгүйэххэ бордоҥнор оттуур сирдэрэ.

Илимниир — күөл. Бу олорор сирбит. Халаан кэнниттэн оҥхой сиргэ уу хаалан үөскээбит күөл. Онон ааттаммыт.

Күндүл — өрдөөҕү сир. Араҥас баар дииллэр кырдьаҕастар. Олболоон уурбуттар этэ, бүтүннүү муох буолбут этэ дииллэр.

Сулакы — эбээн тыла буолуон сөп. Итиннэ өтөх баар.

Ураһалаах — Маар үрдүнэн баар, түҥ тыа. Ким да олорботох. Былыр баҕар ураһаланан олорбуттарын иһин итинник ааттаммыт буолуон сөп.

Детдом — дьиҥнээх аата «Мара» диэн. 1945-1946 сс. детдом буолбута. Мараҕа урут ыаллар олорбуттар. Быччаххай (сэллик ыарыыта) буолбут оҕолор сыппыттар. Онно көмүллүбүт элбэх. 40 үлэһиттээх үһү бу оҕо дьиэтэ. Элбэх киһи үлэлээн ааспыт сирэ.

                           Илимниирим баараҕай тутуулара

                         Урукку сыллар тутуулара

Икки этээстээх ампаар

 

Икки этээстээх ампаар туһунан этэр буоллахха, 1948 с. ларек тэриллибит итиннэ. Онно атыыһытынан Попов Василий Иннокентьевич үлэлээбит. Аан маҥнай «Төгүрүк дьиэ» диэн ааттааҕа. Сыччыырдаах атыыһыт ампаара дьиҥнээҕэ. Ити билигин турар кыра дьиэ уонна ампаара Сыччыырдаах гиэнэ. Сыччыырдаах атыыһыт 1906 с. өлбүт. Илимниир ытык кырдьаҕаһа, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Васильев Михаил Алексеевич  Илимнииргэ турар икки этээстээх ампаар туһунан маннык ахтыбыта баар: «Сыччыырдаах атыыһыт диэн киһи олоро сылдьыбыт. Ити ампаар кини бас билиитэ. 130 сыллаҕы тутуу. Японияны кытта эргиэнсибит ампаар. Аллараа этээһэ – эт-арыы ханаала. Үөһээ этээһэ – күндү түүлээх ханаала. Ити дьиэни хамначчыттарынан туттарбыт. Улахан баай киһи. Сэбиэскэй былаас сылларыттан конфискациялаабыттара. Баайдартан баайдарын былдьаан ылбыттар. Онтон ампаарын маҕаһыыннарга ыскылаат гыныҥ диэн биэрбиттэр. Ис тутуута ити көстөрүн курдук. Таһыгар турар күөл диэки ыскылаат Японияттан кэлбит таһаҕас турбут сирэ. Тутуу, түүлээх барыта турбута. Сыччыырдаах атыыһыт Лэкиэсэ улахан уола. Японияҕа тиийэ тахсыбыт улахан гильдиялаах атыыһыт. Саха сирин күндү түүлээҕэ барыта уурулла сыппыта. Ити ампаар улахан, киэҥ.  Ким да кэмнээн көрбөтөх. Мин ити ампаарга 1971 сылтан 16 сыл атыыһыттаабытым. Маҕаһыыны оҕолоругар игин хаалларбатахтар. Сыччыырдаах бэйэтэ манна көмүллэ сытар. Поповтар төрүттэрэ.  Баайдарын маҕаһыын аайы, норуокка ыһан туттарбыттар. Миэтэрэбэй табаар, чэй, курупчаакы бурдук бары бара үһү». Сыччыырдаах атыыһыт суох буолтун кэннэ уола Суон Уйбаан диэн киһи атыһьыттаан сылдьыбыт эрээри,  сүрэҕинэн өлбүт. Атыыһыт үстэ кэргэннэммит.

Илимнииргэ 40-с сылларга миэлиҥсэ (мельница) улэлээбит. Бу бокуонньук Суон Уйбаан гиэнэ эбитэ үһү.

