Дьокуускайга дуобакка Бүтүн Арассыыйатааҕы Ил Дархан Кубога буолан ааста. Турнирга Арассыыйа 32 инники күөҥҥэ сылдьар дуобаччытын сэргэ оҕолор, бэтэрээннэр уонна 1 разрядтаах оонньооччулар туһунан күрэхтэстилэр.
Биһиги улууспутуттан Н. М. Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин иитиллээччилэрэ Григорьева Айыына, Григорьев Күндүмэн уонна Петрова Амелия дуобат «күннүүр» бырааһынньык курдук кэрэ, ураты тэрээһиннээх күрэхтэһиитигэр кыттан, өттүк харалаах үөрэн-көтөн кэллилэр.
Күндүмэн, Амелия бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр ортоку миэстэлэри ылан, наһаа куһаҕана суох көрдөрүүлээхтэр. Түргэн оонньууга Күндүмэн 46 оҕоттон 9-с миэстэни ылла.
Үгэс буолбут гроссмейстердар биэрэр «шоколаднай» сеанстарыгар ытыннылар. Манна Амелия гроссмейстеры хотон, дуобат дуоскатын бэлэх ылла.
ОПЕН турнирга кыттыбыт Григорьева Айыына үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсан, боруонса мэтээли ылла.
Маннык үчүгэй күрэхтэһиигэ аҥаардас кыттыы да оҕолорго үгүс үөрүүнү аҕалара мэлдьэх буолбатах, үйэ тухары үтүө өйдөбүлү, оонньууга уопуту биэрэрин сэргэ, өссө үрдүк кирбиилэргэ, ситиһиилэргэ кынаттыыр.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.