«Илии сылааһа» диэн ааттаан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас-сап тигиигэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3-с төгүлүн ыытыллар күрэх бүгүҥҥүттэн саҕаланна. Бу күрэҕи Дьокуускай куоракка үлэлиир иистэнэр сыах көҕүлээн тэрийэн ыытар. Манна Сунтаар улууһуттан барыта 8 хамаанда кыттар. Олортон Кэмпэндээйигэ 2 хамаанда тэриллэн «Эр хоһуун» диэн ааттаах таҥас кэмпилиэгин тигэн саҕалаатылар. Бастакы «Туус Кэнэли» хамаанданы Вера Семенова, иккис «Кэрэ кэм» хамаанданы Александра Герасимова салайаллар. Нэһилиэкпит талба талааннаах, иистэнэр Далбар хотуттара бу бачыымы өйөөн, ис санааларыттан турунан туран саҕалаатылар. Барыта 6 кэмпилиэк тигиллиэхтээх, биир кэмпилиэккэ ис таҥаһыттан халыҥ сонугар диэри 11 суол танас арааһа киирэр. 5 күн иһигэр бу үлэ түмүктэнэн улуустан хомуйуллан барыахтаах.

«Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр, бу күрэх үтүө түмүктээх буоллун, уолаттарбыт этэҥҥэ кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэллиннэр» диэн Кэмпэндээйи истиҥ ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ баҕа санааларын тиэрдэллэр.

Татьяна МЕСТНИКОВА

Видео Кэмпэндээйитээҕи олохтоох бибилэтиэкэ сайтыттан

Читайте дальше