Попов Григорий Егорович – Чоҥхоох атыыһыт (1855-1923сс.). Бу Попов Егор Егорович бииргэ төрөөбүт убайа. Илимниир абаҕатыгар – «Нуучча сурда» диэн сиргэ дьиэ-уот, ыскылаат, лааппы  туттан олохсуйбут. Бу сири «Чоҥхоох бириистэнэ» дииллэр эбит. Билигин бу сир «Бириистэн» диэнинэн биллэр. Чоҥхоох атыыһыт үксүн этинэн, арыынан, түүлээҕинэн эргинэр эбит. Сайын аайы Дьокуускайтан борохуотунан таҥас-сап, чэй,табах, саахар, курупчаакы бурдук аҕалар эбит.

Билиҥҥи кэм тутуулара

Төрөөбүт дойдум Илимниирим сыл ахсын тупсан-киэркэйэн иһэр. Нэһилиэкпэр киһи олорор элбэх киһи олорор. Эдэр ыал сөбүлээн олохсуйар. Элбэх саҥа дьиэ тутулунна.

Бастакы саамай улахан тутуу – култуурунай-спортивнай комплекс (КСК)  «Дьулуур»

«Дьулуур» КСК

Дириэктэринэн Петров Дмитрий Дмитриевич үлэлиир. КСК саҥа технологиянан тутуллубут 2 этээстээх арочнай тутуу буолар. Аллараа этээскэ спортивнай уонна кэнсиэртиир саалалаах. Манна физкультура уруоктара, улуус спортивнай күрэхтэһиилэрэ, ол курдук оскуола оҕолоругар улуустааҕы биатлон күрэҕэ, улуустааҕы нэһилиэк эдэр ыччаттарын спортивнай күрэхтэрэ ыытыллыбыттара. Маннык киэҥ-куоҥ КСК оҕолор, эдэр ыччат, нэһилиэк дьоно эттэрин-хааннарын эрчимнээхтик эрчиллэн сайыннахтарына, биһиги Илимниирбититтэн элбэх спортсмен уонна успуорду сэҥээрэр ыччат дьон тахсыахтара дии саныыбын.

Иккис улахан баараҕай тутуунан буолар – 2 этээстээх 8 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах таас дьиэ буолар. Бу таас дьиэҕэ нэһилиэк эдэр үлэһиттэрэ олороллор. Таас дьиэ нэһилиэкпит ортотугар турар. Дьиэ олус сылаас, киэҥ-куоҥ, сырдык.

Үһүс улахан тутуу – Тыа хаһаайыстыбатын чэрчитинэн тутуллубут «Татыйыына» пиирмэ ынаҕы иитэр «Ил-Тосхол» хотоно буолар. Салайааччы — Герасимова Нина Прокопьевна. Хотон саҥа аныгылыы технологиянан тутуллубут тутуу буолар. Нэһилиэкпититтэн элбэх дьон манна үлэлээн хамнастанан олорор.

«Ил-Тосхол» хотоно

Төрдүс улахан тутуу – оҕо сынньанар былаһаакката. Нэһилиэк киһитин, оҕотун ахсаана элбээн иһэр. Оскуолаҕа, уһуйааҥҥа элбэх оҕо үөрэнэр-иитиллэр. Нэһилиэк олохтоохторо туруорсаннар, кырачааннарга анаан сынньанар, оонньуур былаһаакка тутуллан оҕо-аймах олус диэн үөрдүбүт.

Нэһилиэкпит сылтан сыл аайы киһитин ахсаана, саҥа ыаллар, саҥа үлэһиттэр, саҥа тутуулар элбээн иһэриттэн үөрэбит. Урут да , билигин да элбэх тутуулаах, баай историялаах нэһилиэктээхпинэн киэн туттабын. Аныгы ирдэбилинэн тутуллубут Илимниирим баараҕай тутууларын туттарбыт нэһилиэкпит а баһылыгар Ипатий Иннокентьевичка күүскэ махтанабын. Маныаха нэһилиэк олохтоохторун сэмэй кылааттара эмиэ баар.

Киһи олоҕун устатыгар туох эрэ үтүөнү, кэрэни айбыта, оҥорбута-туппута суола-ииһэ суох хаалбат. Кинилэр  үлэлээн хаалларбыт үлэлэрэ, туһалаабыт туһалара историяҕа үйэттэн-үйэҕэ хаалан иһэр. Онон эдэр үүнэр көлүөнэ ыччата нэһилиэгин ытык дьонун үтүө холобурдарынан киэн туттуох эрэ тустаах.

 

Васильева Алиса-Күн Чөмчүүк, Илимниир оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

Читайте дальше